Page 311 - Кун кууьар хайатыттан
P. 311
Сурпар туурдугум15 — мин Тургумбайым,
Сурпар ууктарым16 — мин Узакбайым.
Дьоллоох ийэ дьоллоох ырыата! Ол эрэн булчут Уметаалы
тиһэх суолугар аттаммыта. Кырыктаах сэрии турбута. Баалы
биэс уолун ытаппытынан илдьэ барбыта. Хаһан эрэ дьол
лоох ийэ ытабыла-сонобула эрэ хаалбыта, ол кутурҕан то-
йук көлүөнэтгэн көлүөнэҕэ бэриллэн билиҥнэ диэри баар —
Бейшеке дуу, Бейиш экен дуу, Бешаке дуу диэн аилга булчут
Уметаалы уонна кини ойоҕо Баалы, кинилэр быстахха был-
дьаммыт биэс уолаттара олоро сылдьыбыттарын биир туоһу-
та ити буолар. Дьон ол иһин ити кутурҕан тойугу үчүгэйдик
өйдүүллэр.
Сурпар дьабыкбашым суулунна,
Түндүк дьабуум суулунна,
Сурпар баар боочу быһынна,
Туурдугум сүттэ-симэлийдэ,
Ууктарым охтон-сууллан хааллылар...
О-оо, бу сордоох олох,
Мин сурдум суох буолла...
Кырдьаҕас Баалы ити санньыар-курус ырыата ылланыан
эрэ иннинэ ини-биилэртэн биирдэрэ эрэ — аҕа саастаахтара
Дьалпатек — ойох ылар кэмэ үүммүтэ. Онон барарыгар бэ-
йэтин кэнниттэн Бекбосун диэн уолун хаалларбыта, кэлин ол
кинини, күлэн-оонньоон, «Шумкалпак» диэн ааттаабыттара
олоҕун устатыгар иҥэн хаалыаҕа.
Дьалпатек кэнниттэн уола Бекбосун хаалбыта, сотору кэ-
минэн Дьалпатек өлбүтүн туһунан биллэрии, ол эбэтэр бей-
шекеннэр этэллэринии (билигин да оннук дииллэр), «хара
сурук» кэлбитэ.
Дьалпатек ойоҕо Тотуй, тулаайах олоҕун тулуйбакка, уолун
ийэ кынныгар хаалларан кимниин эрэ күрээн хаалбыта. Бек
босун ийэтин өйдөөн хаалбыта диэн, кини саҥа тахсыбыт
ыйга харчыны тарда сатаан маачыктыыра эбит. Баҕар, кини
чахчы байбыта буолуо, ону аил атын дьоно билбэттэрин кур-
Туурдук — сурт алын болдьоҕо.
Ууктар — сурт үрүтүн мае тэптэриилэрэ.
309

