Page 83 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 83
МҮРҮ нэһилиэгэ
1961—1964 сс. Найахы «Коммунизм» холкуоска кылаабынай бухгалтерынан үлэлээ-
битим. 1965 с. Бороҕонҥо госбанҥа төннөн кэлбитим. Госстатистикаҕа, райтипогра-
фияҕа үлэлээбитим. 1997 с. балаҕан ыйыгар тохтообутум. Онтон ыла бу күҥҥэ диэри
Уус Алданнааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэригэр үлэлиибин. Петр Никотонович Гоголевы,
Николай Ефремович Аммосовы кытта үлэлээбитим. Билигин Иван Семенович Кали-
нинскайы кытта үлэлиибин.
Саха АССР Верховнай Сэбиэтиттэн, Эйэ сэбиэскэй фондатыттан Бочуотунай гра-
моталаахпын, Мүрү, Найахы нэһилиэктэрин, Уус Алдан оройуонун Бочуоттаах олох-
тооҕобун, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэбин, «Гражданскай килбиэн» бэлиэлээхпин.
2020 с.
Черноградская Елизавета Семеновна
Черноградскай Николай Алексеевич
Мин 1933 сыллаахха сэтинньи 15 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгин
Хомустаах бөһүөлэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр үһүс оҕо-
нон төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Аҕам Попов Семен
Константинович, ийэм Варвара Михайловна эрдэ 5 саастаахпар
өлбүтэ.
Аҕам сэбиэскэй бьыаас олохтонуутугар бэйэтин бас билэр
чааһынай сүөһүлэрин баҕа өттүнэн биэрэн, холкуос тэриллии-
тигэр көмөлөспүтэ, холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, үлэ-
лиир кэмигэр дьону хоргуйартан быыһаан түүннэри-күнүстэри
балыктаан дьону аһаппыта, онон дьон махталын ылбыта, биир
да киһи хоргуйууттан өлбөтөҕө. Холкуостар тэриллэ иликтэ-
ринэ, биһиги Хатырҕан диэн алааска 10-ча ыал буолан олорбуп-
пут. Онтон 1940 сыллаахха аҕам бэрэссэдээтэллии олорон Хомустаах бөһүөлэгэр улахан
бырабылыанньа дьиэтин кулуубу кытта холбуу туттарбыта, уот киллэртэрэн бөһүөлэк
тэриллибитэ, онон онно көспүппүт. Ол туттарбыт дьиэтэ билигин көһөрүллэн киирэн,
улуус киинигэр Бороҕоҥҥо социальнай харысхат управлениетын дьиэтэ буолан, күн
бүгүҥҥэ диэри кыаммат-кыһалҕалаах олоҕун чэпчэтиигэ анаан үлэлии турар.
Эдьиийим Марфа Семеновна Попова 1919 сыллаахха төрөөбүтэ, сэрии сылларыгар
Хомустаах сэлиэнньэтин олохтоох маҕаһыыныгар атыылааччынан үлэлээбитэ, оччо-
лорго дьон утары уунар харчыта суох буолан, дьоҥҥо иэс биэрэр анал тэтэрээттээҕэ,
онон нэһилиэнньэ үтүө сүрэхтээх атыылааччыттан тутатына сиир аһын-таҥаһын ылан
абыраналлара, куруук махтал тылынан ахталлара. Ол үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, Үлэ
Кыһыл Знамята уордьан кавалера буолбута. Кэргэнэ Семен Гаврильевич Никифоров
1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыта уонна дойдутугар эргиллибэтэҕэ. Соҕо-
тох уоллара Семен Семенович Никифоров байыаннай оскуоланы бүтэрэн, идэлээх
байыаннай комиссар буолан Эстония Тарту куоратыгар, Үөһээ Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа
байыаннай комиссарынан, кэлин Мүрү нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбитэ, кэргэн-
нээх, 3 оҕолоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.
Убайым Попов Михаил Семенович кэргэнинээн Екатерина Константиновналыын 4
оҕолоохтор, убайым 1941 сыллаахха юридическай оскуоланы бүтэрбитэ, сэриигэ 1942
сьилаахха ыҥырыллан, сэрии кыттыылааҕа. Онтон кэлэн Ньурбанан, Аллайыаханан,
Уус Алданынан норуодунай судьуйанан, суут бэрэссэдээтэлинэн 30 сыл үлэлээбитэ.
«Бочуот знага» уордьан кавалера, «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараада-
ламмыта, элбэх сиэннэрдээх, хос, хос-хос сиэннэрдээх. Улахан уола Семен Михайло-
вич Попов өр сылларга Уус Алдан суутун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, билигин от-
ставкаҕа олорор, Саха Өрөспүүбүлэкин үтүөлээх юриһа, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах
79

