Page 9 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 9

Хос-хос эһэм Степан Иванович «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн
        уонна Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан, Жуков мэтээлинэн
        наҕараадаламмыта. Кыайыы үбүлүөйдээх сэттэ мэтээллээх.
           Хос-хос эһэм пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээн «Үлэ бэтэрээнэ» мэ­
        тээллээх, 1974, 1976, 1979 сылларга «Социалистической куоталаһыы
        кыайыылааҕа» үс бэлиэлээх, «Ударник коммунистического труда» зна-
        чоктаах. Ону таһынан үчүгэй үлэтин иһин элбэх бочуотунай грамоталаах.
           Мин хос-хос эһэбин тыыннааҕын көрсүбэтэх да буолларбын, кининэн
        олус киэн туттабын. Тулуурун, хорсун санаатын, үлэһитин сөҕөбүн. Кини
        курдук дьон баар буолан, биһиги дьоллоох олоххо олоробут.



              ХОС ЭҺЭМ УЛУУ КЫАЙЫЫНЫ УҺАНСЫБЫТА














                                    Охлопков
                               Михаил Николаевич
             М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын
          3- с  кылааһын үөрэнээччитэ Саргылаана Булдакова.
                 Салайааччы Анна Дмитриевна Никифорова

                             Күн ааһар, сыл ааһар...
                             Эһиги, кыайбыттар,
                             Үйэлэргэ тыыннааххыт.

           80 сыл анараа өттүгэр биһиги дойдубутугар Германия сэриинэн саба
        түспүтэ. Өстөөҕү утары уоттаах сэриигэ саха чулуу уолаттара барбыттара.
           Мин хос эһэм Михаил Николаевич Охлопков 1921 сыллаахха алтынньы
        9 күнүгэр Бээрийэ нэһилиэгэр Холлоҕостоох диэн алааска дьаданы дьиэ
        кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
           Кини сэриигэ барар бэбиэскэни 1942 сыллаахха бэс ыйын 7 күнүгэр хол-
        куоһугар үлэлии сылдьан туппута. Суһаллык хомунан, төрөөбүт-үөскээбит
        алааһыттан арахсыбыта. Төһөлөөх ыар атаарыылар буолбуттарын ол
        кэм дьоно эрэ билэн эрдэхтэрэ. Саха дьоно тыйыс айылҕабыт курдук,
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14