Page 86 - Агабыт туьунан иьирэх тылынан
P. 86

сири уонна сүөһүлэрин былдьаһаннар ииссибиттэр, өлөрсүбүт-
            тэр. Бараан баатыр Омоҕоллой боотуру холдьохпут онон өрүскэ
            күрээбит. Өрүскэ кэлэн тоҥус аҥаардаах урааҥхайдар кыргыт-
            тарын, дьахталларын ойох ылаттаабыттар. Онтон ыла сахалар
            тоҥустары кытта эр-ойох буолар буолтара үһү уонна сахалар
            урааҥхай саха дэнэр буолтара үһү.
                 Норуот былыргы номохторо сир аайы биир ис хоһоонноох
            буолбаттар эбит. Сорох сирдэргэ кинилэр түөлбэлэнэн, адьас
            былыргы көрүҥнэринэн ордон хаалбыттара бааллар. Оло-
            ру истии, суруйуу саха адьас былыргы олоҕун билэргэ улахан
            көмөлөөх эбит.



                                Омоҕоллой боотур
                 Түүр омук киһитэ саха Омоҕоллой боотур соҕуруу олордоҕу-
            на сири-дойдуну былдьаһан сэрии буолбут. Омоҕоллой боотур
            сылгы, ынах сүөһүлээх, элбэх дьонноох киһи онтон ыксаан хоту
            көспүт. Хоту кини бараан сиригэр тиийэн тохтоон олохсуйар.
            Ол эрээри бу дойду төрүкү иччитэ, баһылыга буолбут эмиэ сыл-
            гы, ынах сүөһүлээх Бараан баатыр Омоҕоллой боотурдуун сири
            былдьаһан, иирсэн холдьохпут: «Мин сирим кыараҕас, манна
            сир суох, эн хоту көс, өрүскэ түс. Өрүһү таҥнары түстэххинэ, хоту
            сүөһү иитиэххэ сөптөөх үчүгэй оттоох-мастаах сирдэр бааллар.
            Мин урут онно сылдьыбытым, ол сирдэри билэбин», - диэбит.
            Омоҕоллой Бараан баатыртан холдьоҕуллан, Бараан баатыр
            өлөрөөрү гынан, тыынын тэскилэтэн өрүскэ түспүт үһү. Онтон
            ыла саха омук бу дойдуну булбута үһү.




                                      Түүр омук
                 Бэрт былыр соҕуруу түүр омук диэн баара үһү. Бу омук олус
            күүстээх сэрииһит омук эбит. Сүөһүтэ диэн үксэ сылгы эбитэ
            үһү. Түүр омук дойдутугар кыһын диэн суоҕа үһү. Бу омукхас да
            биис уустаах эбит. Олортон биир бииһэ саха диэн эбит. Бу саха
            бииһиттэн Омоҕой төрөөбүтэ үһү.








                                           84
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91