Page 110 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 110
БЭРТҮҮҺҮН нэһилиэгэ
Мин 8-9 сааспар диэри хаампат, босхоҥ этим. Харахпынан өргө диэри көрбөт этим.
Ийэм эрэйдээх көрбөт, хаампат оҕотун сүгэ сыдцьан, ынах ыыр, үлэдиир этэ. Ыалдьар
буолан, оскуола паартатыгар олорботоҕум. Кэнники көрдөрөн, II группалаах инбэлиит
буобутум. Оҕо сааһым оннук ааспыта.
Сэрии кэнниттэн холкуоска ийэбин кытта ынах ыаһан, үүт астаһан, ньирэй көрөн
улааппытым. 22 сааспыттан Хатыҥ Сыһыыга харах сиэстэрэтинэн бирикээстээх үлэһит
буолбутум. Оччолорго турбут трахома ыарыыны эмтиирим. «Победа» холкуоска Бэрт
Ууһун участковай балыыһатыгар салгыы үлэлээбитим. Трахома ыарыы кыайтарбытын
кэннэ балыыһаҕа сиэстэрэнэн үлэлии хаалбытым.
1964 сыллаахха механизатор үөрэхтээх тырахтарыыс-комбайнер Захаров Егор Гав-
рильевичка кэргэн тахсыбытым. Онон ыал буолбут сирим, Сыырдаах бөһүөлэгэ, ик-
кис дойдум буолар. 5 оҕону төрөтөн, кэргэмминээн 22 сыл ньир-бааччы олорбуппут.
Кэргэним 1987 сыллаахха өлбүтэ. Ол кэнниттэн 4 уолум Советскай Армияҕа сулууспа-
лаан, Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин толорон кэлбиттэрэ. 1 уолум эдэр сааһыгар
суорума суолламмыта, 3 уолум, кыыһым билигин ыаллар.
Улахан уолум Егор Егорович Дьокуускай куоракка олорор, кэргэннээх, 2 кыыстаах.
Электрик идэтин баһылаан, өр сылларга идэтинэн үлэлээбитэ, билигин миэбэл оҥо-
рор чааһынай тэрилтэҕэ үлэлиир. Кэргэнэ Александра Александровна, пенсионнай
фондаҕа техүлэһит. Улахан кыыс Яна омук тылын факультетыгар II курска үөрэнэр.
Кыра кыыс Сахаайа — IX кылаас үөрэнээччитэ.
Иккис уол Гаврил Егорович эмиэ Дьокуускай куоракка олорор. Кэргэннээх, 4 оҕо-
лоох. Идэтинэн журналист. Саха телевидениетигэр «Арчы», «Тыа сирэ» программа-
лар редактордара, билигин «Саха» НКИК филиаллары кытта үлэлиир сулууспа сала-
йааччыта. Кэргэнэ Татьяна Ильинична эмиэ журналист. «Киин куорат» хаһыакка,
онтон «Кыымҥа» «Лоһуура» псевдонимынан суруйар. Сарыал армияҕа сулууспалыыр,
Фатина, Гоша — оскуола, «Күнчээнэ» уһуйаан оҕолоро.
Үһүс уол Иван Егорович Бороҕоҥҥо олорор, кэргэннээх, 3 оҕолоох. Идэтинэн ты-
рахтарыыс, өр кэмҥэ суолу тутар тэрилтэҕэ үлэлээбитэ, билигин таксистыыр. Кэргэнэ
Индира Афанасьевна медсестра идэлээх. Билигин киин поликлиникаҕа рентген-лабо-
ранынан үлэлии сылдьар. Улахан уол Ваня армияҕа сулууспалыы сылдьар, Денис газо-
вик-слесарь идэтигэр үөрэнэр, кыыстара Валерия — II кылаас үөрэнээччитэ.
Кыыһым Евдокия Егоровна Сыырдаахха олорор, кэргэннээх, 3 оҕолоох. Бухгал-
тер идэлээх, Бороҕоҥҥо тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар идэтинэн үлэлиир. Кэргэнэ
Прокопий Ильич суоппар-сварщик идэлээх, өр кэмҥэ сваргцигынан үлэлээбитэ. Уол-
лара Илья, кыыстара Олеся оскуоланы, үөрэҕи бүтэрэн, үлэһиттэр, Саша — медкол-
ледж устудьуона.
Төрөөбүт төрүт сирбиттэн чугас буоламмын, сибээспин быспаппын. Быйыл аҕыс
уон үһүс хаарбар үктэнним. Сылын аайы Ньукуолуҥҥа «Хатыҥ Сыһыы» сайылыкпар
киирэн сөтүөлүүбүн. Сайыны көрсө Хатыҥ Сыһыыттан төрүттээх аҕа табаарыстар-
быт, биһиги биир көлүөнэ дьоно, ону тэҥэ ыччаттарбыт мустан ыһыах ыһабыт, сылга
биирдэ түмсэн, сэргэхсийэн, ыллаан-туойан, ахтыһан ааһабыт. Дойдум, сайылыгым
үрүҥ илгэтинэн биир баар-суох быраатым — убайым Ньукулай улахан уола — Николай
Крылов, быспакка хааччыйа турара күүспэр күүс, сэниэбэр сэниэ эбэр. Онон оҕобор
бу ахтыы нөҥүө улахан махталбын биллэрэбин! Ыччат дьонуҥ, төрүттэриҥ, өбүгэлэ-
риҥ үтүө ааттарын үйэтитэ сырыт, барыгытыгар дьолу-соргуну баҕарабын!
Үтүө-мааны сиртэн силистээх-мутуктаах ыччаггарбыт, уһун үйэлэргэ үлэттэн дьол-
лонон, ил-эйэ аргыстанан, өбүгэлэргитин утумнаан, үлэлии-хамсыы сылдьыҥ, дьон
киэнэ үтүөтэ-мааныта буолуҥ!
«Сэрии оҕото» диэн өйдөбүнньүк мэтээллээхпин.
106

