Page 151 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 151
БЭЭРИЙЭ нэһилиэгэ
бэйэтин билиитин үрдэтэн үлэлээбитэ. Киниэхэ киинэҕэ үлэ-
лии сырыттаҕына, 1978 сыллаахха «Үлэ бэтэрээнэ», 1997 сыл
тохсунньуга «Тыыл бэтэрээнэ» аат бэриллибитэ, «Саха сирин
киинэтин бэтэрээнэ» диэн анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Тыыл бэтэрээнэ Иван Семенович 1941-1945 сыллардаах «Аҕа
дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыайыы» 60, 65, 70 сыллардаах
үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Улуу Кыайыы 70
сылынан Россия Президенэ В.В. Путинтан эҕэрдэ сурук тутан ба-
ран, «Москваттан кэлбит сурук ордук суолталаах», — диэн үөрэрэ.
Улуус баһылыга А.В. Федотов илии батгааһыннаах анал бэлиэни
ылан олус үөрбүтэ, имэрийэ-имэрийэ олус өр көрөн олорбута.
«Оройуонум бэлиэтэ үчүгэй да эбит», — диэн астыммыта.
Павлова Варвара
Балбаара Федотовна үһүс уола Уйбаан 82 сааһыгар олохтон Семеновна
туораабыта. Онтон Балбааралаах Сэмэн төрдүс оҕолоро Дария Се-
меновна — сэрии сылын оҕото. Кини 1966 сыллаахха Дьокуускай куоракка иис үөрэҕин
бүтэрэн, Бороҕоҥҥо промкомбинакка, онтон олох-дьаһах өҥөтүн оҥорор комбинакка
иистэнньэҥинэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. Кини 25 саастааҕар 1970 сыллаахха
«В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дой-
дуну көмүскүүр сэриигэ Кыайыы 50 сылынан», «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээллэринэн наҕара-
адаламмыта. «Россияҕа бытовой өҥөнү оҥоруу туйгуна», «Уус Алдан улууһун социаль-
най-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэринэн бэлиэтэммитэ. Быйыл
Кыайыы 75 сылын көрсө 75 сааһын ыам ыйын 4 күнүгэр туолар. Икки оҕотутган түөрт
сиэннээх. Улахан сиэн кыыс быйыл үрдүк үөрэҕи бүтэрээри сылдьар. Уолун улахан уола
Аллараа Бэстээхтээҕи тимир суол техникумугар автомеханик идэтигэр үөрэнэр. Икки
сиэнэ Мүрү 1-гы оскуолатын 11 уонна 9 кылаастарыгар үөрэнэллэр.
Варвара Федотовна, Семен Михайлович кыра кыыстара Варвара Семеновна Павло-
ва 4 кыыс оҕолоох, 4 сиэннээх, пенсионер, үлэ бэтэрээнэ.
Ахтыыны хомуйан суруйда И.С. Калининскай,
үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун
хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ
бочуоттаах бэтэрээнэ
Готовцева Анна Павловна
Готовцева (Румянцева) Анна Павловна 1939 сыллаахха бэс
ыйын 5 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Баатаҕай нэһилиэгэр Варва-
ра Павловна, Павел Афанасьевич Румянцевтар дьиэ кэргэннэри-
гэр төрөөбүтэ. Анна соҕотох оҕолоро. Аҕата сааһын тухары булду-
нан, тутуунан дьарыктаммыт. Сэрии кэмигэр үлэ фронугар Үрүҥ
Хайаҕа үлэлээбит. Ийэтэ бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Анастасия Пав-
ловна бэрэссэдээтэллиир «Куотука» холкуоска ыанньыксытынан
үлэлээбит. Ийэбит эбэтин Маайаны (Мария Федоровнаны) кьгга-
ры бэйэлэрэ олорбутгар. Шестаков Иван Дмитриевичтиин, Мар-
фа Васильевналыын (Иван Николаевич Данилов кэргэнэ) биир-
гэ оонньуулларын өйдүүр. «Сүүрдүллүбүт халбыыр үүт күүгэнин
сиэн дьоллонорбут, күүтэн да биэрэрбит...» — диэн кэпсиир. Эбэ-
тэ Маайа сэрии ыар сылларьҥар, ас суох буолан, тыаттан мас кэрдэн киллэрэн, эрбээн,
хатырыгын ыраастаан, сутукатын кыһан буһаран сиэтэрэ «олус тотоойу буолара» диэн ах-
тар. Сип-сибиэһэй бэс сыта кыракый дьиэлэрин иһин ылан кэбиһэрэ үһү. Анна Павловна
ийэтэ сэрии сылларын ортотугар сут кэмигэр ыалдьан өлөр.
147

