Page 87 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 87

Кыргыыстар
                 Сахалары бэрт былыр хаарахааннар дииллэрэ үһү. Хаара-
            хааннар диэн дьиҥинэн уйгуурдары ааттыыллара үһү. Ол хаа-
             рахааннар кыргыыстары кытта эр-ойох буолаллара үһү. Онон
            сахалар биир төрүттэрэ кыргыыстар буолаллар. Кыргыыстар
            үксүн сылгы сүөһүлээх дьон эбиттэр. Кинилэргэ маҥан сылгы
            ордук элбэҕэ үһү. Сыл аайы саас ыһыах ыһаллара үһү. Омоҕой
            кыргыыс омук киһитэ үһү. Кыргыыстар сорох ынах, сылгы
            сүөһүлээх дьоно бу дойдуга көһөн кэлэн өрүскэ олоотторо үһү.




                                      Омоллоон
                 Аммаҕа Омоллоон диэн бухатыыр баара үһү. Кини Дыгын
            саҕана олорбут киһи. Нууччалар кэлэн Дыгыны сэриилээн кыай-
            быттарын туһунан истэ-билэ сылдьыбыт. Арай биирдэ нууччалар
            киниэхэ тиийэн кэлбиттэр. Кини: «Биһиги бу дьону кыайбаппыт,
            туһата суох өлөбүт-сүтэбит, онон охсуһуута суох эйэнэн бэринэ-
            бит», - диэн баран хара, кыһыл дьүһүннээх саһыл тириилэрин
            элбэҕи ураҕас төбөтүгэр баайан баран нууччаларга уунан бэлэх-
            тээбитэ үһү. Онон нууччалар кинини тыыппатахтар, аммалары
            сэриилээбэтэхтэр. Кэнники нууччалар Аммаҕа бурдук ыспыттар,
            дьону сүрэхтээбиттэр.
                 Бөрө Бөтүҥнэр Дыгын аймахтара эбитэ үһү. Хардарыта
            сылдьыһаллара үһү диэн кэпсээн баар.



                                    Урааҥхайдар
                 Сахалар биир сүрүн төрүттэрэ буолбут дьонунан урааҥ-
            хайдар буолаллар. Ол дьон бэрт былыргыта олус дьадаҥы дьон
            эбиттэр. Кинилэр наар бултаан, балыктаан аһаан олорбуттар.
            Кыылы бултуулларыгар наар хайыһарынан, атынан эккирэтэн
            бултуур дьон эбиттэр. Кинилэр аттара түҥнэстигэс буолара үһү.
            Ол аата кэлин өттө үрдүк, илин өттө (бас өттө) намыһах. Бултуур
            тэриллэрэ диэн үҥүү, батыйа, ох саа, айа эҥин буолара үһү.
                 Булт сэбиргэлэ кинилэргэ барыта тимир эбит, тимири би-
            лэр, тимири оҥостор, туттар дьон эбиттэрэ үһү. Кинилэри биир
            бириэмэҕэ муҥхааллар баттаан олорбуттар. Үгүстэрэ кулут
            буола сылдьыбыттар. Көҥүлэ суох ойох ылаллара, кыыстарын
            эргэ биэрэллэрэ бобуулаах буола сылдьыбыт. Бу дьон сүрдээх

                                           85
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92