Page 141 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 141
БЭЭРИЙЭ нэһилиэгэ
Бээрийэ нэһилиэгэ
Васильев Егор Ильич
1941 с. Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолуо үс ый иннинэ муус
устар 2 күнүгэр «Буденнай» аатынан холкуос киинигэр Тоноҕос
диэн биһиги аймах уутуйан олорбут сиригэр төрөөбүтүм. То-
ноҕос Танда үрэх сүнньүгэр, арааһа, сирэ-уота өҥүнэн, киэ-
ҥинэн бастыҥнара буолуо.
Биһиги дьиэ кэргэн аҕабыт Васильев Илья Иванович, ийэбит
Васильева Анна Гаврильевна алта оҕону төрөппүттэрэ. Сэрии
сылларыгар хайдах тыыннаах хаалбыппын сөҕүөххэ эрэ сөп. Оч-
чолорго «Буденнай» холкуос бэрэссэдээтэлинэн Васильев Петр
Николаевич диэн Суотту киһитэ үлэлээбит. Кини дьаһалынан
буоллаҕа буолуо, сөп-сөп «Буденнай» холкуос сылгыта-сүөһүтэ
оһоллонор үһү, ону дьоҥҥо үллэрэн биэрэн хоргуйан өлүүтгэн быыһаабыт. Инньэ
гынан, биһиги холкуостан киһи хоргуйан өлбөтөх. «Туругурдуу» холкуостан кэмэ
суох киһи өлбүт. Саха сиригэр Васильев Петр Николаевич курдук дьону хоргуйууттан
быыһаабыт холкуос бэрэссэдээтэллэрэ дэҥ да буоллар бааллар эбит. Дьиҥинэн, ки-
нилэр ааттара дорҕоонноохтук аатганыахтарын сөп этэ.
1949 сыллаахха Бээрийэ начаалынай оскуолатыгар ньолобуой кылааска киирбитим.
1950 сыллаахха Түүлээх сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. 1954 сыллаахха
Бороҕоҥҥо Мүрү орто оскуолатыгар үөрэнэн, 1957 сыллаахха сэтгэ кылааһы бүтэрби-
тим. Салгыы үөрэммэтэҕим. Дойдубар тахсан «Энгельс» аатынан холкуоска араас үлэҕэ
үлэлээбитинэн барбытым.
«Буденнай» уонна «Туругурдуу» холкуостар холбоспут этилэр. Берия Л.П. таҥнарыах-
сьҥ буолан, холкуоспут «Энгельс» аатын сүкпүтэ. Ити 1953 с. этэ. 1960 с. Уус Алдан
оройуонун МТС-ка тырахтарыыстар 4 ыйдаах куурустарын бүтэрбитим уонна 10-ча сыл
ДТ-54 тыраахтарга үлэлээбитим. Түүлээхтэри кытга холбоһон «Коммунизм суола» хол-
куос буола сылдьыбыппыт. Онтон тандалары, тиит арыылары кытта холбоһон, «Парти-
зан Егоров» буолбуппут, онтон Чараҥ, Майаҕас холбоһон, 100-н тахса километр усталаах
Адцан өрүстэн Майаҕаска диэри тэлийэ тиийэр «Партизан Егоров» холкуос этибит. Ол
курдук, бөдөҥсүтүү буолбута. Хата, кураан буолан, суол син баар этэ. Холкуос саҕана
дохуот диэн олох суоҕун тэнэ этэ. Көлөһүн күнэ диэн ааҕыллара. Сыл бүтэһигэр туох
эмэ бэрт кыра эти-арыыны түҥэтэллэр. Онон наһаа үчүгэйэ суох олох этэ. Мин Бээ-
рийэ биригээдэтигэр сайын окко элбэх сыл ыччат звенотун дьаһайан үлэлээбитим. Онон
холкуос туһунан түмүктээн эттэххэ, 1956 сылтан 1974 сылга диэри холкуоска үлэлээбит
кэмнэрим ас-үөл, таҥас-сап өттүнэн киһи наһаа ымсыырбат кэмнэрэ этилэр.
1974 сылга Герой Егоров аатынан сопхуос буолбуппут. Онон хамнаһы ыйга иккитэ ылар
буолбуппуг. Хамнаспьҥ октад буолбута. Харчы элбээбшэ. Үлэ син балайда барар буолбута.
137

