Page 18 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 18

БААТАБАЙ нэһилиэгэ

                                   Мигалкина Галина Васильевна

                                       Мин  1932  сыллаахха  I  Лөгөй  алааһыгар  төрөөбүтүм.  Ийэм,
                                    Мигалкина Ульяна  Васильевна,  миигин төрөтөөт,  ыалдьан тым-
                                    ныйан өлбүт үһү.
                                       Аҕам,  Мигалкин  Василий  Спиридонович,  ыал  бастакы  оҕо-
                                    то  буолан,  үөрэҕэ  суох  этэ.  Эрдэ  үлэһит  буолбута.  Кини  сүрдээх
                                    булчут,  сэмэй  киһи  этэ.  Аҕам  1941  сыллаахха  сэриигэ  ыҥырыл-
                                    лыбыта  уонна  1942  сыллаахха  Сталинград  куорат  иһин  сэриигэ
                                    өлбүтэ.  Биһиги  бииргэ  төрөөбүт  иккиэ  этибит.  Тулаайах  хаалам-
                                    мыт эдьиийбинээн иккиэн тус-туспа иитиллибиппит.
                                       Миигин  кырдьаҕас  эһэм  оҕонньор  Мигалкин  Илья  Васи-
                                    льевич  ылан  ииппитэ.  Мин  куоракка  4  кылааһы  эрэ  нэһиилэ
                                    бүтэрбитим, онно ас-таҥас олох суох этэ.  Ол иһин эһэм аккаас-
                                    таан кыайан үөрэммэтэҕим.  Онон кырабына тыаҕа тахсыбытым.
            Эһэм  Ылдьаа  ынахтаах этэ,  ону көрөн аһаан  олорбуппут.  Онтон  арыый улаатан,  16-17
            саастаахпар  холкуоска  үлэлиир  буолбутум.  Оҕус  сиэтэр,  сир  хорутар,  окко  сылдьар
            этим.  Кэлин сүөһү көрүүтүгэр  үлэлээбитим.
               Ол  бириэмэҕэ  ас  да,  таҥас  да  мөлтөх  бөҕө  буоллаҕа.  Онтон  улаатан,  ситэн  баран
            Баатаҕайга  Сивцев  Петр  Петрович  диэн  уолга  1953  сыллаахха  кэргэн  кэлбитим.  Ол
            кэлэммин  син  биир  сүөһүгэ  үлэлээбитим,  уонча сылы  быһа.  Ол  быыһыгар утуу-субуу
            7 кыыс  оҕоломмутум.
               Кэргэним  Сивцев  Петр  Петрович  тырахтарыыс  этэ.  Эдэр  сааһыгар  эрдэ  ыалдьан
            өлбүтэ.  Онон сэттэ кыыспын бэйэм атахтарыгар туруоран  үлэһит оҥортообутум.  Кыр-
            гыттарым бары ыал буоланнар кэргэттэрин дойдуларыгар барыталаабыттара.
               Сэттис,  бүтэһик кыра  кыыһым Ульяна, дойдутугар хаалан,  билигин онно олоробун.
               Мин  эдэрбэр  активнай  комсомолка,  сыанаттан  түспэт  ырыаһыт  этим.  85  сааспар
            диэри сыанаттан түспэккэ ыллаан-туойан кэллим.
               Билигин  88  сааспар  үктэнним,  үйэбэр дьоллоохтук олордум диэн  үөрэ-ахта саныы-
            бын.  Инникибин  салгыыр  элбэх  сиэннэнним,  хос-хос  сиэннэнним.  Ол  буолар  мин
            олох олорбут дьолум!
               Үлэ,  тыыл  бэтэрээнэбин,  Кыайыы  60,  65  сс.,  «1941-1945  сс.  Аҕа дойду Улуу сэрии-
            тин  кэмигэр  килбиэннээх  үлэтин  иһин»,  «И.В.  Сталин  120  сыла»  мэтээллэрдээхпин,
            Баатаҕай нэһилиэгин  Бочуоттаах олохтооҕобун.
                                                                                      2020 с.,  ыам  ыйа


                                 Новгородова Мария Дмитриевна


                                      Мин  1937  сыллаахха атгынньы  7  күнүгэр  Нам  оройуоҥун Ха-
                                    тырык  нэһилиэгэр  төрөөбүтүм.  Ийэм  Новгородова  Мария  Ива-
                                    новна,  Лазарев  Иван—Мухтуйа  улахан  кыыһа,  аҕам  Новгородов
                                   Дмитрий  Федотович,  Нам  оройуонун  Хатырык  нэһилиэгитгэн
                                   төрүттээх. Хаайыыга түбэһэн тыыннаах эргиллибэтэҕэ. Ийэм  1949
                                    сыллаахха  Нам  оройуонугар  Эверстов  Степан  Семенович  диэн
                                    4 оҕолоох огдообо уус  киһиэхэ эргэ тахсар.  Уонна  Нам оройуону-
                                    гар олохсуйаллар.  2 кыыс,  1  уол оҕолоноллор.
                                      Сэрии кэмигэр  7  саастаах этим.  Оскуолаҕа  9  сааспар  киирби-
                                   тим.  Оскуола оҕолоругар  10-ча дьабарааскыны туттарарга түһээн
                                   түһэрэллэрэ.  Тириитин туттарабыт,  этин сиир этибит.  Комбайн-
                                   тан таммалаабыт сиэмэни  хомуйтараллар этэ.  Уонна улахан тугу
            да үлэлээбиппин өйдөөбөппүн,  сааһым да  кыра буолуо.
              Намҥа 4 кылааһы үөрэнэн бүтэрбитим.  Харахпынан ыалдьан үөрэхтэн тохтообутум.
            1951 с.  II Хомустаахха көһөн кэлэбит. Холкуос чилиэнэ буолабын. Сайынын оҕуруокка,


                                                        14
   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23