Page 56 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 56

М ҮРҮ нэһилиэгэ

                                      Павлова Варвара Тихоновна

                                        Ийэбит,  үлэ  бэтэрээнэ  Варвара  Тихоновна  Павлова  1932
                                     сыллаахха от ыйын  12 күнүгэр Уус Алдан оройуонугар Эрбэһин
                                     таһыгар  Хоспохтоох  диэн  алааска  Мария  Иннокентьевна  На-
                                     зарова  уонна  Петр  Афанасьевич  Павлов  дьиэ  кэргэнигэр  үһүс
                                     оҕонон  күн  сирин  көрбүтэ.  Аҕата,  Хоҥор  биэ  хаһыытын  кыт-
                                     тыылааҕа,  эдэр  сааһыгар  өлөн,  бэрт  кыра  эрдэҕинэ  аҕатын  ай-
                                     маҕар  иитиллэн,  Тихоновна  диэн  буолбута.  Оҕо  сааһа  сэрии
                                     сылларыгар ааһан, холкуос ыар  үлэтин этинэн-хаанынан билэн
                                     улааппыта.  Онно  эбии  ииппит  аҕата,  инсуллаан,  суорҕан-тэл-
                                     лэх киһитэ буолан,  ийэбит дьиэ  кэргэн тутаах киһитэ буолбута.
                                     Аҕата  ороҥҥо  сытан  эрэ  куобахха  туһах  иитэргэ  үөрэтэн,  дьо-
                                     нун куобахтаан аһатан тыыннаах хаалларбыта.  Бииргэ иитилли-
            бит  убайа,  холкуос  биригэдьиирэ  Павлов  Николай  Тихонович,  сэриигэ  ыҥырыллан,
             21  эрэ  сааһыгар  Новгород  уобалаһыгар  Ильмень  күөлгэ  кыргыһыыга  өлбүтэ.  Сэрии
            кэннинээҕи  олох  төһө  да  аас-туор  буоллар,  ийэбит  Чараҥай  оскуолатын  бүтэрбитэ.
             Салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ, холкуос салалтата ханна ыытарынан үлэлээбитэ.  Үлэһит
            быһыытынан кыайыгас-хотугас,  сатабыллаах буолан, хаһан да сирдэрбэтэҕэ.  Ону Баа-
            таҕай оскуолатын тутуутугар балтараа тыһыынча маһы илиинэн эрбэһэн, атынан состо-
            рон киллэрсибит туруу үлэһиттэртэн биирдэстэрэ буолбута туоһулуур.  Оннук күүстээх
            үлэҕэ  биһиги  ийэбит  сылдьыбыта.  Өрөспүүбүлүкэҕэ  мас  кэрдээччинэн  үлэлээбит
            кыыс-дьахтар соҕотох буолуо.
               Кэлин аҕабытыгар Бурцев Гаврил Николаевичка кэргэн тахсан, хараҕа суох ииппит
            ийэтин,  ыарыһах  эдьиийин  Бороҕоҥҥо  илдьэ  киирэн  олохсуйбута.  Манна да  киирэн
            ханнык да үлэттэн иҥнибэтэҕэ.  Бэкээринэттэн атынан маҕаһыыннарга килиэп таһаач-
            чынан,  «Юность»  маҕаһыыҥҥа харабылынан үтүө суобастаахтык үлэлээн  биэнсийэҕэ
            тахсыбыта. Аҕабытынаан аҕыс оҕону төрөтөн,  иитэн  улаатыннарбыттара.
               Ийэбит Варвара Тихоновна элбэх сиэн тапталлаах эбэтэ, биһиэхэ сиэн көрсөн күүс-
            көмө буолан, махталбыт муҥура суох.  Ийэбит Варвара Тихоновна сааһын тухары сүөһү
            ас  иитэн,  толору  астаах  сандалылаах  Далбар  Хотун  буолар.  Онтон  билигин  ийэбит
            сөптөөх өй-санаа угар, алгыстыыр киһибит буолар.
                                                                                                Оҕолоро


                                   Парников Василий Степанович

                                       Мин,  1945  с.  ыам  ыйын  25  күнүгэр  Найахы  нэһилиэгин
                                     «Саҥа тахсыы» холкуос 10-ча ыаллаах, Балыктаахтан 10 км ыраах
                                     Күрэҥ ат диэн учаастагар ийэм,  Бээрийэттэн төрүтгээх Парни-
                                     кова  (Охлопкова)  Евдокия  Семеновна,  холкуос  25  ынаҕын  ыы
                                     сылдьан,  талыыта киирэн, дьиэбитигэр,  саха балаҕанын салҕаа-
                                     һыныгар  сүүрэн  кэлэн,  көмүлүөк  оһох  төрдүгэр  хардаҥ  оту
                                    тэлгээн  биэрэннэр,  күн  сирин  көрбүппүн.  Сэрии  кэннинээҕи
                                    саҥа олох саҥа көлүөнэтин бэрэстэбиитэлэ буолаары кэллэҕим.
                                     «Кыайыы  сылын  оҕотобун»  диэн  киэн  тутта  ааттанабын.  Мин
                                    олоҕум  сэрии  кэмин  үгүс  оҕолорун  эрэйдээх-буруйдаах  олох-
                                    торугар  майгынныыра  буолуо  диэн  кэлэр  кэнчээри  ыччакка
                                    билиһиннэрэр  санаалаах оҕо  сааспын  хайдах баарынан  суруйа-
                                    бын.  Сэрии  бүтүүтэ  төрөөбүт  көлүөнэ  оҕолор  олохпут,  сэрии
                                     иннинэ  төрөөн  дьиҥнээх  эрэйи-буруйу  көрбүт  көлүөнэ  оҕолор
            олохторутган  өссө  халымыр  буоллаҕа  дии.  Фашистскай  Германияны  аҕыйах  хонук-


                                                         52
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61