Page 138 - Кун кууьар хайатыттан
P. 138

Бу сири мин хаһан эрэ көрбүт сирим курдук да, оччо чуол-
            кайдык эмиэ билбэппин.
               Тохтуу түһэн баран, кыыс эттэ:
               — Мумматарбыт эрэ үчүгэй буолуо этэ. Ол болооруйан
            кестер хайалар, бука, эһиэннэрэ буолуо, — уонна тэбиэни ол
            хайалар диэки салайда.
               Сарсыардаттан күн ортото буолуор диэри тохтообокко
            айаннааммыт, хайа арҕаһыгар таҕыстыбыт.
               Мин хаһыытыы түстүм:
               — Доҕоруом оҕотоо! Ол биһиги сайылыкпыт дии! Ол ик-
            кис хайалар дабааннарын анныгар хойуу тыаны, онтон өссө
            аллара хойуу хомуһу көрөҕүн дуо? Ити тыа саҕатыгар биһиги
            олохпут баар. Мин тутуллан барбыт сирим ол турар. Баҕар,
            биһиги дьиэбит-уоппут билигин да онно турара буолаарай?
               — Үтүө сонунуҥ туһугар бэйэбин эйиэхэ аныыбын. Ман-
            тан ыла өлүөхпэр диэри эн бас билиигэр киирэбин, — диэтэ
            кыыс.
               Дабаан үрдүгэр тахсарбытын кытта хонуу күөх баархатын
            үрдүгэр биһиги дьиэлэрбит, умса уурталаабыт таас кытыйалар
            курдук, туртайан көһүннүлэр. Мин үөрүүбэр хаһыытаатым.
               — Биһиги дойдубут!
               — Алҕаһаабат инигин?
               — Суох!
               Мин ун уоҕум босхо барда. Кини миигин одуулаһан баран,
            хараҕа уоттаммытынан эттэ:
               — Олус ыгылыйыма, доҕоччуок. Хараҥарбытын кэннэ тии-
            йиэххэ.
               Мин сөбүлэнним. Сотору биһиги сүлбэҕэ тиийдибит. Тэ-
            биэммитин тобуктатан баран, сирэйбитин сууннубут. Ыаллар-
            га оҕолор оонньуур айдааннара иһиллэр. Коза оҕолоро ийэ-
            лэрин ыҥыран мэҥирэһэн киэһээҥҥи чуумпуну аймыыллар.
            Сүрэҕим долгуйа мөхсөр, хараҕым уута хабарҕабын ыгар, түө-
            һүм үөрүүнэн туолар.
               — Аны мин букатын эйиэнэ буолабын, доҕоруом! — кини
            баттаҕын көннөрүннэ, миэхэ анаан аҕалбыт таҥаһын биэрдэ,
            бэйэтэ киэргэл таҥаһын таҥынна. Ый үүт тураан сырдыгар
            тунаарыйан көстөр нарын этэ-сиинэ миэхэ ордук кэрэтийэн
            көһүннэ. Мин урут таҥнан бараммын, кини төгүрүк сирэ-
            йиттэн сыллаан ыллым. Кини сибэкки курдук кэрэ сыта са-
            136
   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143