Page 127 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 127

курдук харыстыыр этэ. Дьэ, ол иһин хас да күн кырыыһаҕа тахсан
            саһан олорон уоран аахпытым.
                 «Мүрү саһарҕата» хаһыакка саҥа үлэлээн эрэр кэммэр Тиит
            Арыыга тахсан иһэн анаан-минээн Ньукулайга «Амаретто» диэн
            итальянской ликер кэһиилээх таарыйбытым. Бүөккэ, Киэсэ оҕо-
            лорунаан эҥин бааллара. Ньукулай кэһиибэр үөрбүтэ аҕай. Аһыы
            олорон эмиэ бэрт элбэҕи куолулаабыта. Мин дьээбэлэнэммин:
            «Бээрэ, итини устан ылыахха», - диэммин диктофоммун холбоон
            иннигэр ууран биэрбитим. Ньукулай ону көрөөт: «Устума-усту-
            ма, наадата суох!» - диэн баран куолулуурун тохтотон кэбиспитэ.
            Убайдарым имнэнэ-имнэнэ кистии-саба күлсүү бөҕө буолбуттара.
                 Онтон биирдэ таарыйан ааһарбар Киэсээйиктээх бааллара,
            Усуйаанаттан Былааһыктаах, Амматтан Ааныстаах, Бороҕонтон
            Бүөккэлээх кэлбиттэр этэ. Арааһа уонтан тахса кыра оҕо баара,
            дьиэ иһинэн-таһынан сырсыакалаһа, оонньоон аймана аҕай сыл-
            дьаллара. Ньукулайы суохтааммын ыйыппыппар: «Хортуопуй си­
            рин түгэҕэр отуу оҥостон кинигэ ааҕа сытар», - диэбиттэрэ. Онно
            тиийбитим - отуу оҥостон, раскладушка орон туруорунан баран
            ааҕан добдугурата сытара. Сиэннэрин айдааныттан куотан саһан
            сытар сирэ эбит. Хата бэртээхэй отуу оҥостубут этэ. Онно олорон
            кэпсэтэ түһэн ааспытым.
                 Онтон биирдэ от ыйын ортотун диэки тиийбитим - арай
            дьиэҕэ ким даҕаны суох этэ. Аан аһаҕас, дьиэни түгэҕинэн эргийэн
            тахсыбытым даҕаны, кими даҕаны булбатаҕым. «Тыый, бары хан­
            на баран хааллахтарай?» диэммин дьиибэргээбитим. Таһырдьа
            тахсан тула көрүтэлээбитим: эмиэ ким да суох. Онтон арай хотон
            диэки дьон саҥата иһиллибитэ. Онно тиийбитим - ынах төрөтөн
            аймана сылдьаллар этэ. Араппыас ынах ыыр олоппоско ынаҕын
            кытары тэҥҥэ ынчыктаһа олороро, Киэсээйик кимниин эрэ
            ньирэйи атаҕыттан быалаан баран тардан чиччигинэтэллэр.
            Ньирэй илин атаҕа тобугун ааһыар диэри быкпыт даҕаны кэлбэт,
            ийэтэ орулаан ылыталыыр. Ону көрөн:
                 - Тыый! Тохтооҥ, тардымаҥ! Ньирэйгит төбөтө туора баран
            хаалбыт дии, - диэн тохтоппутум. Ньирэйи төттөрү анньан баран,
            илиибин уган төбөтүн булан, таныытыттан көннөрү тардан, эмиэ
            атаҕыттан быалаан тардыбыппытыгар, ньылбырыс гынан тахсан
            кэлбитэ. Ороһулаан төрөөбүт ньирэй буолан, бөдөҥө сүрдээх этэ.
                 Араппыас ынаҕа этэҥҥэ быыһанан үөрүү бөҕө буолбута. «Эн
            түбэһэ кэлбэтэҕиҥ буоллар, ынахпытыттан кытары матыахпыт
            этэ. Оҕус ньирэй эбит, эн ааккын биэриэхпит», - диэбитэ.
                 Ити кэмҥэ Васильева-Аргунова Муоча (Өрүкүс Муочата)
            эмиэ дьиэҕэ кими даҕаны булбакка гынан баран, хотоҥҥо тиийэн
                                           125
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132