Page 147 - Кун кууьар хайатыттан
P. 147
— Ис сүрэхпиттэн эбэрдэлиибин, тукаам, ис сүрэхпиттэн!
Түүн түспүт кыраһа хаар ууллан барда.
«Маныыһыттарым эдэрдэрэ бэрт, сылгым үөрэ хайдах
сылдьара буолла», — дии санаабытынан Сабыр сылгыларыгар
барда.
Сылгылара этэҥҥэ сылдьалларын билэн, кини көмөлө-
һөөччүлэрин хайгыы санаата. Дьонугар ат сүүрүүтүн кэпсээ-
тэ, Маанегы, аты миинэрэ имигэһин, тупсаҕайын биһирээн
туран, ордук хайҕаата.
— Ити бэйэлээх уолу эһиги билбэккит баар эбээт, — диэн
хомойо саҥарда кини.
— Ноо, отгон Маанек мин доҕорум эбээт, — дии түстэ биир
харатыны дьүһүннээх үрдүк унуохтаах сылгыһыт. — Кини
биһикки сэриигэ бииргэ сылдьаммыт, Берлини ылбыппыт.
Билигин Ленин аатынан холкуоска суоччутунан үлэлиир.
Сабыр дьиэтигэр тиийэн, атыттан түспэккэ олорон, ха-
һыытаата:
— Эмээхсиэн, Дьыпаар, дьиэҕитигэр бааргыт дуо? Манна
тахсыҥ эрэ! Тахса охсуҥ!
Алмадай тахсан кэллэ.
— Хайа, доҕоор, туох баарый? Бөлүүн үтүө түүлү түһээтиҥ
дуо?
— Эмиэ тугун түүлэй, доҕор! — Сабыр бытыгын имэрим-
митинэн мичээрдии олордо. — Мин түүлү итэҕэйиэхпин
баҕараҕын дуо эн? Мин Дьыпаарбын итэҕэйэбин. Ыал хол-
куос эр бэрдэ уолун Маанегы эн билэҕин дуо, доҕоор?
— Оттон билэбин... Ээ суох, истэр этим, — диэтэ Алмадай
килбигийэ соҕустук мичээрдээбитинэн туран.
— Билэриҥ дуу, истибитиҥ эрэ дуу — барыта биир: мин
аны сөбүлэһэбин! Мин Дьыпаарым алҕаһаабатах эбит. Дьол-
лоохтук олордуннар кинилэр, хаһан да арахсыбатыннар!
Николай Мординов-Амма Аччыгыйа тылбааһа
10-18

