Page 59 - Мындааба спортсменнара
P. 59

___________________________________________________________©


       сыллаахха 24 оҕо буолан бүтэрбиппит, ол кэнниттэн ким үөрэххэ, ким
       производстве^ үлэлии-үөрэнэ тарҕаспыппыт.

                        ОЛОХ СУОЛУГАР ҮКТЭНИИ
          Оскуоланы бүтэрбит сайыммар  1967 сыллаахха Сельхозтехникаҕа
       тракториһынан үлэлии киирбитим. Оскуоланы бутэрэрбэр, туттарсан
       «тракторист-машинист  III  класса» диэн  права  ылбытым,  онон үлэҕэ
       улахан боппуруоһа суох ылбыттара. Управляющайынан Замятин И.Д.
       үлэлиирэ.  М.В.  Конниковка  (Мээккэй  Мэхээчэҕэ)  С-100  тракторга
       сменщигынан  анаабыта.  Ол  сайын  үс  трактор  Бороҕонтон  Суоттуга
       диэри суол оҥоһуутугар, өрөмүөнүгэр сылдьыбыппыт.
          Бастакы  тракторга  Бурцев  В.Д.  (Эмиэрикэ  Баһылай)  сменщигэ
       Дьяконов Василий;
          Иккис тракторга Конников М.В. (Мээккэй Мэхээчэ) сменщигэ Ви­
       нокуров Анатолий;
          Үһүс  тракторга  Охлопков  И.  (Цыган  Ваня)  сменщигэ  Свинобоев
       Николай.
          Суол оҥоһуутун Бороҕонтон Суоттуга барыыга  10 км саҕалаабып-
       пыт.

                                     СУОЛ
                           Суола суох олох суох,
                           Суол баар буолан олох баар,
                           Олох баар буолан
                           Дьон оҥорор суоллара баар.
                           Ол суоллар куораттан -  куоракка
                           Дэриэбинэттэн -  дэриэбинэҕэ,
                           Дьиэттэн - дьиэҕэ
                           Дьоҥҥо тиэрдэллэр.
                           Киһи үлэтин, киһи олоҕун
                           Бэлиэтэ буолан, суол обургу
                           Бэйэтэ эрэ субуруйан хаалар.

          Бороҕон -  Суотту суолун көннөрүү 1965 сылтан саҕаламмыт. Биһи-
       ги үлэлиир  кэммитигэр  «Дорожнай» учаастак начальнигынан  Рома­
       нов  И.П.,  маастарынан  Мигалкин  В.Н.  үлэлиир  этилэр.  Дорожнай
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64