Page 132 - Кун кууьар хайатыттан
P. 132

сүрдээх баай этэ. Киһи бэйэтэ — дуолан буойун этэ. Халыы-
             бы бүтүннүү ылан баран, мин аҕам эбиитин Керкунан диэн
             ааттаах сүүрүк аты көрдөөбүтэ. Күтүөт атын биэрбэтэҕэ уон-
             на кыыһы күүспүнэн илдьиэм диэн сааммыта. Онуоха аҕам
             кыыһыран, кыыһы атын киһиэхэ биэрэн кэбиспитэ. Онтон
             улахан кыргыһыы буолан, элбэх дьон өлбүттэрэ. Күтүөт диэ-
             ки өттө хотторон, отут сүөһүнү уонна биир кулуту биэрэн
             туран, аҕабын кытта тупсубута, — мин ити курдук ыпсаран
             кэпсии сыттым.
                Сымыйалыырбын кыыс сэрэйдэ быһыылаах. Күлэн чачы-
             гыраан баран, ыйытта:
                — Эйигин кытта күрүөхпун баҕарабын. Эн миигин тап-
             тыыгын дуо? Миигин кыайан көмүскүөҥ дуо?
                Кулут буолан улааппыппыттан эбитэ дуу, эдэрим бэрт
             буолан дуу, кини тылыттан мин олус симиттэн хааллым. Ол
             эрээри көҥүл киһи буоларбын саныы түһээт, эр хааммын
             киллэрэммин, боччумнаахтык эттим:
                — Togo көмүскээбэт буолуомуй? Төһө да манна бөрө кыыл
             оҕотун курдук улааппытым иһин, мин да эр киһибин эбээт,
             мин да үтүө төрүттээх-уустаах киһи буолабын. Мин дьом-
             мор баайа, албан аата суох, кураанах илиибинэн төннүөхпүн
             баҕарбакка, манна хаайтаран сылдьабын.
                Кыыс өссө күүскэ күллэ. Мин чобуорхайа сатыырбын,
             көҥүлгэ күүскэ дьулуһарбын, кини бэркэ өйдөөтө.
                — Эн олус эдэргин буолан баран, хорсун сүрэхтээххин. Эн
             албан ааттаах, кэрэ киһи буолуоҥ. Ол эрээри билигин, ситэ
             быһаарыммакка эрэ, олус тиэтэйэҕин. Оннук буолбат дуо? —
             диэтэ кини.
                — Суох, мин барытын аттара санаан бараммын, кырдьык
             этэбин.
                — Чэ, хааллын, эн сымыйалыы сытаахтыыгын эбээт, —
             диэн баран, кини суорҕанын анныттан илиитин уунан сэҥи-
             йэбин ибигирэтгэ.
                Ону мин тулуйбатым: тоҕоноҕуттан харбаан ыллым да, ту-
             раммын, кэккэлэһэ сытынан кэбистим.
                Төһө да оҕотугум иһин, сүүрбэччэлээх киһи курдук үрдүк
             уҥуохтаах, хорсун сүрэхтээх уол этим.
                — Кулут омуннурдаҕына холуодьас да уутугар күөгү быра-
             ҕыаҕа дииллэр. Оннук буолума, алые бэрдимсийимэ. Билигин
             130
   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137