Page 149 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 149

БЭЭРИЙЭ нэһилиэгэ

           Мин  1962  сьшлаахха  Бээрийэ  нэһилиэгэр  көрдөһөн  тиийэн  коммутаторыйан  (би-
        лиҥҥинэн  почта  үлэһитэ)  үлэлии сылдьан,  1963  сыллаахха  Бээрийэ уолугар,  тырахта-
        рыыс  Васильев  Николай  Иннокентьевичтыын  дьолбутун  холбоон,  ыал  буолан  49  сыл
        4 ый бииргэ олорбуппут.  Кини эрдэ тулаайах хаалан,  олох очурун-чочурун эрдэ билэн
        улааппыт,  ханнык  да  үлэттэн  толлубакка  үлэлиир  үлэһит  бэрдэ,  дьон  кыһалҕатын
        өйдүүр,  үтүө  санаалаах,  сытыары-сымнаҕас  киһи  этэ.  Кини  2010  сыллаахха  ыарахан
        ыарыыттан  суох  буолбута.  Биһиги  икки  оҕону  иитэн  улаатыннаран,  билигин  5  сиэн-
        нээхпит,  5  хос  сиэннээхпит.  Сааспыт  тухары  Бээрийэҕэ  олорон,  үлэлээн  кырдьан
        олордоҕум.  Үлэлээбит  сылларым  барыта  Бээрийэҕэ  ааспыта.  Үлэм  сыаначанан,  СӨ
        социальнай  сулууспатан  туйгунабын,  СӨ  бочуоттаах  бэтэрээнэбин,  «СӨ  социальнай-
        экономическай  сайдыытыгар  кылаатын  иһин»  үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайкатабын.


               Семен Михайлович, Варвара Федотовна Васильевтар

           Бээрийэ  нэһилиэгэр  Кутаама  үрэҕэ  кэрэ  айылҕалаах,  өҥ
        сирдээх,  бултаах-алтаах  Аччыгый  алаас  диэн  сиргэ  Семен  Ми-
        хайлович,  Варвара Федотовна Васильевтар «Туругурдуу» холкуос
        чилиэннэрэ  буолан,  үс  уол  оҕолонон  быр-бааччы  олорбуттара.
         1941  сыллаахха  Аҕа  дойдубутугар  улахан  алдьатыылаах,  уоттаах
        сэрии саҕаланар.  Ол кэмҥэ  Васильевтар улахан  Ньукулайдара —
         13,  кыра  Ньукулай  —  8,  аччыгый уол Уйбаан 6 саастаахтара.
           Сэрии, кураан, сут-сутурҕан ыар сыллара оччотооҕу хас биир-
        дии ыалы  барыларын  хаарыйбыта.
           Сэмэннээх  Балбаара  улахан  уоллара  Ньукулай  холкуос  араас
        үлэлэригэр  сэриигэ  барбатах  оҕонньоттору  кытта  икки  хараҥа-
        ны  силбэһиннэрэн  үлэлиирэ.  Сэрии  сылларыгар  таһаарыылаах           Ийэлэрэ Васильева
        үлэтин  иһин  18  саастаах  улахан  уол  Ньукулай  «1941-1945  сс.     Варвара  Федотовна
        Аҕа  дойдуну  көмүскүүр  Улуу  сэрии  кэмигэр  килбиэннээх  үлэтин  иһин»  мэтээлинэн
        1946  сыллаахха  наҕараадаламмыта.  Онтон  салгыы  улаатан,  аны  Ньукулай  Сэмэнэбис
        I  Бээрийэ  нэһилиэгэр  холкуос  үчүгэй  үлэлээх  сылгыһыта  буолар.  Ол  иһин  төрөөбүт
        нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ  Сылгыһыт  Ньукулай диэн ааттыыллара.
           Ньукулай дойдутугар  үлэлии  сылдьан,  1957  сыллаахха Уһун  Күөл  бөһүөлэгиттэн  от
        сии  Кутаама  үрэх  Баҕарах  диэн  сиригэр  сүөһү  көрөн  кыстыы  кэлбит  Стрекаловская
        Анна  Гаврильевна диэн кыыһы таптаан,  икки өттүттэн сөбүлэһэн,  1957 сыллаахха ыам
        ыйын 2 күнүгэр ыал буолан,  Кутаама үрэххэ Ньукулай аймаҕа Өлөксөй дьиэтигэр Бээ-
        рийэҕэ  аан  маҥнай  комсомольскай  урууну  оҥорбуттар.  Ол комсомольскай  урууну оч-
        чотооҕуга  Бээрийэҕэ  почтаҕа үлэлиир  Рожина Александра Никитична  — сэбиэт Суура
        тэрийэн,  салайан  ыыппыт.  Ол  комсомольскай  урууну тэрийбитин  туһунан  1972  сыл-
        ларга Дүпсүн нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон Атександра  Ники-
        тична  миэхэ  олус  өрө  көтөҕүллэн  кэпсээбитэ.  Ол  сылларга  мин  Дүпсүҥҥэ  «Октябрь»
        холкуоска  комсомольскай  тэрҥтгэ  сэкирэтээринэн  үлэлиирим.  Оччотооҕу  Бээрийэ
        нэһилиэгин  ыччаттара  олус  көхтөөхтөрүн,  үлэҕэ  түмсүүлээхтэрин,  ханнык да  үлэттэн
        иҥнэн-толлон турбаттарын туһунан олус өрө көтөҕүллэн, астынан туран кэпсиирэ.  Сэ-
        рии сылын  оҕолоро оннук өйгө-санааҕа  иитилиннэхтэрэ.
           Ньукулай Ааныһынаан 6 оҕоломмуттара, элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр.  Били-
        гин Анна  Гаврильевна  87  сааһыгар тиийэн  I  Өспөх нэһилиэгэр Уһун  Күөл бөһүөлэгэр
        уолаттара  Сэмэн,  Гурий,  сиэн  уол Атександр,  кини  кэргэнэ  —  сиэн  кийиит,  Сунтаар
        Сиэйэтиттэн  төрүттээх Данилова  Екатерина  Алексеевна  сьтаас  сыһыаннарыгар  угут-
        танан  этэҥҥэ  олорор.  Онтон  Николай  Семенович  1  2010  сыллаахха  82  сааһыгар  орто
        дойдуттан  бараахтаабыта.


                                                   145
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154