Page 10 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 10

Миичикэ оҕонньор иитэн дьон оҥорбут, олох кыра эрдэхтэрит-
            тэн. Киниттэн эргэ баран, ойох ылан эрэ баран арахпыттара
            үһү. Миичикэ оҕонньор кинилэри балыгынан иитэлээбитэ үһү.
            Барыта бэйэтин аймахтара эбитэ үһү. Онно биһиги аҕаларбыт,
            ийэлэрбит эмиэ иитиллибиттэр.
                 Суруйуу манан бүтэр. Бу - кырдьыктаах. Сыыһата диэн
            суох буолуо. Үһүйээн итинник.

                            Суруйдум сиэннэрэ Николай Матвеевич ИВАНОВ.
                                                  1995 сыл ахсынньы 5 күнэ.

                Бу ахтыыга Көскөө оҕолорун туһунан суруйууга
                сыыһа-халты баар буолуон сөп. С.Новгородов 2014
                сыллааҕы төрүччү оҥоруутугар Көскөө (Иван
                Андреевич Иванов) икки уоллаах Дмитрий уонна
                Уйбаан, соҕотох кыыстаах Екатерина Ивановна диэн.




                 Өнөр былыргыттан олохтоох биир аймах-хаан дьоно Ива-
            новтар буолаллар. Бу балачча элбэх ахсааннаах аймах дьон
            эбиттэр. Дьиҥ былыргы төрдүлэрэ Ойуун ууһа дэнэр эбит.
            (Ойуун аҕатын ууһа диэн буолбатах, инньэ диэбэт этилэрэ).
                 Бу Ойуун ууһуттан биир уол араспаанньатын Ивановунан
            суруттарбыт. Онтон ыла Ивановтар диэн дьон баар буолтара
            үһү. Бадаҕа бу уолтан бэйэтиттэн дуу, эбэтэр бу уол уолуттан
            Көскөө уонна Кэннинэн Сэргэлээх диэн икки уол төрөөбүттэр.
            Кэннинэн Сэргэлээх аата Охонооһой диэн. Көскөө аатын умну-
            буппун (архивка баар буолуо). Көскөөттөн да, Кэннинэн Сэргэ-
            лээх уолуттан да оҕо элбэх.
                 Кэннинэн Сэргэлээх - Охонооһой иккитэ кэргэннэнэ сыл-
            дьыбыт. Бастакы кэргэниттэн Маайа диэн кыыс баара үһү. Ол
            кыыстан Герасимовтар диэн дьон үөскээбиттэр. Өнөрүнэн,
            Бээрийэнэн олорбуттар (ити төһө сөбө эбитэ буолла). Көскөө
            уолаттарыттан Миичикэ диэн уол аймахтарын ортотугар ор-
            дук биллэр киһи буолта үһү - маска ууһунан, үлэҕэ сатабы-
            лынан, аймахтарыгар көмөтүнэн. Бииргэ төрөөбүт быраата
            Уйбаан биир күн саах күрдьэҕэ оҥоро туран сүгэнэн сыыһа
            туттан, буутун үөс тымырын быһа охсон кэбиспит. Хаана ба­
            ран, ол түүн өлбүт. Сэттэ кыра оҕону кытта кийиитэ Дэбдэ ту-
            лаайах хаалбыттар. Бу аҕыс киһини кини көһөрөн ылбыт, ону
            таһынан атын тулаайах аймахтарын - уолу, кыыһы, эмиэ аҕыс
                                            8
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15