Page 55 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 55
МҮРҮ нэһилиэгэ
эбэтэ быыһаабыта-абыраабыта. Сыыйа олох көммүтэ. Дьоммут биһигини барыбытын
үөрэхтээн үлэһит оҥорбуттара. Мин 22 сыл доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэ-
лээтим. Бороҕоҥҥо киирэн олохсуйан, Орлов Гаврил Семеновичка эргэ баран, 40-
ча сыл дьоллоохтук олорбуппут. СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгунабын. Мүрү
нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕобун.
Биир кыыс оҕолоохпут. Кыыһым Федорова Февронья Гаврильевна улуус киин биб-
лиотекатын методическай отделын сэбиэдиссэйэ. Кэргэнэ Федоров Виктор Николае-
вичтыын түөрт оҕолоохтор, улахан сиэннэр номнуо үлэһиттэр, аччыгый сиэним Иван
Дьокуускайдааҕы сервис техникумун бастакы куурсун бүтэрдэ.
Охлопков Иван Николаевич
Аҕабыт Охлопков Иван Николаевич 1944 сьцшаахха Бэрт
Ууһун нэһилиэгэр Чирэпчигэ күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Бурцева
Евдокия Николаевна ыанньыксыт этэ. Биэс бииргэ төрөөбүттэн
саамай улаханнара буолан, оҕо эрдэҕиттэн ийэтигэр көмөлөһөн,
сопхуос үлэтигэр илии-атах буола сылдьара, кыайдын-кыайба-
тын үлэҕэ түсүһэн иһэрэ. Биирдэ оҕуһунан уу баһа сылдьан,
сууллан атаҕын өлөрөр. Куоракка өр гиипсэҕэ сытан эмтэнэр.
Бу оҕо сылдьан өлөрүүтэ олоҕун тухары өйдөбүлү хаалларар.
Онтон ийэбит Улуу кыайыы өрөгөйдөөх сарыала тыкпыт,
уһун иэдээннээх сэрии түмүклэнэн эрэр сылыгар Бэрт Ууһун
нэһилиэгэр Бастыҥ диэн кыра алаас сиргэ күн сирин көрөр.
Ийэтэ Прасковья Петровна икки оҕолоох огдообо хаалбыт. Кэ-
риэй Ли Сан Гун диэн оҕуруоччукка кэргэн тахсан, биһиги ийэбитин Зояны уонна
Лигорийы оҕолонолтор. Ийэбитигэр аҕатын араспаанньатын былыргы сэбиэт сурукка
киллэрэн Ли буолар.
Ийэбит кэпсииринэн, Орто Эбэҕэ сэттэ биэрэстэлээх сиргэ сатыы, сороҕор оҕуһунан
үөрэнэ бараллар эбит. Нэдиэлэтээҕи өйүөлэрин ылан, килиэптэрин остуорас эмээхсин
буһаран биэрэр эбит. Онно уопсай дьиэҕэ олордоллор. Таҥас-сап да чараас, мөлтөх
эбит. Оччотооҕу сэрии кэминээҕи тыа сирин оҕолоро буоланнар, үлэҕэ эриллэн улаап-
пыттар. От-мас бэлэмнээһигэр иҥнэн-толлон турбаттар, улахан дьону кытта тэҥҥэ
үлэлээн иһэллэр. Оҕо эрдэхтэриттэн үлэни араарбакка, үлэттэн киһи дьолун булар
диэн санаанан салайтарбыттар.
Ийэлээх аҕабыт биир сиртэн тардыылаах, оҕо эрдэхтэриттэн бииргэ оонньоон,
улаатан үлэһит, онтон сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолаллар. Аҕабыт столяр идэтин
баһылаан, биэнсийэҕэ барыар диэри үтүө суобастаахтык тутуу тэрилтэтигэр столяр-
най сыах биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Ийэбит үлэлээбит тэрилтэлэригэр сирдэрбэт
ыраас туттуулаах, түргэн-тарҕан буолан хайҕалга сылдьан биэнсийэҕэ тахсыбыта. Ик-
киэн Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо. Үлэ, тутуу бэтэрээннэрэ, ийэбит Бэрт
Ууһун бочуоттааҕа, Ил Түмэнтэн махтал суруктаах кыһыл көмүс чаһынан наҕараа-
далаах. Кыһыл көмүс сыбаайбаларын 2016 сыллаахха бэлиэтээбиттэрэ, «Таптал уонна
итэҕэйсии» мэтээл хаһаайыттара буолбуттара.
Алта оҕону гөрөтөн-иитэн, үлһит, ыал оҥортоон, дьиэ-уот тэринэрбитигэр, атахпы-
тыгар турарбытыгар ийэлээх аҕабыт күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара. Төрөппүттэрбит
олохторун тухары чөл олоҕу уонна үлэни өрө тутан биһигини ииппиттэрэ. Бу илдьэ
кэлбит сыалларын төрөппүт оҕолоро, элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ өйдүөхтэрэ, сал-
гыахтара. ситэриэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Ахтыыны суруйдулар төрөппүт оҕолоро
51

