Page 82 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 82

үлэлиир кыахтаах, доруобай  эр дьоннор бары сэриигэ сылдьаллара,
        олортон хас да киһи суох буолбутун туһунан биллэриилэр кэлбиттэ-
        рин истибитэ.  Кини сэриигэ барбытын кэннэ кинитгэн дойдутугар
        туох да  сурах  кэлбэтэҕэ.  Бэйэтэ  үөрэҕэ  суох  буолан,  сурук суруйар
        кыаҕа суоҕа, сэриигэ сылдьан, биир эмит саха киһитин көрүстэр да,
        сурук суруйтарар түгэни булбатаҕа.  Ыарыһах кэргэнэ Мария Степа-
        новна 1942 сыл улахан хоргуйуулаах кыһын ыарыыта өрө туран, тап-
        тыыр кэргэнитгэн туох да сурах биллибэтин санаатыгар баттатан, өр
        суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан  өлбүтэ.  Уоллаах  кыыс  оҕолоро тулаайах
        хаалбытгара. Уола интернакка,  кыыһа дьааһылаҕа ылыллыбытгара.
             Кэллэ кэлээт,  оҕолорун булан  көрсүтэлээбитэ.  Сэриитгэн  инбэ-
        лиит буолан эргийбит саллаат,  буорах сытгаах синиэлин устаат,  кол-
        хоз үлэтигэр кытгыбытынан барбыта. Сэрии кыайыынан түмүкгэнэн,
         үөрүү-көтүү үксээбитэ, күүскэ күүс эбиллибит курдук буолбута.
             Эйэлээх өрө күүрүүлээх,  түмсүүлээх олоххо  Иннокентий  По-
        ликарпович  иккиһин  ыал  буолар  дьоллонор.  Варвара  Степанов-
         на  Захаровалыын  көрсөн,  өйдөрүн  холбоон,  ыал  буоларга  быһаа-
         рыналлар.  Хоһуун,  кыра  оҕо  эрдэҕиттэн  үлэҕэ  эриллибит  кыыс
         бэриниилээх,  эйэҕэс,  истиҥ иэйиилээх дьиэ-кэргэн ийэтэ буолар.
         Саҥа дьиэ тутталлар.  Кинилэр түөрт оҕолоноллор.  Нүөл  кырыска
        түбэспит үөл талахтыы оҕолор улаатан,  сорохторо үөрэнэн барбыт-
        тара.  Улахан  уол  Николай  Иннокентьевич  колхоз,  кэлин  совхоз
        тутаах үлэһитэ буолар. Уон оҕолоох.  Үлэтгэн дьолун булбут улахан
         ыал тапталлаах аҕата.  Оҕолор утуу субуу ыал буоллулар.  Кырдьаҕас
         буойун  сааһынан  пенсияҕа  тахсан,  аны  дьиэҕэ  сиэннэрин  кытта
         бадьыыстаһан,  түмүгэ  көстүбэт  түбүккэ  түһэр.  Сэриигэ  ылбыт
         баастара таайан,  сэмэй сэрииһит Иннокентий  Поликарпович  1969
         сыллаахха 61  сааһыгар биһиги кэккэбититтэн өлөн туораабыта.
             Саха дьин нээх үлэһит киһитэ олорон ааспыт олоҕо суола-ии-
         һэ  суох  сүтээччитэ  суох.  Иннокентий  Поликарпович  күн  бүгүн
         уон түөрт сиэннээх, сүүрбэ хос сиэннээх. Аҕыс уол сиэннээҕиттэн
         сэттэтэ  Советскай  Армияҕа  байыаннай  сулууспаны  этэҥҥэ  бар-
         дылар.  Ийэ дойдуларын  иннигэр  иэстэрин чиэстээхтик толорон,
         эйэлээх олоххо араас идэлээх үлэһит буоллулар,  сорохторо үөрэн-
         нилэр.  Кырдьаҕас сэрииһит олорбут олоҕо эрэллээхтик салҕанар.
                                           Матырыйаалы бэлэмнээп оцордо
                                    Николай Алексеевич  ЧЕРНОГРАДСКАЙ.




                                        78
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87