Page 124 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 124

Оччолорго 70-саастарын ааспыт кырдьаҕастар, төрөөбүт-
            үөскээбит сирдэригэр кэлэн, үөрүүлэриттэн олох оҕо саастары-
            гар төннөн ылбыттара. Таай Тойтуруон кыра сылдьан оонньоо-
            бут кырдалыгар икки илиитин даллатан баран киҥинэйэн
            ыллыы-ыллыы оргууй хаама сылдьара харахпар бу баар. Кини
            оччолорго хараҕынан көрбөт этэ, киһи сирдьиттээх сылдьара.
                 Ньукулай тыаҕа тахсан сүтэн хаалара, онтукайбыт урут
            кыра сылдьан отуутун, бурдук үүннэрбит солооһуну көрдүүр
            эбит. Онтон Хоту Үҥкүргэ, сайылыктара баар сирдэригэр бара
            сылдьыбыппыт. Үрдүк сыырдаах сир. Дэлэҕэ даҕаны, таай Той-
            туруон сиэннэригэр сиэттэрэн, сынньана-сынньана тахсыбы-
            та. «Бу биһиги аҕабыт Маппый, наһаа өйдөөх киһи, тоҕо маннык
            үрдүк сыырдаах сиргэ сайылык туттубута буолуой?..» - диэн
            саҥа аллайбыта. Таай Ньукулай төрөөбүт-үөскээбит алааһын
            эргийэ хааман кэлэн элбэҕи кэпсээбитэ. Бииргэ төрөөбүттэр
            үһүөн сэргэхсийбиттэрэ.
                 Таай Ньукулай бу сиргэ үстэ кэлэн барбыта, дойдутун си-
            ригэр-буоругар таттара турара быһыылааҕа.
                 2002 сыл күһүн мин Дүпсүнтэн Бороҕонноон иһэн Өнөр
            Эбэтин үрдүгэр кэлэн тохтоон олордохпуна, Тулуна диэкиттэн
            биир сатыы киһи иһэрэ. Хара плащтаах, тайах мастаах этэ. Мин
            «бачча эрдэ сүөһү көрдүү сылдьар киһи сырыттаҕа дуу?» дии
            санаабытым. Арай чугаһаан кэлбитэ, таай Ньукулай этэ. Соһуй-
            бутум аҕай. Онтон дьэ дорооболоһон, олорон кэпсэппиппит,
            сирин-уотун аһатарыгар буокка быһаҕастаах этэ. Бороҕонтон
            Тулунаҕа кэлэн ыалга хоммут уонна Маттаҕалаан иһэр эбит
            этэ. Өнөргө Ушницкай Михаил Михайловиһы (Мэхээс Миисэ)
            Кэлэдимэҕэ сылгыларын аһата таарыйа, таай Ньукулайы Мат-
            таҕаҕа илдьэ барарга сүбэлэспиттэр. Кэлэдимэҕэ хонон баран,
            Маттаҕанан, Остуойка Арыылааҕынан, Остуойканан сылдьан
            кэлбиттэр, үргүлдьү Бороҕоҥҥо киллэрэн биэрбит. «Оҕонньор
            астынан ахан барда», - диэн Михаил Михайлович кэнники
            эппитэ.
                 Биһиги Бороҕоҥҥо 1994 сыллаахха киирбиппит кэннэ, би-
            һиэхэ куруук сылдьара. Балтыгар Зинаҕа чэйдии кэлэрэ, урук-
            кутун ахтара-саныыра. Кэпсээнэ дэлэччи, хомоҕой тыллаах
            буолааччы.
                 Мин оччолорго Бороҕоннооҕу РЭС-кэ үлэлиирим, ол иһин
            бастаан Уус Алдаҥҥа уот киллэриитигэр хайдах үлэлээбитин
            үллэстэрэ. Дьиҥэр, улууска электричество бастаан атаҕар ту-
            руутугар 10-тан тахса сыл үлэлээбит дьонтон биирдэстэр кини
            эбит этэ. Ону ол кэмнэр туохтан саҕаламмытын, кимнээх үлэ-
                                           122
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129