Page 20 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 20
БААТАВАЙ нэһилиэгэ
мөхпөт-эппэт этэ, кини тугу эмэни сөбүлээбэтэҕинэ биир тьшынан эппитэ — ол улахан
сэмэ буолара. Кыра эрдэхпитинэ, аһара таптаан ымманыйа да сылдьыбатар, ийэбит
тугу соруйбутун, туохха наадыйбытын толоро сатыырбыт. Аны тыаҕа олорор киһиэхэ
дьиэ ис-тас үлэтэ, от-мас үлэтэ, улахан дьиэ кэргэн, ыал кыһалҕатын быһаарыы — бу
барыта ийэбит санныгар этэ.
Ийэбит күүстээх санаата, тулуура, тапталыгар бэриниилээҕэ биһиэхэ барыбытыгар
олохпут устатыгар тыыннаах холобурунан буолар.
Кини — үлэ, тыыл бэтэрээнэ, «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр
килбиэннээх үлэтин иһин», «И.В. Сталин 120 сыла», Кыайыы 60, 65, 70, 75 сс. мэтээл-
лэрдээх, «Баатаҕай нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын
иһин» бэлиэлээх, Баатаҕай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
Ахтыыны суруйда кыыһа
М.Н. Самсонова,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна
Румянцева Екатерина Николаевна
Мин Кыайыы бастакы сылыгар, 1945 сыл бэс ыйыгар
төрөөбүтүм. Оччолорго ийэм Румянцева Екатерина Афана-
сьевна, Баатаҕайтан бастакынан стахановскай хамсааһын кыа-
йыылааҕа, Молотов аатынан холкуос «Көйбөх» диэн сайылыгар
ыанньыксыттаабыт. Миигин 36-гар төрөппүт курдук. Түөртүүр
ыамыттан киирээт да, хаҥас муннукка муостаҕа тэлгэтиллибит
күкүр отун тобоҕор быыһаммыт. Оччотооҕуга сокуоннай кэр-
гэнэ буолбатах киһиггэн оҕолонуу — дьахтарга саат-суут курдук
сыаналанара. Оҕото көссүү оҕотунан аатырара. Ол гынан баран
миигин даҕаны, ийэбин даҕаны дойдум дьоно хаһан да оннук
үөхпүттэрин-мөхпүттэрин адьас өйдөөбөппүн. Айбыт аҕам Го-
голев Николай Николаевич сталинградскай фронтан бааһыран
сыыйыллан кэлбит. Аҕабыныын холбоһоору гыммыттарын, 15-25 саастардаах 3 уола
сөбүлээбэтэхтэр. Уолаттарын аҕалара Ушницкай Николай Иванович, хаартыны ба-
тыһан, дьонун быраҕан хоту түһэн хаалбыт киһи үһү. Ийэлээх аҕам ыраас сыһыанна-
рын дьонноро-сэргэлэрэ билэрин ааһан, наһаа биһирээбит, ытыкгаабыт быһыылаах-
тара дуу диэн саныыбын. Мин тыыннааҕын тухары убай туттубут, дьылҕабар сүҥкэн
сабыдыаллаах киһим, Нам улууһун Бочуоттаах Ытык кырдьаҕаһа Василий Васильевич
Матвеев биирдэ бырааһынньык остуолугар оҕолоругар туһаайан миигин билиһиннэр-
битин адьас умнубаппын. «Катя эһиги эт-хаан улахан эдьиийгит, таайым Ньукулай
бастакы уонна улахан тапталын оҕото», — диэбиттээх. Онтон кэлин төрөөбүт сокуон-
най кэргэниттэн оҕолоругар туһаайан: «Ийэҕит, өйдөөх дьахтар, аҕаҕытын хайдахтаах
убаастыыра эһиэхэ холобур буолуохтаах», — диэн тылларын куруук өйдүүбүн. Ол
иһин даҕаны мин билигин Гоголевтан силистээх-мутуктаах куоратынан-тыанан элбэх
аймахтаах баай эмээхсиммин. Онон айбыт аҕабар махтанабын эрэ. Аҕабын мин адьас
кыра эрдэхпиттэн билэн, ылынан улааппытым. Ийэм ыраах ферма кыстыктарыгар
ыанньыксыттыырын саҕана, аҕам холкуос дьаһалынан эмиэ от-мас бэлэмнэһэ, сыл-
гы аһата, бултуу-алтыы охсуллар буолара. Оччотооҕуга биир дьиэҕэ хас эмэ ыал эйэ
дэмнээхтик дьукаахтыы буоларбыт, бары биир остуол тула олорон аһыырбыт. Онно
араас кэпсээннээх, үөннээх саҥалаах, көрдөөх-күлүүлээх дьон миигинэн, чобуо
баҕайы оҕонон, ону-маны саҥардан бэтиэхэлэнэллэрэ, ыаһах оҥостоллоро, Ол аайы
ийэлээх аҕам, өһүргэнэри билбэккэ, мүчүҥнэһэн эрэ кэбиһэллэрэ. Миигин да буо-
йан мөҕөллөрүн-этэллэрин адьас өйдөөбөппүн. Төһө да көтөхтөрөн олорон бүөбэйи
билбэтэҕим иһин, кыһыннары-сайыннары оччотооҕу барыбытыгар тэҥ кырыымчык
16

