Page 337 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 337

ХОРО нэһилиэгэ

         сиэннэрэ  салгыыллар.  Кинилэр  эбэлэрин,  эһэлэрин  ааттарын  куруутук  үрдүктүк
         тутуохтара диэн  эрэнэбит.
                                                                            А хт ы ы ны   сур уй д а   кы ы һ а
                                      Крылова  Евдокия  Гаврильевна,  үлэ  б эт эр ээн э,  эр ги эн   т уй гун а


                    Алаастан  м этээлгэ тиксибит  сэрии  оҕолоро

            Хоро  нэһилиэгэр  «Куотука»  холкуостан  сэрии  кэмигэр  1941-1945  сс.  үлэни  кыа-
         йар дьон  сэриигэ  ын ырььтлыбыта.  Холкуоска  кырдьаҕастар,  дьахтатлар,  оҕолор  хаал-
         бытара.  Оччотооҕу  кэм  оҕолоро  бэрт  кыра  саастарыттан  дьиэ-ис  тас  үлэтин  үлэлээн
         улааталлара.  Үлэһит илии тиийбэтиттэн  көлөһүн  күнүн  аахсаары,  8-9 саастаах оҕолор
         үлэлииллэрэ.  Сүрүн  үлэнэн  оҕус  сиэтиитэ,  от  мунньуута,  өйүө  гаһыыта  буолара,  он-
         тон  да  атын  үлэни  толороллоро.  Оҕолору  кыараҕас  алаастара  ииттэҕэ,  айылҕа  бэйэтэ
         көрөн-сэмэлээн,  сөҕөн-махтайан дьон  оҥортоотоҕо.
            Архыыптан булуллубут актаҕа олоҕуран  эттэххэ,  «1941-45 сс.  Аҕа дойду  Улуу сэрии-
         тин  кэмигэр  килбиэннээх  үлэтин  иһин»  мэтээлинэн  «Куотука»  холкуостан  4  оҕо,  23
         улахан  киһи  наҕараадатаммыт.  Бу дьон  1946  сыл  сэтинньи  29 күнүгэр  Уус Алдан  рай-
         исполкомун  уурааҕынан  бигэргэммиттэр уонна  бу сыл  мэтээллэрин  туппуттар.  Нэһи-
         лиэк  сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ  П.А.  Бурцева,  «Куотука»  холкуос  бэрэссэдээтэлэ  Кры-
         лов  Гаврил Павлович  эбиттэр.



                                  Наҕараадаламмыт оҕолор

            Крылов Коммунар Дмитриевич,  1933 с.т.,  хонуу үлэһитэ,  үлэтин  ыстааһа  1942 сыл-
         тан,  сыллата  үлэтин  былаанын  110%  толороро,  оскуола  үөрэнээччитэ,  удостоверение-
         тын  №-рэ 0135256.
            Крылов  Иннокентий Дмитриевич,  1934 с.т.,  хонуу  үлэһитэ,  ыстааһа  1943 с.,  оскуо-
         ла  үөрэнээччитэ,  үлэ  былаанын  сыллата толорор,  9  саастаах,  удостоверениетын  №-рэ
         0135255.
            Крылова  Екатерина  Дмитриевна,  1931  с.т.,  үлэтин  ыстааһа  1942  сылтан,  11  саас-
         таах,  үлэтин  былаанын  125%  толорор,  оскуола  үөрэнээччитэ,  удостоверениетын  №-рэ
         0135257.
            Ховров  Николай Дмитриевич,  удостоверениетын  №-рэ 0135272.
            Бу оҕолор кэлин даҕаны үтүө үлэһит, салайааччы,  спортсмен,  ыат аҕата,  эбэтэ,  эһэ-
         тэ буолар дьолу билбиттэрэ, олохторо салҕанар.

                                           А хт ы ы ны   сур уй д а  Копырина  Марина  Романовна.  2 0 2 0  с.
                      А хт ы ы лары   хо м уй а н   оҥ ордо  Ү л э  А ^бан  А ат   III  ст еп ен н ээх   уо р д ьа н   к а ва л ер а ,
                                  У ус  А и )а н   ул ууһ ун   уо н н а   Х оро  н эһ и ли эги н   Б о ч у о т т а а х   ол охт ооҕо,
                          С аха  Ө р ө с п ү ү б ү л ү к эт и н   Б о ч уо т т а а х   б эт эр ээн э,  н эһ и ли эк  б эт эрээн н эри н
                                           сэби эт и н   б эр эссэд ээт эл э Дмитрий Дмитриевич  Курилкин
                                                                                               2 0 2 0  с.
















                                                     333
   332   333   334   335   336   337   338   339   340   341   342