Page 144 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 144
БЭЭРИЙЭ нэһилиэгэ
саамай күүстээхтэрэ, ынаҕы муоһуттан ылан сиргэ муннун хам баттаан быалаабытгар,
саамай харса суохтара, саамай эдэрдэрэ Хобороос (Марталаах ийэлэрэ, арааһа, саҥа кэр-
гэн тахсыбыт кыыс), ынахтарын аннынан сылыпыс гынан ньирэйи нэһиилэ туппута үһү.
Сэрии кэмигэр биһиги Батыйалаахха олорбуппут. Эһэм баар буолан тыыннаах хаал-
быппыт. Эһэм, оччолорго 80-чалаах оҕонньор да буоллар, сүөһүтүн отун бэйэтэ от-
тоон сыл таһаартыыр эбит. Мин оччотооҕу кэми өйдүүрүм диэн элэҥ-сэлэҥ, биир эмэ
эпизод, хаартыска курдук буоллаҕа... Марталаах ийэлэрэ Хобороос барахсан оччолорго
икки оҕолоох (Васий уонна эдьиийэ Морууса), олох эдэр дьахтар, Бээрийэҕэ киирэн
иһэн Батыйалаахха биһиэхэ сылдьан ааспытын өйдүүбүн. Киирээт да холумтан үрдү-
гэр ыстанан тахсан уокка иттибитэ билигин да харахпар хаартыска курдук көстөр, бука
тобуга тоҥоохтоотоҕо буолаахтыа... Эбэм барахсан тута сылаас чэй кута охсон биэрби-
тин уонна Хоборооһу аһынан айманара өйбөр хаалбыт...
Төннөн истэҕинэ, ийэм лэппиэскэтин чиэппэрин бэрсэн ыһык оҥорон Васийдаах
Моруусаҕа кэһии ыыппытын өйдүүбүн, бука ол ыһыкка наһаа ымсыыран итинник
өйбөр хааллаҕа буолаахтыа...
Сэрии бүтэр сылыгар Хоту Үөскэ кыстаабыппыт. Ону да эмиэ биир эмит түгэни
өйдүүбүн, син улаатан 4 сааспын ааһан, 5-пэр сылдьар киһи буоллаҕым. Ити дьиэҕэ
Баппаҕайдар 6 киһи, Кылбаа кыыһынаан Моруусазыын (Наскы кэргэнэ, чабырҕахсыт
Морууса), биһиги төрдүөбүт, Сиидэрдээх иккиэлэр, Тарскай Мотята уопсайа 15 киһи
биир дьиэҕэ дьукаахтаһан олорбуппут. Кэтириис эмээхсин киҥнээх баҕайы, абаҕам
Баппаҕай Уйбаан холку киһи этилэр. Кэтириис кыыһын Таанньаны тугу тута сылдьа-
рынан кырбыыр этэ. Биирдэ нэлэгэр миискэнэн тобулута сынньыбытыгар куттанан
ороммор олорон эрэ ытаабыппын өйдүүбүн.
Төһө да кырыымчык, аас-туор сыллар буоллаллар, син оҕолор буоллахпыт дии,
арааһы барытын оонньуурбут. Биирдэ Морууса хокууккатын таҥаһын сууйан баран
көмүлүөк оһоххо үтэһэҕэ ууран куурда турдубут. Ону мин атыҥҥа аралдьыйан уокка
кэриэрдэн, Морууса миигин дэлби мөхпүтэ билигин да өйбөр баар.
Саас куор туран оҕолор ыарыйдыбыт. Мин, төбөм, хараҕым ыалдьар буолан, наар
сытабын. Арай биир күн элбэх киһи киирэн күүгүнэспитигэр, эмискэ уһуктан ытаа-
тым, ону ийэм хам кууһан олорон: «Ытаама тоойуом. Кыайыы буолбут», — диэн уос-
кута сатыыр. Кыайыы диэн тугун билбэппин, син биир сыыгыныы олоробун, төбөм
ыалдьар. Ол быыһыгар кылатан остуол диэки көрбүтүм: биир мааны баҕайы бөдөҥ
киһи туран эрэн тугу эрэ кэпсээн добдугуратар. Куттанан да ытаан бүттүм быһыылаах
этэ. Ити сыл саас эрдэ кэлэн дьон сааскы ыһыыларын ыһа сылдьаллар эбит. Онно сэ-
рии бүппүтүн Винокуров Федор диэн киһи кэлэн кэпсээбитэ үһү.
Сэрии кэнниттэн олох тута үчүгэй буолбатаҕа... Холкуостаахтар хойукка диэри хам-
наһа суох дохуокка эрэ өр сылларга үлэлээбиттэрэ. Мин көлүөнэм, сэрии сылларын
оҕолоро, оскуолаҕа киириэхпититтэн холкуос араас үлэтигэр үлэлээбиппит. Бастаан
оҕуруокка, онтон бэһис кылааһы бүтэриэхпититтэн окко сайыны быһа үлэлиир эти-
бит. Алтыһы бүтэриэхпиттэн атынан от мустарыытыгар, кэлин дьону солбуйан оҕус-
тарыыга, уопсайынан да онуһу бутэрэн үөрэххэ барыахпар диэри уолаттары кытары
тэҥҥэ үлэлээбитим. Тоҕо эрэ, кыыс кыыс курдук, кыраабыл тутан от мунньубуппун
өйдөөбөппүн...
Үлэм быыһыгар киэһэ хотуурунан от охсон ынахпытын ииттибиппит. Ийэм мун-
ньан бугуллуур, иккиэн кэбиһэр этибит. Холкуоска үлэлээн төһө дохуоту аахсыбып-
пын билбэппин, бука, ийэбэр биэрэллэрэ буолуо.
Оҕону барытын араас үлэҕэ үлэлэтэллэрэ: сиэмэ быһыытыгар, сонуох солооһунугар,
оттооһуҥҥа... Биһиги ордук Григорий Гаврильевич Васильевы кытта үлэлиирбитин
сөбүлүүр этибит. Кини сымнаҕас майгылаах буолан биир да оҕону мөхпөт, атаҕастаа-
бат, туора туппат этэ. Үксүн Жиркова (Артамонова) Дашалыын ат миинээрибит Кир-
гиэлэйи тула көтөр этибит. Үлэ киһини кытаатыннарар, бэйэҕэр эрэллээх оҥорор.
Ханна да сырыттарбын, ханнык да үлэтгэн чаҕыйбат, барытын сатыыр, кыайар этим.
140

