Page 210 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 210

Өксөкүлээҕи:  «Норуот  киһитэ,  норуотун  туһугар  олорбу-
        та, онон норуокка наада буоллаҕына өрө таһаарыахтара, наа-
        дата  суох  буоллаҕына  көмүөхтэрэ.  Ол  эрээри,  хаһан  Д   ум-
                                                            а
        нума  кини  —  эн  эһэҥ  буоларын!»  —  диэбитэ.  УлуУ  дьон
        олоҕунан «чэпчэки авторитет» ылаары араастаан саҥарар дьон
        баар  буоллахтарына:  «Оо,  эмиэ  Өксөкүлээх  толунньаҥын
        уҥуоҕун ьшаннар талбаатанан эрэллэр», — диэн сонньуйара.
           Аҕам саамай ыар кэмигэр дурдата-хаххата, көмөлөһер исти-
        энэтэ ийэм буолбута. Аҕам туора дьонтго көрдөрбөт ыар сүгэ-
        һэрин  кини  эрэ  тэҥҥэ  үллэстибитэ.  Сороҕор  кэлэн  төбөтүн
        оһоххо ититэ-ититэ айакалыыр этэ, эбэтэр ыалдьан охтон сир-
        гэ  төкүнүйэ  сылдьааччы,  диэн  ахтар  ийэм.  Дьонун  барытын
        сүтэрэн баран, балтын көмөллөрүгэр, өйө суох, былаат курдук
        сытар уол хаалбыта үһү. Дьон: «Бу оҕо эмиэ уһаабат буолла»,
        —  диэбитгэрин  кэннитгэн  тыьпшаах  хаалбыт.  Онон  сүрдээх
        ыарыһах киһи ийэбит кыһамньытьшан аҕыс уончатьҥар тиий-
        дэҕэ.  Бэйэтэ  доруобуйатыгар  эмиэ  олус  эппиэтинэстээхтик
        сыһыаннаһара.  Эмп  иһэр  буоллаҕьша,  сүрдээх  аккуратнайдык,
        бириэмэтигэр лоп курдук иһээччи. Хайаан да, сарсыарда сэрэ-
        эккэлээн баран тымҥыы уунан душтанар, тииһин наһаа хары-
        стьшр, киэһэ-сарсыарда тииһин хайаан да суунара уонна тиис
        куһаҕаныттан элбэх араас ыарьш буолуохха сөп диирэ. Биһи-
        гини  онно  эмиэ  үөрэппитэ.  Бэйэ  бодотун  өрө  тардыммакка
        эрэ остуолга олорбот этэ, хайаан да бириэйдэнэн, одеколонна-
        нан, ырбаахытын бары тимэҕин тимэхтэнэн баран биирдэ аһыы
        кэлэрэ.  Балтым  Таня  биһиккини  күһүн  тымныйан  эрдэҕинэ:
        «Тахсан душтаныҥ» диир, биһиги тахсан сирэйбитин эрэ или-
        тэбит «ычча да ычча» диибит, онуоха биһигини күлүү гьшар.
        «Сүрдээх дьоншуг, в здоровом теле здоровый дух», —■ дии-дии
        күлэ олороро бу баар курдук.
           Аҕам  суох  буолбутун  кэннэ,  эрдэтээҥҥи  дневнигиттэн
        1943  сыллаахха  ыам  ыйын  30  күнүгэр  суруллубут  хоһоон
        булан  аахтым.  Күн  сириттэн  барыан  оруобуна  үйэ  аҥаарын
        иннинэ  «Иинтгэ  киирэн  эрэбин»  диэн  наһаа  ыар,  курус  тыл-
        лардаах,  киһи  этэ  тардар  хоһоонун  суруйбут  эбит.  Бу  эмиэ
        ылбычча  өйдөммөт,  кини  айылҕатын  кистэлэҥэ  аҕабын
        өйдүүргэ көмө буолуо дии саныыбын.
           Дьэ,  мин  аҕам  ити  курдук  дьиҥнээх  айылҕаттан  айда-
        рыылаах  учуутал,  суруйааччы,  саха  норуотун  бастыҥ  холо-
        бурун  бэйэтигэр  иҥэринэн  илдьэ  сылдьыбыт  айылҕа  мааны-
        лаах  оҕото  улахан  айдаана-дарбаапа  суох,  бэйэтинэн
        өртөйбөккө  эрэ  дьиҥ-чахчы  эдэр  көлүөнэ,  оҕо  иннигэр  үлэ-
        лээбит, олорбут киһи.


        208
   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214   215