Page 153 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 153
БЭЭРИЙЭ нэһилиэгэ
пискалаах олоҕо Хоро нэһилиэгэ буолар. Онон Майаҕаһын күндүтүк саныыр, олоҕун
тухары олорбут Бээрийэтигэр тардыһан, сайын аайы тахсан сайылыыр.
Биһиги ийэбит — арьшхай дириҥ харахтаах, айылҕаттан нус бааччы сымнаҕас май-
гылаах, киэҥ көҕүстээх, кэрэ киһи. Оҕолоругар, сиэннэригэр сүрүн сүбэһит, Муҥура
суох оҕомсох, ол курдук аһыныгас, харымтас. Хас биирдии оҕотугар, сиэнигэр, хос
сиэнигэр тиийэ ураты истиҥ болҕомтолоох. Үлэттэн, ыарахантан тътубат, тулуур-
даах, уйумтуо, ис күүстээх дьиҥнээх Ийэ. Ханнык да үлэ буоллун, кини аа-дьуо хаама
сылдьан, ыраастык тутан-хабан, бүтэрбитэ-оһорбута, кыайбыта-хоппута эрэ баар буо-
лар. Хаһан баҕарар, дьонугар, оҕолоругар аһы ас курдук тутан, олус ытыктабыллаах-
тык, суохтан-баартан холбоон, сыа-сым курдук тутан остуолга тардар ураты абылаҥ
күүстээх. Оҕо, сиэн, уруу олус таптыыр, өрүү махтанар, холобур ылар, киэн туттар ис-
тиҥ ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ. Ким да буоллун, кийиит, күтүөт, сиэннэр, бары эбэбит бэрэс-
китин, миинин, үүттээх чэйин ураты минньигэһин бэлиэтииллэр. Оҕолорго, сиэннэр-
гэ анаан бэрэски оҥорон, тоҥорор, ханна олороллорунан ыытар, түҥэтэр үгэстээх.
Анна Павловна сайын дойдутугар Бээрийэҕэ эбэтэр Майаҕаска кэллэҕинэ, кини
үүтгээх чэйин иһээри, ыалдьыт үксүүр. Элбэх саҥата суох эрээри, сыыйа ис иһиттэн
тахса турар, киһи эрэ истэ олоруох, кэпсиир дьикти дьоҕурдаах. Алтыспыт дьонуттан
кинини иһигэр киллэрэн, хайгыы, сөҕө санаабыт киһини булан ылар олус судургу.
Дьон киниэхэ тардыһар, кинини ытыктыыр.
Анна Павловна, соҕотох бэйэтэ, Валентин Иннокентьевичтыын элбэх оҕолонон,
сиэннэнэн, хос сиэннэнэн билигин киэҥ аймах ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ. Оҕолоро,
сиэннэрэ Дьокуускайга, Москваҕа, Лондонҥа, Орто Халымаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус
Алдаҥҥа олороллор, үлэлииллэр, үөрэнэллэр.
У.тхан кыыһа Валентина Кычкина
2020 с.
Охлопков Иннокентий Григорьевич
Охлопкова Анастасия Михайловна
Мин сэрии оҕолоро, тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ, иккиэн Бээ-
рийэттэн төрүттээх кэргэннии Охлопковтар тустарынан суру-
йарбын көҥүллээҥ.
Аҕам Охлопков Иннокентий Григо-
рьевич 1930 сыллаахха сэтинньи 4 күнү-
гэр Тандагыга күн сирин көрбүтэ. Кини
аҕатын, Охлопков Григорий Якоатевич,
1896 сыллаах төрүөх туһунан Алексей Бя-
рияк «Өлөксөөс» диэн кинигэтигэр ман-
нык суруйбут:
«Григорий Яковлевич Охлопков —
холкуос бэрэссэдээтэлэ. Кини түүннэри-күннэри эргиччи кэ-
риэтэ сылдьан үлэлиир... артыалын үлэтин быһаарар. Аҕата
быстар дьадаҥы буолан ... Григорий уончатын туоларын кытта
Сиип оҕонньордооххо «ииттэрэ-аһаттара» биэрбитгэр».
Кини «Туругурдуу» холкуоска 3 сыл бэрэссэдээтэллээн баран, кэлин 1942 сыллаахха
диэри хонуу биригэдьииринэн, бырабылыанньа чилиэнинэн үлэлээбит. Ол эрэн, оч-
чотооҕу холкуос уонна нэһилиэк тойотторун сут кэмигэр норуот баайын уоран сииллэ-
ригэр хаһан да чугаһаабат эбит.
1942 сыллаахха биир мунньахха үрдүк сололоохтор холкуос үбүн-аһын ыскайдыыл-
149

