Page 340 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 340
ЧЭРИКТЭЙ нэһилиэгэ
эппитэ. Лааҕыр гойотторо элбэх аймахтарын, дьоннорун аҕалан тоттук олорбуттарын,
үлэһиттэригэр хаппыыста уутугар хортуоска хаҕын буһартаран аһаталларын хараастан
олорон кэпсээбитэ: «Онно өлбүт дьону миэтэрэ аҥаара дириҥнээх ииҥҥэ көмөллөрө.
Аҕаҥ өлбүтүгэр, сахалар өлүгүн көрдөөн ыламмыт хаптаһыннаан, дириҥ иин хаһан
көмпүппүт. Чэриктэйтэн баар-суох киһибит Ушницкай Сэмэн эмиэ олох мөлтөх ту-
руктаах хаалбыта, эмиэ онно хоргуйан өлбүт буолуохтаах. Сэмэн уонна эн аҕаҥ дой-
дуларыгар үчүгэйдик олорбут, аһаабыт дьон этилэр. Сэрии аас-туор олоҕун кыайан
тулуйбатахтара. Биһиги эдэр уонна бор аһылыктаах дьон ордубуппут... Манна хоргуйан
өлүүһүкпүт диэн, эдэрдэр тылланан сэриигэ барбыппыт. Эн бу кэпсээбиппин дьоҥҥо
мээнэ кэпсээмэ», — диэбитэ оҕонньор.
Аны сааһырдым, онон тугу истибиппин аһаҕастык этэбин. Мин аҕам курдук дьылҕа-
лаах, сэриигэ барбыт дьон элбэх буолуо. Кыргыһыы хонуутугар буолбакка, тус эппиэ-
тинэстээх байыаннай дьон мөлтөхтөрүттэн өлбүттэрэ кыһыылаах. Аны аҕам өлбүтүн
туһунан биллэрии сурук кэлбитин биэрбэтэхтэрэ, сураҕа суох сүтэрэн кэбиспиппит.
1948 сыллаахха убайым Дьөгүөр сэбиэт сэкирэтээрин солбуйа сылдьан, хонтуора ыскаа-
быттан аҕабыт үлэ фронугар ыалдьан өлбүт биллэриитин булбута. Туох санааттан кис-
тээбиттэрэ буолуой?! Өйүм хоппот. Убайым ол суругу булбатаҕа буоллар, күн бүгүҥҥэ
диэри сураҕа суох сүппүтүнэн саныы сылдьыахпыт эбитэ буолуо.
Биһиги түөрт оҕо ыарыһах ийэбитигэр тулаайах хаалбыппыт. Таайым Бүөтүр: «Дьо-
ло суох сордоохтор, ийэҕит бу түүн хонор дуу, суох дуу. Оҕобун бэйэм илдьэ сыл-
дьыам», — диэн, миигин көтөҕөн тахсарын өйдүүбүн. Улахаммыт уон иккилээх Дьөгүөр
уонна уоннаах Мария холкуоска от-бурдук үлэтигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээ-
биттэрэ. Үчүгэйдик үлэлээн, ырбаахы таҥаһа ылан үөрбүттэрэ. Убайбын хаһыакка
хайҕаан суруйбуттар этэ. Иккиэн 1947 сыл алтынньы 26 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа
дойду улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээли бастакылары кытта
ылбыттара. Кыра убайбын Баһылайы таайа Попов В.А.-Баччах иитэ ылбыта.
Сэрии, сут-кураан сыллара тэбиититтэн үһүөн уһун үйэлэммэтэхтэрэ. Тулаайах оҕо
кыһалҕатын, эрэйин эппитинэн-хааммытынан билэн улааппыппыт. Үчүгэйдик аһаа-
бакка, ичигэстик таҥныбакка сылдьыыбыт доруобуйабытыгар охсубута. Улахан уба-
йым Дьөгүөр олоҕун да оҥостуммакка отут сааһыгар күн сириттэн барбыта. Эдьиийим
Мария урукку тымныйыыта тыҥатыгар охсон, түөрт уон иккитигэр күрэммитэ. Кыра
убайым эмиэ уһаабатаҕа, ииппит кыыһа Ксения куоракка олорор.
Аҕабыттан иккитэ хаста сурук туппуппут. Бүтэһик суругун өлөөрү сытан, нууч-
ча киһитигэр суруйтарбыт быһыылаах. Ол амарах санаалаах киһи, хайдах истэринэн
гылын-өһүн суруйан ыыппыт. Ону сэрэйэн көрөн аахпыттарын дьонум кэпсээбиттэрэ.
Аҕам сэриигэ барарыгар да, суругар да: «Оҕобун Сибиэтэбин ытатымаҥ, харыстааҥ», —
диирэ үһү. Аҕа тапталлаах оҕотун, миигин, дьонум, аймахтарым туох кыалларынан ха-
рыстаан ииппиттэрэ. Онон да буолуо, оҕо эрдэхпиттэн төһө да ыарыйдарбын уһуннук
олордум.
Миэхэ Кыайыы күнэ — Кутурҕан күнэ. Бу күн атын дойдуга көмүс уҥуоҕа хаал-
быт, түөрт уон сааһыгар өлбүт аҕам уонна кылгас үйэлэммит бииргэ төрөөбүттэрбин
кэриэстиир күнүм. Арай сэрии буолбатаҕа буоллар, атын дьылҕалаах дьон буолуох эти-
бит. Ол гынан баран, бу Ийэ дойдум дьылҕата, норуотум дьылҕата диэн санаа уоску-
тар. Сэрии эрэ буолбатын, биһиги оҕолорбут этэҥҥэ олордуннар диэн баҕа санаабын
этэбин, дьолу-соргуну баҕарабын.
2010 с.
336

