Page 198 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 198
: = 'V = .. = = Дойдун - Уус-Алдан Хорою = : = : ^ = г . : ^ = г =
Удьуор уус Семен Свинобоев
Хоро нэһилиэгин Хоту Бырдьатыгар удьуор уус Свинобоевтар аҕа уустара төбүрүөннээн олор-
буттара. Нэһилиэккэ баар бары улахан тутууларга кинилэр уһаммыт суоллара хаалбыта буолуо.
Ол уус дьоннортон биирдэстэрин Семен Егорович Свинобоев туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Семен Егорович 1894 сыллаахха дьаданы дьиэ кэргэннэ төрөөбүтэ. Былыргы саха киһитин сиэ-
ринэн сүөһү иитиитигэр, от-мас бэлэмигэр имиллэн, буһан-хатан улааппыта. Дьоно кыахтара суох
буолан, уол оскуолаҕа кыайан үөрэммэтэҕэ. Онон үлэни эрэ үнэр таҥара оҥостон сылдьыбыта.
Сэмэни дьоно-сэргэтэ таптаан «Сэмэнньэ» дииллэрэ.
Саха сиригэр советскай былаас олохтонон колхозтар, табаарыстыбалар тэриллэн барбыттара.
Сэмэнньэ 1929 с. «Тыама» диэн табаарыстыбаҕа (ТСОЗ) чилиэнинэн киирэн болуотунньуктаа-
бытынан барбыта, 1933-1934 сс. Сэмэнньэ баҕа өттүнэн көмүстээх Алдан бириискэлэрин тутуу-
тугар үлэлээбитэ. Онно тиийэн үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин кини 400 солк. харчынан уонна
буобура истээх сонунан бириэмийэлэммитэ. Онон Саха сиригэр көмүс промышленноһа сайдыы-
тыгар Сэмэнньэ эмиэ бэйэтин кылаатын киллэрбитэ. Дойдутугар эргиллэн кэлэн колхоһугар тутуу
биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1943-1947 сс. Уус-Алданнааҕы МТС-ка үлэ фронугар хабыллан слеса-
рынан, тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын өрөмүөннээһиҥҥэ сылдьыбыта. Ү өрэҕэ суох киһиэ-
хэ оччотооҕу сана уустук техника алдьаныытын өрөмүөннээһин манан аҕай дьыала буолбатах
этэ. Ону Сэмэнньэ бэйэтин сахалыы мындыр өйүнэн уларытан оҥорон, сорох чааһын үтүгүннэрэн
онорор да түбэлтэлэрэ бааллара. Инньэ гынан, ол кэмнэрдээҕи ыарахан дьылларга техника таах
туруутун аччаппыта. «Хас биирдии туораах бурдук - өстөөҕү ытар буулдьа» диэн девиһинэн
салайтаран аччыктыыры, сылайары кэрэйбэккэ кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ.
Үлэ фронугар сылдьар болдьоҕо бүтэн Сэмэнньэ «Кыһыл маяк» колхозка кэлэн тутууга салгыы
үлэлээбитинэн барбыта. 1950 с. Хоро нэһилиэгин колхозтара холбоһоннор биир бөдөҥсүйбүт Ма
ленков аатынан колхоз буолбуттара. Онон Майаҕас, Чаран бөһүөлэктэригэр общественнай уонна
культурнай сыаллаах бөдөҥ тутуулар ыытыллыбыттара. Бу тутууларга Сэмэнньэ маастар бы-
һыытынан чахчы талаана тахсан үлэлээбитэ. Кини туттарбыт кулууптара, детсадтара билигин
да туһалыы тураллара, хайдах эрэ кини аатын ааттатар курдуктар. Маны таһынан Мүрү орто
оскуолатын физзалын маастардаан туттарбыта.
Сэмэнньэ киһи быһыытынан майгыта үчүгэйинэн дьонҥо-сэргэҕэ сөбүлэтэрэ, куруутун күлэ-
үөрэ сылдьар буолара. Дьон туһугар, общество туһугар мэлдьи санаатыттан оноро сылдьарын
сөбүлүүрэ. Ол курдук, сарсыарда эрдэ туран сүгэтин кыбыммытынан бөһүөлэги кэрийэ хаамааччы
уонна ханна сыарҕа алдьанан кэлбитин көрөн, үлэ чааһа буолуор диэри өрөмүөннээн бүтэрэ охсооч-
чу. Күһүн сүөһү кыстыкка киириитигэр хотоннор түннүктэрин арааматын хомуйан аҕалан дьиэтин
таһыгар оҥортообут буолара. Мин биригэдьииринэн үлэлээбитим устатыгар Сэмэнньэттэн атын
соруттарыыта суох бэйэтэ санаатыттан үлэлээбит киһини көрсүбэтэҕим.
Семен Егорович Свинобоев колхозтары туругурдууга киллэрбит кылаата үрдүктүк сыаналанан,
1956 с. киниэхэ «Саха АССР колхознай тутуутун бастына» диэн бочуоттаах аат инэриллибитэ.
Семен Егорович олоҕун билигин уоллаах кыыһа, сиэннэрэ салгыыллар уонна аҕалара, эһэлэрэ
олорон ааспыт олоҕунан киэн тутталлар.
/Н Орлов, МС, 14-17.12.1999 с./
Свинобоева Акулина Семеновна
Бэцэһээцци күн баар буолан, бүгүццү күн үөскээбитэ чахчы,
Бүгүццү күн баар буолан, сарсыццы күн үүнүө^э.
Бу иһин ити үс кэми: ааспыты, бшиццини, кэлэри-
Хайа да киһи хаһан да араарбакка биир ситиһиинэн өйдүөхтээх.
1Суорун Омоллоон/
Иис - дьахтар төрүт дьарыга, өбүгэлэрбит үһүйээннэригэр, номохторугар дьахтар күн сиригэр
терүүр, үөскүүр, олорор аналын иэйиэхсит ийэбит түстүүрүгэр, үөһээ айыылартан көрдөһөн,
хонноҕун анныгар кыптыыйы кыбынар дииллэр. Дьэ, ол курдук кыыс оҕо кута-сүрэ айылҕаттан
194

