Page 59 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 59

МҮРҮ нэһилиэгэ

          дь&члар.  Үүт биэдэрэҕэ түһэр тыаһа биир кэм  күүгүнээн олорор.  Мин,  ынахтар ыанан
          бүттэхтэринэ,  ынахтары  мэччирэҥҥэ  үүрсээри  кэтэһэн  сис  туттан  сылдьан,  титиик
          ортотунан  ыанаары  күкүргэ  бааллан,  миэхэ  кэннилэринэн  буолан,  кэккэлээн  турар
          ынахтар кэннилэрин  көрөбүн. Арай Өлөксөөс  Чыычаахтыыр диэн  ынаҕа кэннэ бүтүн-
          нүү,  кутуруга сыптарыҥ буолан  хаалбыт.  Ону  көрөн,  улаханнык  хомойбут быһыынан:
          «Пахаай,  Өлөксөө-өс, Чыычаахтыыр кутуругун  киһи сиэ суох»,  — диэбиппин олох саа-
          һырыахпар  диэри  Өлөксөөс  уола,  биллиилээх  физрук-педагог  Иван  Христофорович
          Кондратьев:  «Хайа  кутурук сиибит дуо?»  — диэн  күлэн  хаадьылыыра.
             Аспыт  кырыымчык  буолан  буоллаҕа  буолуо,  сороҕор  кутуйах  бытатын  булан  мун-
          ньан,  кэлиигэ  мэһийэн,  суорунаҕа  тардан  бурдуктанарбыт.  Дьиэбитигэр  кыра,  үүт
          сүүрдэр дьиэҕэ холкуос улахан сэппэрээтэрин илиинэн эрийэн сүөгэй сүүрдэрбит.  Мэ-
          йиим  эргийиэр диэри талкы талкылаан,  этэрбэс буолар тириибитин имитэрбит.
             Ити  курдук холкуос  фермаларын,  сайылыктарын  кэрийэн  Күрэҥ Атынан,  Бээлээ-
          нинэн,  Буксуурунан сороҕор сыарҕалаах оҕуһунан, сороҕор тэлиэгэнэн,  көһө сылдьан,
          хас  эмэ  ыалынан  дьукаах  олорон,  үлэттэн  атыны  билбэт  кэмҥэ  олоҕум  бастакы  сыл-
          лара аастаҕа.
             Дьэ  итинник,  ийэбитигэр  илии-атах буолбута  буолан,  ньирэй  хомуйса,  уу-хаар  ба-
          сыһа, түптэ түптэлэһэ, уокка анаан мас сыыһа хомуйса,  кыһынын хаар уулаһа сылдьан,
          7-бин  туолуубар аҕабынаан  сыарҕалаах оҕуһунан  Балыктаахха  үөрэнэ диэн  бардыбыт.
          Биһиги дьиэбит аанынааҕар улахан  элбэх түннүктэрдээх аарыма  улахан  оскуола дьиэ-
          тин сөҕөн-махтайан  хантаарыҥныы,  көрө истэхпинэ,  арай  кэннибитигэр хаһан да  ис-
          тибэтэх тыаһым бирилээн иһилиннэ. Хайыһан көрбүтүм: улахан баҕайы туох эрэ буору
          өрө  бурҕатан  түргэн  баҕайытык  тигинээн  ахан  иһэр  эбит.  Олох  үрдүбүтүнэн  барар
          буолла дии  санаатым  да,  чугастааҕы  ыал  бүтэй  күрүөтүн  быыһынан  түһэн  тыыннаах
          хааллым  быһыылаах.  Ол  «полуторка» диэн  массыынаны  кытта аан  бастаан  көрсүһүүм
          буолар.
             Ийэм,  мин  көрдөхпүнэ,  бэйэтигэр улахан  баҕайы  хара  пиджак  көстүүм  кэтэн,  маа-
          ныга кэтэр былаатын баанан,  маанымсыйбыт саҕа сананан, дириэктэр  Гаврильев  Петр
          Алексеевичтаахха  оскуолаҕа  ылыллар  боппуруоспун  быһаарса  оҥостон  бардыбыт.
          Наһаа да  мааны,  үчүгэй баҕайы таҥас сабыылаах 2 хостоох, истиэнэлэригэр араас хар-
          тыына  ыйаммыт,  ыскааптарыгар  араас  кэрэ  оҥоһуктар:  кубалар,  слоннар  кэчигэрэс-
          пит,  ыраас, туох эрэ дьикти сыттаах (кэлин санаатахха, духи, ол быыһыгар бэчиэнньэ,
          урукку бэчиэнньэ  үчүгэй  баҕайы  сыттаах  буолар  этэ)  ыаллар  эбит.  Алтабар,  сэттэбэр
          диэри наар холкуос фермаларынан, наар ыалга дьукаах олорон, хотоннорунан, титиик-
          тэринэн сылдьыбыт, көлөһүн, ноһуом сытыттан уратыны оччо билбэтэх киһи көрүүбэр
          олох атын  хартыына.  Учууталым  буолуохтаах  Прасковья  Спирдоновна  мааны  баҕайы,
          буор-сыыс сыстыбатах, маҥан, кыраһыабай дьахтар туох эрэ мааны халааттаах сылдьан
          (мин  ийэм  эрэйдээх  уонна  кини  эйгэтэ,  холкуос  хотонуттан  тахсыбатах  барахсаттар
          хаһан  да  оннук таҥаһы  таҥнан  көрдөрбөтөх  таҥастара)  кэпсэтэрин  быыһыгар  чэйдэ-
          тээри  түбүгүрэн  киирэр-тахсар.  Холодуопкатыттан  бэчиэнньэ,  кэмпиэт  киллэрбитин
          көрөммүн,  ымсыырбьгг санаабар,  «арааһа,  холодуопкатыгар  сыалай  сундуук  кэмпиэт-
          тээх  быһыылаах»  диэн  «быһаара»  олордум.  Кэпсэтии  түмүгэр  «0»  кылааска  киирдим
          быһыылаах.  Эмиэ  ыалга  Захар  Сивцевтээххэ,  кэлин  Петр  Сивцевтээх  кыбытан,  дьу-
          каах  олорор  буоллубут.  Дьиэтэ  суох  дьону  үтүө  санаалаах  дьон  олордон  үөрэннэҕим.
          Ол  кэмҥэ  абаҕам  ыалдьан  хаалла.  Ону  «сэргэх  киһи  эн  ыарыылаа»  диэн  түүнүн  мин
          кэтиибин.  Балачча  эрэйдэнэн  өлөөхтөөбүтэ.  Кэлин  холкуос  көмөтүнэн  дьиэ  тутуута
          саҕаламмыта. Аҕам  ыалдьа сылдьар  кэмэ  этэ.  Ол  иһин  ийэбинээн  мас тиийбэккэ,  он-
          тон-мантан  мас  көрдөһөн,  ону  молохо  сыарҕаҕа  бэрэбинэ  аҥаар  төбөтүн  сор  бөҕөнөн
          үҥүлүтэн,  тиэйэн таһарбыт.
             Оскуолаҕа аан  бастаан  кэлиибэр олох билбэт,  хаһан да  көрбөтөх элбэх оҕоттон тол-
         ло-толло,  «киирэрим дуу, киирбэтим дуу» дии саныы-саныы аҕам сиэтиитин күүһүнэн
          киирдим быһыылаах.  Улахан баҕайы уолаттар,  кыргыттар бааллар.  Хайыы-үйэ  нэмнэ-


                                                      55
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64