Page 109 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 109
БЭРТ ҮҮҺҮН нэһилиэгэ
Оччотооҕу дьон бары ыарахан үдэ үөһүгэр сылдьар буолан,
оҕолор бары дьиэ үлэтигэр күүс-көмө буоларбыт. Холкуос үлэ-
тигэр эрдэ туран, окко, солооһун ыраастааһыныгар барарбыт.
Сэрии сылларыгар сут-кураан кэмигэр төрөөбүт оҕолору
дьоммут, бука сэрэйдэххэ, бары эрэйи көрөн дьон гыннахта-
ра буолуо. Биһиги уончалаах да эрдэхпитинэ, ас-үөл, таҥас-сап
кэмчи буолара. Ол иһин урукку оҕолор кыра да аһы-үөлү бэйэ-
бэйэбитигэр бэрсиһэн, өйөнсөн, өйдөһөн улааттахпыт.
Оччотооҕу дьон бары элбэх ыал буолан бииргэ олороллоро.
Ол курдук, биһиги эмиэ 1959 сыллаахха диэри аҕам балта Мар-
фа Николаевна, ийэлэрэ Өлөөнө, биһиги бэһиэ буолан, абаҕа-
быт ааҕы кытта бииргэ олорбуппут. Элбэх ыалдьыт, дьон-сэргэ
үөрэ-көтө сылдьан, хонон-өрөөн бараллара. Онон ийэм элбэхтик түбүгүрэрэ. Кини
биһигини, оҕолорун, көмөлөһүннэрэрэ. Кэнники аҕам ону ахтан, ийэбэр ис-иһиттэн
махтанара. Ол иһин буолуо, сэрии кэминээҕи оҕолор олохторугар элбэх ыарахатта-
ры көрсөн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаах, чугас дьонноругар болҕомтолоох, үтүө
үлэһит дьон буола улааттахтара.
Мин 1969 с. ЯСХТ агроном идэтин бүтэрэн кэлэн, Сыырдаахха, онтон 1970 с.
Чирэпчигэ биригэдьииринэн үлэлээбитим. Онтон Сыырдаахха көһөн кэлэн, уонтан
тахса сыл «Үрдүк үүнүү» звенотун салайбытым. 1990 с. Тумул отделениетыгар сыл-
гыһыттар биригээдэлэригэр үлэлээбитим.
Кэргэним Данилова Анна Михайловна, 25 сыл эргиэҥҥэ үлэлээн, 2000 с. пенсияҕа
тахсан олорор, үлэ бэтэрээнэ. 4 оҕолоохпут: Докторова Саргылаана Петровна — Орто
Эбэ сүрүн оскуолатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна; Данилов Михаил Петро-
вич — эбии үөрэхтээһин педагога; Данилова Мария Петровна — инбэлиит; Дани-
лов Петр Петрович — ХИФУ НИИПЭС ирбэт тоҥ почваны үөрэтэр лабораториятын
сэбиэдиссэйэ, старшай научнай сотрудник, биологическай наука кандидата.
Олуннъу 10 күнэ, 2020 с.
Захарова (Крылова) Евдокия Филипповна
Мин 1937 сыл муус устар 21 күнүгэр «Хатыҥ Сыһыы» хол-
куос үлэһит дьонугар Парасковья Ивановна, Филипп Романо-
вич Крыловтарга 14-с оҕонон күн сирин көрбүтүм.
Ийэм, аҕам тустарынан үгүс элбэҕи билбэтэрбин да, аймах-
тарым тустарынан тугу билэрбин, истибиппин аҕыйах тылынан
билиһиннэриэм. Оччотооҕу дьон, олохторо ыараханыттан эбитэ
дуу, ону-маны мээнэ кэпсээбэт үгэстээхтэрэ. Ийэм, Бээрийэ
Баһылайаптарын кыыстара, иитиллибитинэн Неустроева эбитэ
үһү. Бииргэ төрөөбүт 5-тэр. Кини улаханнара, онтон Бүөтүр,
Өлөксөй, Балаайа, Маайа. Бүөтүр Баһылайап кэргэннэнэн,
2 оҕолонон (Бүөккэ, Рая) Бээрийэҕэ олорбута. Ийэм бииргэ
төрөөбүттэриттэн көрбүт, билсибит киһим кини эрэ. Оҕонньор
сэрии бэтэрээнэ, аҕыйах сыллааҕыта өлбүтэ. Таайбын кытта хара өлүөр диэри билси-
битим. Иккис уол Өлөксөй, эдэр сааһыгар Москва куораты булан, билигин да онно
олорор. Балаайа Кэптэнигэ Дегтярев Маппый диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, 5 оҕону
төрөтөн баран, эдэр сааһыгар өлөөхтөөбүт. Маайа барахсан ханна тиийэн олохсуйбутун
билбэппин. Бу да ийэм тыыннааҕар билэн хааллаҕым. Ийэм 1986 с. 92 сааһыгар өлбүтэ.
Ийэм өттүлэрэ уһун үйэлээхтэр эбит.
Аҕабар ийэм иккис кэргэнинэн кэлбит. Бастакы кэргэниттэн Силип Арамаан диэн
уоллаах, иитиллибитинэн Өндөрөйөбүс буолбут. Бу улахан убайбыт Арамаан Мындаа-
баҕа олохсуйбута. 7 оҕолоох, 10-ча сиэннээх.
105

