Page 105 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 105

НАЙАХЫ нэһилизгэ

          саастаахпар)  арахсан  барбыта.  Онон  ийэм  үс  оҕотун  соҕотоҕун
          иитэлээн,  сүһүөхпүтүгэр туруортаабыта.
             Оччотооҕу  кэмҥэ  50-60  сылларга  интэринээт  баар  буолан
          соҕотох  ийэбэр  улахан  көмө  буолбута.  Мин  орто  оскуоланы
          1964  с.  Өлүөхүмэ  оройуонун  Токко  оскуолатын  оскуола-интэ-
          ринээтигэр  үөрэнэн бүтэрбитим.  1965  с.  оскуола-интэринээккэ
          ырыа учуутатынан,  иитээччинэн  үлэлии сылдьыбытым.
             1966 с.  Саха  государственнай  университетын саха салаатыгар
          киирэн устудьуон  буолбутум.  1971  с.  бүтэрбитим.  Бүтэрээт,  Уус
          Алдан улууһутар Найахы орто оскуолатыгар саха тылын, литера-
          туратын учууталынан ананан үлэлии кэлбитим, бочуоттаах сын-
          ньалаҥҥа тахсыахпар диэри үлэлээбитим.
             Манна олоҕум доҕорун  көрсөн  Готовцев Дмитрий  Пантелеймоновичтыын холбоһон
          ыал  буолан  12  сыл  эрэ  олорбуппут.  1984  сыллаахха  кэргэним  Д.П.  Готовцев  ыара-
          хан  ыарыыттан  баара-суоҕа 42  эрэ  сааһыгар  ыалдьан  өлөөхтөөбүтэ.  Онон  1984 сылтан
          аҥаардас  ийэ быһыытынан соҕотоҕун  3  оҕобун  иитэлээн,  дьон  оҥортоон  сүһүөхтэри-
          гзр туруортаатым.
             Улаханым  Готовцев  Дмитрий  Дмитрьевич  1971  сыллаах  төрүөх.  Бэйэтэ  туспа  ыал
          аҕата. Кэргэнэ  Муома кыыһа Готовцева Анна Степановна.  Биир уол оҕолоохтор, сиэн-
          нэрдээхтэр.  Орго  оҕом,  улахан  кыыһым  Готовцева-Аммосова  Светлана  Дмитрьевна
          1973 с. төрүөх,  эмиэ туспа  ыал ийэтэ.  Билигин  Тандаҕа олоролтор. Аччыгый оҕом  Го-
          товцева Анастасия Дмитрьевна  1979 с. төрүөх.  Ыал  ийэтэ.  Инженер үөрэхтээх.
                                                                                Б а л ы к т а а х   б ө һ ү ө л эгэ


                                  Иванова Валентина Ивановна

             Мин  1940 сыл  ахсынньы  23  күнүгэр Алдан  оройуонун  Кута-
          на  бөһүөлэгэр  төрөөбүтүм.  Ийэм  Соловьева  Улита  Алексеевна
          1920  с.,  аҕам  Бубякин  Иван  Семенович  1914  с.  төрөөбүттэрэ,
          1936  сыллаахха  ыал  буолбуттара.  12  оҕону  төрөппүттэриттэн  4
          оҕо  өлбүтэ.  Аҕам  сэриигэ  1942  с.  барар,  1943  с.  атаҕар,  илии-
          тигэр  бааһыран  төннөн  кэлэн,  холкуоска  биригэдьииринэн
          үлэлээбитэ.  Мин  Учур  оройуонун  Белкачи  бөһүөлэгэр  оскуо-
          лаҕа  киирбитим.  4 сыл  үөрэммитим  кэннэ  Белкачи оскуолатын
          Кутанаҕа  көһөрбүттэрэ.  Онно  8-с  кылааһы  бүтэрбитим.  Аҕам
          1956 сьшлаахха 42 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ. 7 оҕо тулаайах хаал-
          быппыт.  Ийэм  ыанньыксыттыыр  этэ.  Дьэ  онно  эрэй  бөҕөнү
          көрбүппүт. От-мас тиийбэккэ, сүөһүбүтүн эспиппит.  Быраатым
          ьггыы-ытыы  оҕуһунан  мас  тиэйэрэ.  Оччолорго туох да  көмө суоҕа,  ас-таҥас  тиийбэк-
          кэ эрэйдэнэрбит.  Өрүстэн  уу баһарбыт.  Ырааҕа  бэрт,  аны,  тоҥон,  ытыы-ытыы,  үрдүк
          сыыры  нэһиилэ  таһаарар  этибит.  Ийэм  үлэлиир  кэмигэр  балыстарбын  бэйэм  аһатан,
          көрөн олорбутум.  Ийэм хос сиэннэрин көрөн,  1997 с.  күн сиритгэн барбыта

                                                                                             2 0 2 0  с ь и















                                                      101
   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110