Page 57 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 57

МҮРҮ нэһилиэгэ

         тааҕыта  кыайбыт,  Японияны  кытта салгыы  сэриилэһэ  олорор советскай дойду,  сэрии
          кэмигэр  айгыраабыт  олоҕун  чөлүгэр  түһэрэр,  бэйэни  харыстаммат  күүрээннээх  үлэ-
         тэ  бара  турар  кэмэ  буоллаҕа.  Сэрии  кэмигэр  аас-туор  олохтон,  күнүстэри-түүннэри
          күүстээх  үлэҕэ сүмэһиннэрин  эмнэрбит  кэмнэрэ да буоллар,  үлэ  баар  буолтун  кэннэ
         балыыһаланар  эҥин  диэн  өйдөрүгэр  да  оҕустарбат  дьон  буоллаҕа.  Кэлин  билбитим,
         аҕам  Парников  Степан  Николаевич  бу  холкуоһу  тэрийбит,  онно  бэрэссэдээтэллээн,
         сэрии  кэмигэр  саталлаах  дьаһалынан,  ылыннарыылаах  тылынан,  дэгиттэр  кыайыы-
         лаах үлэтинэн  биир да  киһини  хоргуппакка  кыайыыга  тириэрдибит киһи  эбит.  Хата,
         холкуостаахтара былааны аһара толорон, оройуон үрдүнэн хайҕанан үлэ үөһүгэр олор-
         буттар.  Оччолорго  оройуоҥҥа  70  холкуос  баарыттан  20-гэр  саталлаах  бэрэссэдээтэл-
         лэр  биир  да  киһини  хоргуппатахтар,  кыайыыны  уһансарга  дьиҥнээх  сүдү  кылаатта-
         рын  киллэрбит дьон  эбит.  Ол  ситэ  сыаналамматах  эбит диэн  билигин  толкуйдуубун.
         «Саҥалыы  сыаналыахха»  диэн  мунньахтарга да  эттим,  хаһыаттарга да  суруйдум.  Мин
         аҕам тутуу маастара, муҥхаһыт-балыксыт, сылгыга-сүөһүгэ сыстаҕас, от-хонуу, оҕуруот
         үлэтин дэгиттэр  баһылаан,  мындыр  өйүнэн  дьонун  хоргуппатах.  Найахы  нэһилиэгин
         холкуостарыгар  бэрэссэдээтэллэр  А.Заровняев,  И.Гоголев,  о.д.а.  салайааччылар  сата-
         быллаах дьаһалларынан,  бэйэ-бэйэҕэ  көмөлөһөр  үтүө  үгэстэри  тутуһан  биир да  киһи
         хоргуйбатаҕа.  Онон  ханнык да  ыар  кэмнэргэ,  сукка-курааҥҥа,  государство  былаанын
         толорон,  бөҕө  тыылы  тэрийэн,  армияны  аһынан-таҥаһынан  хааччыйсан,  кыайыыны
         аҕалсыбыт маннык дьаһаллаах  бэрэссэдээтэллэр  арыый  туспа  сыаналаныахтарын  сөп
         эбит.  Саатар сэрии кэмигэр төрөппүт,  ыарахан  үлэггэн  бырдылара  быстан,  сэниэлэрэ
         эстэн, эттэрин-сииннэрин сүмэһинин үлэҕэ эмнэрбит кэмнэригэр үөскэхтэтэн төрөп-
         пүт,  ыарахан  олохтон доруобуйаларыгар  оҕустарбыт,  эрдэ  тулаайах хаалан  эрэйи  көр-
         бүт оҕолоругар туох эмэ льгота  көрүллэрэ буоллар.
            Оччолорго  оройуон  киинигэр  улахан  тутуулары  ыытаары  холкуостартан  дьон  хо-
         муйбуттар.  Онно  мин  аҕам,  кыайыылаах  үлэһит  буолан,  2  киһи  суотугар  ыҥырыл-
         лыбыт.  Үйэ  аҥаарыттан  ордук  кэмҥэ  сулууспалаан  баран,  билигин  көтүрүллэн  эрэр
         хара уопсайдары тутууга үлэлэспит.  Үлэ бэтэрээнэ Симон Яковлевич Егоров: «Эн аҕаҥ
         чахчы  достойнай  киһи  этэ.  Дьон  убаастабылын  ылыан  ылбыт  киһи.  Сүрдээх  ылын-
         нарыылаах  тыллаах-өстөөх,  дьаһаллаах,  дуоспуруннаах  киһи.  Оччотооҕу  тутуу  маһа
         сүрдээх  суон,  уһун  буолара.  Ону  кини  соҕотоҕун  ортотуттан  көтөҕөрө.  Күүстээхпин
         дэммит дьон  иккилии буолан  мас тардыһан  көрөллөрө да,  хамсатан да  көрбөттөрө», —
         диэн  ахтар.  Аҕам  сэрии  кэмигэр  хайдах дьаһанан дьонун  хоргуппатаҕын  туһунан  үлэ,
         сэрии бэтэрээнэ,  Найахы киэн туттар киһитэ Сивцев Семен Константинович ыстатыйа
         суруйбутун В.Н. Луковцев «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн кинигэтигэр
         киллэрбит.  Кыра  кыыһым  Сандаара  Парникова  эһэтин  туһунан  дакылаат  суруйбутун
         олохтоох «Единай  Россия»  салайааччыта  С.К.  Данилова  оҕолор айымньыларын  хому-
         йан хомуурунньук кинигэтигэр киллэрбитэ.
            Эдьиийбинээн  Ааныстыын  3-5-тээх  сылдьан  торбос  хомуйсан,  хотонунан,  титии-
         гинэн  ийэбитин  кытта  бииргэ  иилэҥкэйдэһэн  сылдьарбыт.  Биирдэ  борооскулар  ти-
         гээрдээннэр,  хотонтон  тахсан  иһэн  эдьиийбин  умса  көтөн  баран  үрдүнэн  ыстаҥа-
         ластылар.  Мин  сүрэҕим  айахпар  тахсыар  диэри  уолуйдум,  олох  эдьиийбин  тэпсэн
         кэбистилэр диэн куттанным аҕай. Борооскулар тахсан бүппүттэрин кэннэ, хата, эдьии-
         йим  эрэйдээх  туран  кэлээхтээтэ.  Мин  эдьиийбин  аһынан  сүрэҕим  ньүөлүйбэхтиир.
         Туох да буолбатаҕын курдук туттаахтыыр да, итиччэ элбэх туйах көхсүн таарыйбыт буо-
         луохтаах.  Кэлин тыҥатынан,  бронхатынан эпэрээссийэ бөҕөнү бараахтаабыта. Жирков
         Василий  Дмитриевич  диэн  эмиэ  Бээрийэттэн  төрүттээх  суоппар  киһиэхэ  кэргэн  тах-
         сан, 4-тэ оҕолонон, араас үлэҕэ үлэлээн, хаһаайыстыба тэринэн, сүөһү ииттэн, биирдэ
         олорон турбакка киһи оҥортоон, хаһан да ыарыйдым,  өллүм-быһынным диэхтээбэккэ
         эрэ  эрдэ  үйэлэммитэ.  Сүрдээх  дьаһаллаах,  билиигэ-көрүүгэ  баҕалаах,  элбэҕи  ааҕар,
         үөрэхтээҕэ буоллар туох эрэ салайар да үлэҕэ үлэлиир кыахтаах этэ.  Оҕолоро  Васита —
         үрдүк  үөрэхтээх  математик,  Кэбээйигэ  Охлопковтарга  кийиит,  хас  да  оҕолоох,  Маша



                                                      53
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62