Page 104 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 104

НАЙАХЫ нэһилиэгэ

             гэр киллэрэрбит үһү.  Чуо өйдүүрүм диэн  абаҕабыт Тайыла тайахха тэбистэрэн,  онтон
             иһээҕирэн  өлбүтэ.  Уҥуоҕар  кыыһынаан  сыталлар  этэ.  Сахатыы  маһынан  икки  ки-
             риэстээх  эргитиилээхтэр  этэ.  Ол  кириэстэри  эр-биир  ат  гынан  миинэр  этибит.  Хата,
             аймахтара  буоламмыт  юыыһырбат этэ  быһыылаах.  Оонньообут дуу,  оонньооботох дуу
             оҕо  сааспыттан  өйдүүрүм  диэн  итинэн  бүтэр.  Онтон  Максим,  биригэдьиир  аҕатаах
             киһи, холкуос сыантырыгар барбыта. Онтон  ыла бэйэм бэйэбэр тойон буолан, соҕотох
             хааллаҕым.  Арыый  улаатан,  ону-маны  өйдүүр  буолуохпуттан  ыла  лэппиэскэ  сиэбит
             киһи диэн санааттан  атын төбөбөр киирбэт быһыылаах этэ.  Тоҕо диэтэххэ,  онтон  ыла
             атдьархайдаах алдьагыылаах,  хас биирдии  ыалы атыйахтаах уу  курдук аймаабыт сэрии
             саҕатаммыта.  Ону  кытта  тэҥҥэ  сут-кураан  турбута.  От-бурдук  үүммэт,  аччыктааһын
             саҕатанар.  Өлүү-сүтүү  үксүүр.  Сэриигэ  60-тан  тахса  тыһыынча  киһи  барбыта  диил-
             лэр,  онтон  аҥаарыттан  ордуга  кыргыһыы  хонуутугар  хаалбыта  дииллэр.  Онтон  биир
             оччо  киһи  аччыктаан  өлбүтэ диэн  буолар.  Ону тэҥэ  сымыйанан-кырдьыгынан  дьону
             хаайыыга  симэн  сиэбитгэр.  Биһиэхэ  сиэмэ  да  үүммэт  этэ.  Арай  биирдэ  нэһимиэн
             сиэмэ  үүннэ.  Ону  быстарбыттарын  кэннэ  мин,  оскуолаҕа  үөрэнэ  илик  киһи,  чабы-
             чахха  сиэмэ  итигэстиибин.  Дьиэбэр  кэлэрбэр  өрө тардан  көбүтэн  биэрэбин.  Ол  аата
             элбэтэр дьүһүнүм  быһыылаах.  Ол  курдук муҥнанан  мунньан,  ийэм лэпҥиэскэ  уонна
             көбүөр  оҥордо,  сибиэһэй  нэһимиэн  лэппиэскэни  онно  булкуйан  сиэбитим  бу  айы-
             лаах  минньигэһин,  амтана  айахпар  билиҥҥэ  диэри  баарга  дылы.  Оскуолаҕа  киирэр
             сайыммар оҕус сиэттэрбиттэрэ. Уонча күн сылдьыбытым кэннэ тохтоппуттара. Арааһа,
             бэркиһээбиттэрэ  быһыьпаах.  Сиэмэни  итигэстиир  кытаанах бобуулааҕа.  Биирдэ  өтөх
             сиргэ баран  итигэстээбиппин,  убайым түбэһэ көрөн  үүрэн  ыыппыта.  Кэлин ону:  «Эн
             инник  гынан  тураҕын»,  — диэбиппин:  «Бириэмэтэ  оннук  этэ»,  —  диэбитэ.  Кэпсэтии
             онон  бүппүтэ.  Оскуолаҕа  киириэхпиттэн  бурҕалдьы  кэтэрдибиттэрэ.  Кэллиҥ  даҕаны
             сарсыҥҥытыгар-өйүүҥҥүтүгэр биригэдьиир кэлэр.  Үлэ арааһа элбэх. Оннооҕор бири-
             гэдьиир  уһун  күнү  быһа  буһа-хата,  сэттэ  көлөһүннэрэ  тохтуор  диэри  үлэлээн  баран,
             өлө  утуйа  сытар  дьону  уһугуннаран  атын  сиргэ  үлэлэтэ  түүннэри  ыытара.  Ол  аата
             үлэ күнүн алдьатымаары быһыылаах. Дьону сирэйэ-хараҕа суох үлэлэтэн  сордууллара.
             Саатар  аччык аҥаардаах сылдьар дьону.  Барар  сирим  эһэ  сөбүлээн  сылдьар  сирэ  этэ.
             Кэлин билбитим, онно сугун үүнэр ахан сирэ эбит этэ. Дьэ ол иһин тыатааҕы барахсан
             дугуйданан сылдьар эбит. 2 көстөөх сиргэ сыарҕа ыллара ыытта. Хата, ону биир дьахтар
             уолун доҕор биэрэн абыраан турар.
                Сиэмэ,  бурдук ас  1954-55  сылларга диэри  олус  кэмчи  этэ.  Оскуолаҕа  киирэн  баран
             интэринээккэ  айах  аҥаарыгар  эҥин  ылаллар.  Онон  аччык  аҥаардаах  сылдьан  оскуо-
             ланы  хата  нэһиилэ да буоллар,  үөрэнэн  бүтэрбиппит.  Онон  оҕо саас диэн  туох буола-
             рын  унаардаан  билбэтэхпин.  «Дьоллоох оҕо»  саас диэни да оччо-бачча  билбэппин  ээ.
             Быһа барыллаан  бэрээдэк бөҕө буолуо ээ.  Итини бил,  маны бил,  хамсаама,  үчүгэйдик
             болҕойон  иһит  эрэ,  эргичиҥнээмэ  уонна  чэ  үчүгэй  ас,  араас  таҥас-сап,  сылаас дьиэ-
             уот. Дьэ уонна бырастыы  гыныҥ дуу...  Миэхэ онтон атын өйдөбүл суох.
                                                                                                2 0 2 0  сыл


                                    Готовцева Любовь Григорьевна

                Мин  1945  сыллаахха  ыам  ыйын  29  күнүгэр  Таатта  улууһун  Сиэллээх  нэһилиэгэр
             сулууспалаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм.  Биһиги  үс бииргэ төрөөбүппүт этэ.  Мин ыал
             улаханнара  буолабын.  Мин  анныбынан  быраатым  Габышев  Григорий  Григорьевич
             1947 сыллаах төрүөх, билигин 6 оҕолоох улахан  ыал аҕата, почтаҕа радиһынан үлэлээн,
             биэнсийэҕэ олорор. Аччыгыйбыт Габышева Марианна Григорьевна олоҕор табыллыба-
             таҕа.  1982 с. эдэр сааһыгар өлбүтэ.  Киниттэн  үс оҕо хаалбыта.
                Ийэм  Габышева  Анастасия  Николаевна  анал  идэтэ  суох,  орто  үөрэхтээх.  1982  с.
             57  сааһыгар өлбүтэ.  Аҕам  Габышев  Григорий  Федотович  биһиги  кырабытыгар  (мин  5



                                                         100
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109