Page 192 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 192

ол  сөп.  Үчүгэй  кинигэни  эккирэтии,  үчүгэйи  булан  ааҕыы.  Онтон
         дьоллонуу... Билигин саамай кыһыйарым диэн: биирдэ да уопсай
         хаартыскаҕа  түспэккэ  хаалбыппыт.  Куруук  эдэр,  куруук  бииргэ
         сылдьыах курдук.
           — Кэлин күөрэйиэхпит диэн саныыр этигит дуо?
           — Хаһан  эрэ  күөрэйиэхпит  диэн  испитигэр  эрэнэр  этибит.
         Тоҕо  диэтэххэ,  аан  дойду  литературатыгар  ити  баар.  Мандель­
         штам,  Ахматова,  Цветаева  төһөлөөх  үүрүүгэ-үтүрүйүүгэ  сыл-
         дьыбыттарай?  Биһиги  эмиэ  хаһан  эрэ  биһиги  кэммит  кэлиэ дии
         саныырбыт.  Биһигини дьон ааҕар,  өйдүүр буолуохтара диэн.  Ол
         эппиппит  кэллэ,  Эппит  дьонум  бары  күөрэйдилэр.  Сорохторо
         өлөн  баран,  сорохторо  кырдьар саастарыгар.  Мин тус бэйэм  би-
         риэмэбин аһыйабын, төһөлөөҕү үлэлиэҕим, тугу суруйуоҕум таах
         хаалбыта буолуой диэн.
           — Василий  Саввин уонна  Варя  Потапова  сыһыаннарын  Ҕи-
         лэ$ин дуо?
           — Олох үчүгэйдик билэбин.  Баһылай биир дойдулааҕым,  аан
         бастаан  тахсарбар  биир  өйөөбүт  киһим  кини.  1972  сыллаахха
         педучилищеҕа  үөрэнэ сылдьан  18-таах уол оройуон хаһыатыгар
         тиийбитим, хоһооннорбун таһаараҕыт дуо диэн. Онно Кривошап-
         кин  Николай  Ильич  диэн  редактор  Баһылай  Саабыны  билиһин-
         нэрбитэ.  «Поэт  бу  баар.  Көрүө»,  —  диэн.  Мин  дьиэбэр  сүүрэн
        тиийэн  көрдөөн,  хоһооннорбун  талан  кэлбитим,  киһим  түннүккэ
         кэтэһэн турар эбит.  «Тоҕо хойутаатыҥ?» — диэтэ.  Мин: «Хоһоон-
         норбун  көрдүү  сырыттым», — диибин.  «Чэ,  аҕал»,  — диэн  баран,
        уонча  хонук  иһинэн  биир  балаһаны  таһаара  охсон  кэбистэ.  Оччо-
        тооҕуга  итинник  балаһанан  тахсыы  —  сэдэх.  Киһини  сүрдээҕин
         кынаттыыр.
           Варя  буоллаҕына  боростуой,  көнө  баҕайы  майгылаах,  бэйэ-
        тин  кыаҕын  билинэрэ  бэрт  быһыылаах  —  наар  малтаччы  этэр
        үгэстээҕэ.  Онтон билбэт киһи өһүргэниэн да  сел  курдуга.  Иккиэн
        дьиҥнээх  айылҕаларынан  олорбут дьон.  Хоһоонноругар  суолта
        биэрбэттэрэ. Түбэһиэх лииһи ылан суруйан күлүмнэтэн  кэбиһэл-
        лэрэ.  Ханна  эрэ  ыскаапка  угаллар,  тардарга  анньаллар.  Онтон
        сороҕо  сүтэр,  сороҕо  көстөр.  Бэйэлэрин  кэмнэригэр  талааннаах
        дьон  этилэр.  Ол  иһин  ордугурҕааһын да  баар  быһыылаах,  орто
        баайыылаах  суруйааччылар  өттүлэриттэн.  Наар  куһаҕаннарын
        кэпсииллэр.
           1978 сыллаахха  Варя  өлбүтүн аармыйаҕа  сырыттахпына  Ни­
        колай Габышев суруйбута:  «Варя суох буолла», — диэн. Саамай
        улахан хомолтом ол этэ. Уонна Сэмэн Данилов өлбүтүгэр.
        188
   187   188   189   190   191   192   193   194   195   196   197