Page 63 - Иван Мигалкин Күн таммаҕын ыһыспыт дьылҕалар
P. 63

Анатолий олус үөрэн,  сырдаан көрсүбүтэ. Гражданка аһын
       ахтыбыта  сүрдээх быһыылааҕа. Тиийиэхпит аҕыйах хонук
       иннинэ  маннайгы  хаар  түһэн  үллүктээн  баран  ууллубута,
       онон  ахтылҕаннаах  хаарбыт туһунан  үтүө  өйдөбүл  дууһа-
       бытыгар  чугас  баара.  Оттон  Анатолий  “Хаар  түһэр”  диэн
       наһаа  үчүгэй  хоһооннооҕо:
                          Манна,
                          Москва  таһыгар,
                     үрүн  көмүс  хаар  түһэр...
                     Ырыаһыт сүрэҕим
                     күүтэр  санаабар
                     кыраһа  устун
                     сурук  суруйар.
                     Дорообо,
                     Дойдум
                           сылаас илдьитэ —
                     дьоһун  сонун  —
                                   маннайгы хаар!
                     Эн  үрүҥ  сурукчай  буоланҥын
                     Хотуттан
                              бу тиийэн кэллэҕиҥ,
                     сүүһүнэн  көс  айантан  сылайан
                     сэһэргии
                             наҕыллык
                                      түһэҕин...
         Улахан поэт сиэринэн Семен Петрович хас биирдии эдэр
       поэкка  болҕомтолоохтук  сыһыаннаһара.  Кинилэр  саҥа  хо-
       һооннорун өрүү сэргээн истэрэ. Хоһоон ааҕыллан бүттэҕи-
       нэ,  бэйэтин  санаатын  хайаан  да  этэрэ.  Истиҥ  сыанабыл
       оҥороро.
         Байыаннай  гарнизон  быыкаайык  КПП  хоһун  биһиги
       поэтическай  салон  оҥорон,  Анатолийдыын  хардарыта  Се-
       мен Петровичка саҥа хоһооннорбутун аахпыппыт. “Төрөөбүт
       күммэр”  диэн  Анатолий  саҥа  хоһоонун  сөбүлүү  истибип-
       пит:
                     Олох  эҥсиллэр  өрүһүн
                     өргөстөөх баалларыгар
                     сүүрбэ сэттэлээх сааһым
                     уһаарыллан  эрдэҕин.

                     О,  кэнэҕэс  кэлиэхтээх
                     төрөөбүт күннэрим,
                     эмиэ ааһыаххыт турдаҕа...
                     Хонуктар  буолбатах,
                        сыллар
      е*.                         59
   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67   68