Page 105 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 105
БЭРТҮУҺҮН нэһилиэгэ
Копырина Мавра Никифоровна
Мин 1973 сылтан Герой ийэ үрдүк аатын чиэстээхтик сүгэн,
кэргэним Иван Егорович Копыринныын 61 сыл устата дьол-
лоохтук олорон, 11 оҕону төрөтөн, бүөбэйдээн, үлэ, олох суолу-
гар үктэннэрбиппит.
Мин 1929 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр Уус Алдан оройуонугар
Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым сэрии ыар сыл-
ларыгар ааспыта, бииргэ төрөөбүттэрим, аймахтарым хоргуйан
өлбүтгэрэ. Мин ийэбин батыһан, 1943 сыллаахха Бороҕоҥҥо
киирбитим, онтон 1946 сыллаахха 17-лээх кыыс Сыырдаахха
кэлэн олохсуйбутум. Манна хонуу үлэтигэр улахан дьону кытта
тэҥҥэ үлэлэспитим, быыһыгар эмиэ да ыанньыксыттаабытым.
1950 сыллаахха Сыырдаах ыччата Иван Егорович Копыриҥҥа
кэргэн тахсыбытым. Үлэҕэ эдэр сааспыттан эриллэн, бастаан
холкуоска, онтон ыал буолан, оҕолонон-урууланан, 1949 сылтан олохтоох балыыһаҕа
санитаркалаан пенсияҕа тахсыахпар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитим.
Сэрии сылларыгар сыралаах үлэм сыанабылынан «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэрии-
тин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэр буолаллар. Эй-
элээх кэмҥэ элбэх оҕолоохпунан «Ийэ Албан аата» уордьан толору степеннэринэн,
дууһабын ууран үлэлээбит үлэбин сыаналаан, нэһилиэк дьаһалтатын махтал сурукта-
рынан, Бочуотунай грамоталарынан, «Бэрт Ууһун нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо»
анал бэлиэнэн наҕараадаламмытым.
Кэргэним Иван Егорович — холкуос, сопхуос бастыҥ үлэһитэ этэ, тыа сирин үлэтин
чэпчэтэргэ дьулуһар рационализатор. Ол курдук, турнепс ыһар сеялка, кирпииччэ буо-
рун мэһийэр агрегат айбыта, оройуоҥҥа от үлэтигэр аан бастаан пресс-подборгцигы
үлэлэппит киһи, бастыҥ булчут. Үрдүк ситиһиилээх үлэтэ 1956 сьгллаахха Саха АССР
Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан, 1Х-с пятилеткаҕа түүлээх
туттарыытын былаанын 162 бырыһыан толорон, чемпион-булчут, оройуоҥҥа от звено-
ларынан куоталаһыытыгар 5 төгүл чемпионнаан, көһө сылдьар вымпелларынан, 1976,
1977, 1980 сылларга «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» бэлиэлэринэн бэ-
лиэтэммитэ. Иван Егорович тыылга үлэтин иһин «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин
кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин», «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх
үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Мин 11 оҕо, 27 сиэн, 40 хос сиэн таптатлаах ийэлэрэ, эбэлэрэ буолабын. Оҕолор-
бунан, сиэннэрбинэн, хос сиэннэрбинэн толору дьоллоох Ийэбин. Үгүс сырабытын
ууран, тапталынан биһиктээн иитэн таһаарбыт, олоххо сөптөөх суолларын булларбыт
оҕолорбут инникилэрэ кэскиллээх диэн эрэнэ, итэҕэйэ саныыбын.
Тохсунньу, 2020 с.
Бурцев Василий Евграфович
1937 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бэрт Ууһун нэһилиэгэр Кэлимньэ
диэн сиргэ төрөөбүтүм.
Ийэм Данилова (Бурцева) Екатерина Николаевна, аҕам Бурцев Евграф Самсонович
диэннэр. Ийэм 16-та төрөөбүтүттэн 5 эрэ оҕо ордон хаатбыппыт: Улахан Ньукулай,
Маайа, Өлөөнө, аччыгый Ньукулай уонна Баһылай.
Кыра эрдэхпиттэн холкуоска ханна ыыталларынан көһөн, Чирэпчинэн, Таампара-
нан, Иччилээҕинэн, Элгээнинэн кыстыыр, сайылыыр этибит. 11 сааспыттан сайыҥҥы
көһүүгэ атын улуустарга: Намҥа, Кэбээйигэ элбэхтэ сылдьыбыппыт.
101

