Page 85 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 85

син биир хара диэн. Оттон харалар, хоролор төрүттэрэ эбиттэрэ
            үһү. Кинилэр сүөһүлэрэ ынах сүөһү хара дьүһүннээҕэ үһү. Хаара-
            хааннар маннык уустаһан олорбуттар.
                 Кини бастааҥыта оту оттообот, уунан устары, балаҕаны,
            хотону, дьиэни-уоту тутары билбэт эбитэ үһү.
                 Омоҕой түүрдүү тыллаах элбэх дьонноох киһи эбит. Ол
            олордоҕуна тулатааҕы уустар хардарыта сүөһүнү уорсар, сиэһэр
            идэлээхтэр эбит. Биирдэ күһүн хараҥаҕа муҥхааллар сүөһүлэ-
            рин Омоҕойдоох уоран ылбыттар, сорох дьоннорун өлөттөөбүт-
            тэр. Онтон муҥхааллар Омоҕойдооҕу олоччу кырган кэбиһээри
            киксибиттэр. Ону Омоҕой истэн күрүүр, аал оҥостон дьонун,
            сүөһүтүн онно тиэнэн өрүскэ түспүт үһү.
                 Онон сүгүн олорбот, куруук ииссэр эбиттэр. Ону кытта арыт
            сут, кураан буолан сир былдьаһыга буолуталыыр эбит. Онон
            Омоҕой улам ыгыллан испит. Кэнники кини хоту өрүскэ түспүт.
            Өрүс диэн былыр өрүс баһын, төбөтүн эрэ ааттыыллара үһү. Кини
            өрүскэ түһүөн иннинэ урут муҥхаалларга саба түһэн сүөһүлэ-
            рин үүрэн ылбыт. Кыайан куоппатах дьоннорун өлөртөөбүттэр,
            сороҕун кулут гынан илдьэ барбыттар. Муҥхааллар мунньустан
            Омоҕойдооҕу олоччу кыргаары киксибиттэр. Омоҕой ону истэн
            күһүҥҥү хараҥаҕа түүн киһилиин, сүөһүлүүн күрээбитэ үһү. Ол
            күрээн кини өрүскэ урааҥхайдар диэн дьоҥҥо тиийэн кэлбит.
                 Урааҥхайдар диэн бу эмиэ күрүөйэх дьон эбиттэр. Ки-
            нилэр өрүскэ кэлиэхтэрин иннинэ атын сиргэ муҥхааллары
            кытта олорбуттар. Ол олорон бэйэлэрин бастарын бас билим-
            мэттэр эбит. Кинилэр кыргыттарын уонна дьахталларын муҥ-
            хааллартан көҥүлэ суох, бэйэлэрэ билэллэринэн, кимиэхэ эмэ
            ойох биэрэллэрэ бобуулаах эбит. Бэйэлэрэ бары туга да суох
            муҥхаалларга кулут дьон эбиттэр. Онон кинилэр ытыр-бытыр
            өрүскэ муҥхааллартан күрээн тиийэн олохсуйбут дьон эбит.
            Муҥхаалларга кинилэр урут эмиэ соҕурууттан кэлбиттэр, сэ-
            рииттэн күрэнэн. Дьэ ол өрүскэ тиийэн урааҥхайдар тоҥус
            кыргыттарын, дьахталларын ойох ылаттаан олорбуттар, ууһаа-
            быттар. Ол олордохторуна ол Омоҕойдоох тиийэн кэлэллэр,
            ол кэлэн тоҥустуйбут урааҥхайдар кыргыттарын, дьахталла-
            рын ойох ылаттаабыттар. Онтон ыла сахалар тоҥустары кыт-
            та эр-ойох буолар буолтара үһү. Ол иннинэ сахалар бэйэлэрин
            атын тыллаах биистэри, уустары кытта эр-ойох буолбаттара
            эбитэ үһү. Дьэ онтон ыла сахалар урааҥхай саха дэнэр буолтара
            үһү.
                 Ол олорон эмиэ сылгы, ынах сүөһүлээх, бу дойду төрүкү ич-
            читэ, баһылыга буобут Бараан баатырдыын Омоҕоллой боотур
                                           83
   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90