Page 129 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 129
Петр, Прокопий уонна Федот сэрии хонуутуттан төннүбэтэх-
тэр, Елена Хаҥалас Булгунньахтааҕар олохсуйан оҕо-уруу бөҕөнү
тэниппит.
Аҕабыт Николай Матвеевич бииргэ төрөөбүттэрэ: Петр (Ча-
паевоттан Дуся диэн дьахтары кэргэн ылан, биир уол оҕону төрөп-
пүттэрэ табыллыбатаҕа), Көстөкүүн (Нам, биир уол оҕолоох), Алек
сандра (Константин Рожин диэн киһиэхэ эргэ тахсан, алта оҕону
төрөппүтэ: Надежда, Егор, Зинаида, Иннокентий, Константин
уонна Степан), Иннокентий (Тойторуон), оҕото суох.
Эбэбит Анна Степановна биэс оҕону төрөтөн баран эрдэ
олохтон туораан, эһэбит биэс оҕотун кытта туран хаалбыт. Сэрии
кэмигэр оҕолорун аймахтарыгар биэртэлээн баран, совет бэрэс-
сэдээтэлэ убайа Марк ыытыытынан хоту үлэ фронугар барбыт.
Онтон сэрии кэнниттэн Верхоянскайтан сатыы төннөн кэлэн оҕо-
лорун муспут, ииппит. Биһиги аҕабыт сэрии кэнниттэн, армияҕа
сулууспалыы артиллерийскай полкаҕа Иркутскайга барбыт. Онтон
баҕа өттүнэн тылланан Кытайга мобилизациянан барбыт. Кытай-
тан Корея сэриитигэр кыттар. Онно ефрейтор званиелаах отделе
ние командирынан сибээскэ сулууспалаабыт. «Корея сэриитигэр
сылдьан штабка Иван Кожедубу элбэхтик көрөр этим», - диэн
кэпсиирэ. Элбэх да киһи өлөр этэ диэн кэпсиирэ. Ол сэрииттэн
1953 сыллаахха «Советско-Китайская дружба» диэн мэтээллээх
дойдутугар төннөр уонна, связист буоларын быһыытынан, сибээс
техникумугар киирэн үөрэнэр. Уус Алдан, Амма оройуоннары-
гар сибээскэ үлэлиир. Онтон Бороҕоҥо төннөн кэлэн дизелист
быһыытынан Михаил Тролуковтуун бастакы дизели үлэлэтэллэр.
Ол сырыттаҕына Герой Егоров аатынан холкуоска үлэҕэ ыыталлар.
Майаҕастан Түүлээххэ диэри эппиэттиир этэ. Онно ийэбитинээн
Аграфена Власьевна Макеевалыын билсэн холбоһоллор. Оҕолоро:
мин, Петр Иванов (4 оҕолоохпун), Анна Иванова-Сутакова (биэс
оҕолоох). Николай Иванов (биир уол оҕолоох), Иннокентий Иванов
(үс оҕолоох), Влас Иванов (үс кыыстаах), Марфа Иванова (икки уол
уонна түөрт кыыс оҕолоох), Михаил Иванов (биир уол оҕолоох).
Ону таһынан ийэтэ Өлөөнө атаҕын тоһутан кыайан көрбөт
буолан, эһээхэй оҕотун Иван Петрович Аргунову биһиэхэ иитиэххэ
биэрбитэ. Онтон ийэлэрэ, эбэбит Мааппа эмээхсин кыра оҕотугар,
кыыһыгар кэлэн олорбута.
Советскай кэмҥэ үөрэммит оскуолабыт улахан уолга, миэ-
хэ, школьнай форма биэрэн, кыаммат ыалга көмөлөһөр этэ. Ол
формабыт сылтан-сыл бырааттарбар тиксэн иһэрэ. Ийэбит ку-
руук: «Таҥаскын киртитимэ, алдьатыма», - диэн этэрин өй-
дүүбүн. Сыл аайы отонноон оскуолаҕа туттарарбыт. Сылтан-сыл
127

