Page 128 - Иван Мигалкин Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар
P. 128

Софрон  Петрович  төрөебүт  норуотун  олоҕун-дьаһаҕын,
         биллэр  дьонун-сэргэтин,  дойдутун  сайдыытын,  искусство-
         тын,  литературатын  туһунан  тугу  санаабыта  түмүллэн
         оҥоһуллубут,  быйылгы  1995  сыл  сайыныгар  бэчээттэнэн
         тахсыбыт “Санаам туймуулара” диэн кэпсээннэрин, бэлиэ-
         тээһиннэрин,  ойуулааһыннарын  кинигэтин  олус  таттаран,
         умсугуйан  туран  аахтым.
            Манна  кини  төрөөбүтэ  70  сааһын  бэлиэтиир  юбилейын
         киэһэтигэр  эппит  “Дьоллоох  буолуҥ,  бар-дьонум!”  этиитэ
         баар:
            “Саха  дьоно былыр-былыргыттан араас  биис  уустарын,
         араас  омуктары  барыларын  кытта  куруутун  бииргэ  сүбэ-
         лэрин  холбоон,  бииргэ  үлэлээн-хамсаан,  атастаһан-доҕор-
         доһон,  иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара.  Күүһүнэн-кыа-
         ҕынан  күрэстэһиигэ  кыайан  буолбатах,  муударай  өйүнэн,
         дьүккүөрдээх үлэтинэн, холооннооҕо суох тулуурунан, үтүө
         майгытынан  бары  хара  дьайдары  киэр  хаһыйан,  бары
         буомнары-моһоллору  туораан,  саха  норуота  бу  бүгүҥҥү
         күҥҥэ  тиийэн  кэлбитэ.  Аҥардас  айыы  санаатынан,  аҥар-
         дас  күн  өйүнэн,  аҥардас  хорсун  үлэтинэн!
            ...  Бу  орто  дойдуга  соҕотох  киһи  дьоло  диэн  суох.  Баар
         да  буоллаҕына,  ол  бэрт  дубук,  киһи  соччо  умсугуйбат
         дьоло буолуохтаах. Киһи чугастааҕылара,  тулалыыр дьон-
         норо,  ону  ааһан  бүтүн  төрөөбүт  норуота  бука  бары  дьол-
         лоох буоллахтарына эрэ, толору дьоллонуон сөп. Ити “дьол”
         диэн  тыл  билиҥҥи  кэмҥэ,  баҕар,  соччо  дьүөрэтэ  суохтук
         иһиллиэн сөп. Оттон мин бу киэһэ ити тылы өһөстүк хаты-
         лыахпын  саныыбын.  Тоҕо  диэтэххэ,  олоҕум  устатын  туха-
         ры  мин  ырам  чаҕылыйар  саха  норуотун,  Саха  сирин  дьо-
         ло-соргута  этэ.  Ол  иһин  мин  билигин  миигин  истэр  да,
         истибэт  да  дьоҥҥо  бука  барыларыгар  туһаайан  эдэрсин
         эрдэхпинэ биир кинигэбин ааттаабыт тылларбын хатылаан
         этиэхпин  баҕарабын:  “Дьоллоох  буолуҥ,  бар-дьонум!”
            Бүтүн  саха  норуотун  бары  хомолтотун  сүрэҕэр-быары-
         гар  дириҥник  ылынан  хомолто  гынан,  оттон  үөрүүлээх
         чаастарын  үс  төгүл үрдэтэн,  кыһалҕалаах  күннэрин тэҥи-
         нэн үллэстэн олох олорбут Софрон Даниловка  саха киһитэ
         баарын  тухары  махтал  истиҥ  тылларын  аныаҕа!
                                    *  * *

            Горнай  улууһугар  үс  төгүл:  1993  сыл  тохсунньу  уонна
         балаҕан  ыйдарыгар,  итиэннэ  1994  сыл  кулун  тутар  ыйы-
          гар сырыттым. Улууска баар дэриэбинэни барытын көрдүм,
          кини олохтоохторун кытта  ирэ-хоро сэһэргэстим. Сэһэргэ-
          һиилэрим  барыта  убайдыы-бырааттыы  Семен  уонна  Со-
         <?*■-                      124
   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133