Page 134 - Кун кууьар хайатыттан
P. 134

Бу киэһэ миэхэ бүтүн ый кэриҥэ уһуурга дылы гынна.
              Биһиги сүрдээх кистэлэҥ сүбэбитин дьон бары билэ охсуох
              курдук.
                 Сүрүн дьиэҕэ хоноһолор баар буоланнар хойут утуйдулар.
              Кинилэр аан диэки сыттылар. Ону мин дьоллоох тоҕоос кур­
              дук санаатым.
                 Ый киирэн эрэр. Тото аһаабыт хоноһолор утуйан хаһыҥы-
              распытынан бардылар. Мин тэбиэни кэдээҥҥэ сиэтэн киир-
              дим. Онно киллэрэн атаҕын кыаһылыы охсоот, кыыс дьиэ-
              тигэр ыстанным. Кини сээкэйин хомунан булумахтанан эрэр
              эбит. Эр киһилии таҥныбыт, кумааһынай курунан ыга тар-
              дыммыт.
                 — Халлаан сырдыы илигинэ бара охсуохха!
                 Боолдьоҕу уонна суорҕаннары илдьэн, тэбиэммин ыҥыыр-
              даан кэллим. Кыыс икки ыарахан хааһаҕы ылан баран, аан
              холуодатын кыайан таһаарбакка турдаҕына, мин ойон тиий-
              дим да, биир хааһаҕы кыайан көтөхпөтүм. Кыыһым күллэ.
              Иккиэн көмөлөөн, кэдээммитигэр арыычча тиэртибит. Тэ­
              биэни көрөөт, кыыс хаһыытыы түстэ:
                 — Оо, сүрүн! Букатын сатаан ыҥыырдаабатаххын дии.
              Төттөрү сыбыдахтыы оҕус.
                 Тэбиэммин төттөрү сыбыдахтаан кэбистим. Кыыс саҥа
              хааһахтары ыҥыырдан кэбистэ.
                 — Кыыһырбат буоллаххына, инники мин олоруум, эн са­
              таан салайыаҥ суоҕа, — диэбитинэн кини тэбиэни миинэн
              кэбистэ. Барааннар тыбыырбахтаан, туран тыыллаҥнаспы-
              тынан бардылар. Ити аата халлаан сырдыыра чугаһаабыт.
                 — Чэ, миинэ оҕус! — кыыс иҥэһэлин быалары баайталаа-
              бытын көрдөрдө.
                 — Хайа, үчүгэйдик олордуҥ дуо?»
                 — Олорон.
                 Сүрэҕим өрө мөҕүстэ. Сибилигин эккирэтэн, тутан ылыах-
              тара диэн куттанным. «Олордум» дииртэн атыны кыайан
              саҥарар күүс да суох буолла.
                 — Үчүгэйдик олор, куттаныма! — диэн миигин уоскута са-
              ҥарбытынан, тэбиэни кымньыылаан туруорда.
                 Мин ыҥыыртан эһиллэн хаала сыстым. Тэбиэммит туйах-
              тарын сиргэ тиэрдэрин дуу, салгынынан көтөн иһэрин дуу
              киһи сатаан быһаарбат да буолла. Сир эргичиҥнииргэ дылы.
              132
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139