Page 642 - 2-с Легей нэьилиэгэ
P. 642

-с пегой_ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _ _



        аймахтарын, теруттэрин-уустарын, ким-кимиэхэ ханан уруу-аймах буолалларын ба­
        рытын билэн, ейугэр тута сылдьар курдуга. Ол дьон кимнээх ыччаттара, сыдьаан-
         нара буолалларын, билигин сорохторо ханна тиийэн олохсуйан, кимнээх, хайдах
        дьон уруулара-аймахтара буолан олороллорун ейугэр батаран илдьэ сылдьара,
        седумэр этэ. Ол кэпсиир дьоннорун дьоггно-сэргэдэ уопсай билиниллибит бэлиэ
        хаачыстыбаларын, туох кэпсээн н э киирбит онойууларын олус элбэди ейугэр хай­
        дах тута сылдьарын бэркийии седерум. Ити тугу истибитин, саайын тухары умнубат
        эбит буоллада. Кини итинник бэйэтин нэйилиэгин эрэ дьонун буолбакка, ону аайан
        чугастаады нэйилиэктэрин урукку дьонун-сэргэтин олоччу туерэрэ. Бородой дьо-
         нуттан да элбэди билэр быйыылаада, сорохторун олох былыргыга тиийэ анаарара.
           Суурбэйис уйэ иннинэ олоро сылдьыбыт былыргы дьонно итинник угэстээхтэр
        бааллара дииллэрэ. Аан бастаан билсэр кийилэрин урууларын-аймахтарын биирдээн-
        бичигилээн cypaha, теруттэрин-уустарын тергейе сатыыр идэлээхтэрэ. Кэлингги
        дьонтго, оннук Михаил Михайлович курдук ураты дьодурдаах кийи чугас эргининэн
        баарын билбэппин, былыр даданы дэьгнэ баар буолара буолуо.
            1958 с. I Легей Лысенко уонна II Легей Калинин аатынан холкуостара холбойол-
        лоругар, кыйыл бартыйаан Михаил Михайлович Заболоцкай аатын холкуоска инэ-
        рэргэ, Мэхээлэни ей укпута дииллэр этэ. Хайыаты аадара, араадьыйаны себулээн ис-
        тэрэ. Мэхээлэ эдьиийдэрин кытта хойукка диэри бейуелэккэ киирбэккэ, Сиггнибит
        алааска олорбуттара.
           Онно, биирдэ эмэ аара таарыйан кэпсэтээри, эбэтэр аныгы олох сиэринэн олоруу-
        ну билиммэт ураты кырдьадастары керуехтэрин бадалаахтар киирэн кэллэхтэринэ,
        сахалыы ойохторугар тадаанна чоду тардан, эмис эти хаарыйа охсон, мае остуолга
        сырылаппытынан ууран, етерунэн сууллубута биллибэт ыстакаанна хойуу, ууттээх
        чэйи кутаат, былдьайа-былдьайа ус еттугуттэн боппуруос бедену биэрэн, кэпеээн
        куе-дьаа буолаллара. Михаил септеех дойдохтойор кийи тубэстэдинэ, республика,
        дойду сонунугар тиийэ ыйытан-кэпеээн дьону сехтерере, кэрэхеэтэрэ. Оччотооду
        дьон «сир туннугэ» кийи диэн ааттыыллара.
           Михаил Сэбиэскэй былаайы (бассабыыктары буолуо) сахада атадастабыллаах,
        халабырдаах былаас диирэ. Бу былааска алын суйуех салалтатада улэлиир билэр
        дьонун — «аны учугэй еттугэр кеммет буолбут дьон» диирэ.

        2014 с.

                                Сергеев Андрей Петрович-Андаатар
                                           (1928-1983)

           Ондерей 1928 с.т. буолуо. Саайын тухары дьиэ-уот тэриммэтэх, сулумах сылдьы­
        быт кийи. Илии да баттаабат уерэдэ суох. Одо эрдэдиттэн холкуоска улэлииртэн
        атыны билбэтэдэ. Ол улэтигэр, тейе кууйэ-кыада тиийэринэн, бары саталынан-
        ньыматынан элбэди уонна хаачыстыбалаахтык он орорго дьуккуердээдэ. Сынньанар
        диэни билбэккэ мехсере. Ону тулуйар беде, куустээх эттээх-сииннээх, кыайыылаах-
        хотуулаах улэйит бэрдэ этэ.
           Холкуос хонуу ханнык бадарар ыарахан улэтин улэлиир турук улэйитэ буола­
        ра. Сопхуос буолбутун кэннэ, Тыама урэдин устун, Ойемгге етехтерге дьиэлэнэн,
        содотодун кыйыннары-сайыннары оттоон, келе сыардата бедену опорой, кыйынын
        тас улэйитинэн ананара. Сылгы базатыгар, барыта ыраах урэх эн ээр, улэйит дэби-
        гис себулэйэ охсон тахсан улэлээбэт сиригэр, бэрт кыахтаахтык, тайаарыылаахтык
        улэлээн сылдьыбыт эрэллээх туруу улэйит этэ. Сылгы айатыыта бэрт элбэх тубуктээх,
        туйугар эппиэтинэстээх улэ. Куруе-хайаа уларытан-тэлэритэн оноруу, от тиэйиитэ,
        дал ыраастаайына, сылгыны группанан араартыы сатаайын, айатыы, уулатыы — ба­
        рыта, ылыммыт улэйиккэ уталытыллыбат, булгуччулаах эбээйинэстэр.
            Ондурэй билэр, сатаан дьайанар уонна кыайыылаах улэйит буолан, кини ордук-
        хото туттарын эрэйии, киниэхэ ейенуу, сэлээннэнии да баар буолара дииллэрэ. Ол
        курдук: «Чэ, Ондурэй сылгыны айаппакка, далга тоггорбот ини» диэн, Тулунада

        640      IX туЬумэх
   637   638   639   640   641   642   643   644   645   646   647