Page 113 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 113

НАЙАХЫ нэһилиэгэ

         сайылыкка  олорорбут,  аҕам  акка  мэҥэһиннэрэн  илдьэ  сылдьара,  дэлби  түһүө  диэн
         кэннигэр баайан  кэбиһэрэ.  Ол  курдук отчуттарга баран  кэлэрбит.
            1967 с. Дьокуускайга медсестра куурсугар 2 сыл  үөрэнэн,  Бороҕоҥҥо икки сыл  үлэ-
         лээбитим.  Онтон  ыарыһах дьоннордоох буоламмын,  Суотту балыыһатыгар  10 сыл үлэ-
         лээбитим.  Найахы  балыыһатыгар  үлэлии  сылдьан,  «Социалистическай  куоталаһыы
         кыайыылааҕа»,  1979  с.  «Коммунистическай  үлэ  ударнига»  знактарынан  бэлиэтэмми-
         тим.  1979-2006 сс.  үлэлээбитим.  СӨ Доруобуйатын  харыстабылын  туйгуна буолбутум.
            Кэргэним  Василий  Васильевич  Федоров Дүпсээттэн  төрүттээх,  сааһын  тухары  ты-
         рахтарыыс  этэ.  Уолум  Егор  Васильевич  —  землеустроитель,  3 оҕолоох,  кэргэнэ  Ирина
         Прокопьевна  —  экономист идэлээх,  почта  үлэһитэ.

                                                                                Кулун  тутар,  2018 с.


                                  Румянцев Николай Егорович

            Сэттэ бииргэ төрөөбүт ини-бии  Үрүмээһэптэртэн улаханнара
         Е.Д.  Румянцев  1  сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн  кэлэн,  үс оҕотугар
         эбии  түөрт  оҕону  төрөтөн,  сиэннэрин  бүөбэйдэһэ,  үлэҕэ  үөрэ-
         тэ-такайа  сылдьан  68  сааһыгар  олохтон  барбыта.  Кини  улахан
         уола  Николай  Егорович  бэйэтин  уонна  дьонун-сэргэтин  туһу-
         нан булбут матырыйаалларын  көрүөҕүҥ.
            Сэрии  иннинэ,  Алдан  өрүс  илин  эҥээригэр  Өспөх  нэһилиэ-
         гэр «Чагдаайы» диэн холкуос баара.  Манна Элбэги диэн алааска
         аҕам  Румянцев  Егор Дмитриевич,  ийэм Агафья  Ивановна  сэтгэ
         оҕону  төрөтөн  ньир-бааччы  ыал  буолан  олорбуттара.  Мин  ки-
         нилэргэ  1939 сыл  ыам  ыйын 22 күнүгэр үһүс оҕонон  күн сирин
         көрбүтүм. Улахан эдьиийим Ульяна  Егоровна ыал буолан, сэттэ
         уолу,  биир  кыыһы  төрөппүтэ.  Эдьиийим  барахсан  ыар  ыарыыттан  эдэр  сааһыгар  күн
         сириттэн  бараахтаабыта.
            Кини аннынааҕы эдьиийим Анна Егоровна  Баатаҕайга үлэлээн-хамсаан, онно олох-
         суйбута,  билигин  бочуоттаах  сынньалаҥҥа  олорор.  Кэргэнэ  Ефимов  Денис  Алексее-
         вич  сааһын  тухары  советскай-партийнай  үлэһит  этэ.  Эдьиийим  киниэхэ  түөрт  уолу
         бэлэхтээбитэ,  уолаттар бары  үлэһиттэр,  ы&злар,  оҕолоох-уруулаах дьон.  Кырдьаҕастар
         сиэннэрин бүөбэйдээн  этэҥҥэ сылдьаллар.
            Ийэлээх-аҕабытыгар  уолаттар  бэһиэ  этибит,  бары  Сэбиэскэй  Аармыйа  кэккэтигэр
         сулууспалаан,  Ийэ дойдубутугар ытык иэспитин  толорбуппут.  Уолаттарган улаханнара
         мин  буоламмын,  кыра  эрдэхпиттэн  холкуос  үлэтэ диэн  тугун  билэн  улааппытым.  Ол
         курдук,  8-9  саастаахпар  оҕуруокка  уу кутуутугар  үлэлэһэрим,  10  сааспыттан  сонуокка
         сир  тиэриҥгигэр  уонна  от  үлэтигэр  оҕус  сиэппитим.  Онон  1949  сылтан  хамнас  ылар
         нэрээт  сабыллан,  ити  сылтан  холкуоһунай  ыстаастаахпын.  Икки  саас,  сайын,  күһүн
         оҕус  сиэппитим  кэннэ  12  сааспытган  от  мунньар  массыынаҕа  олордубуттара.  Бу сыл-
         ларга улахан дьоннуун тэҥҥэ үрэх баһа дулҕазаах маардары илиинэн от охсорго үөрэм-
         митим.  Техникаҕа  сыстаҕас  уонна  ат  көлөттөн  куттаммат диэннэр,  13  сааспар  Гуляев
         Тимофей Ивановичка сыһыаран, иккис косилкаһытынан анаабыттара. Дьэ, ити курдук
         араас  үлэҕэ  эриллэн,  көлөһүн  күнэ  аахсан,  дьоммор  улахан  көмө  киһитэ  буолан  бар-
         бытым.  Онтон  16  сааспын  туоламмын  дьиҥнээх  холкуостаах  буолбутум.  Ол  курдук,
          1957-1958  сылларга  Найахы  7  кылаастаах оскуолатын  үөрэнэн  бүтэрэн,  «Правда» хол-
         куоска  үлэлээбитим.  Бу  сыл  эдьиийим  ветеринар  үөрэҕэр  үөрэнэ  барбыта,  онон  мин
         оскуола  үөрэҕиттэн  тохтоон,  эдьиийбин  үөрэттэрэргэ  холкуоспар  үлэлээн  дьо.ммор
         көмөлөспүтүм.  Холкуос бүппэт түбүктээх  үлэтигэр фермаҕа от тиэйээччинэн, тыраах-
         тарга  куруусчутунан  от-мас  таһыытыгар  үлэлээбитим.  Оннук  үлэлии  сырыттахпына.


                                                     109
   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118