Page 271 - Сэрии кэмин оҕолоро 1 кинигэ
P. 271

ЛӨГӨЙ нэһилиэгэ

          Оччотооҕу  оҕолор  кыра  сааспытыттан  үлэҕэ  эриллэн  улааппыппыт:  сайынын  үрэх
       сайылыктарынан  фермаҕа олоруу,  ньирэй хомуйуута,  ынах этэрии,  сайыҥҥы лааҕырга,
       оҕуруокка үлэ. Онтон арыый улаатан, уһун сайыны быһа күһүн оскуола аһыллыар диэри
       унньуктаах уһун от үлэтэ:  оҕус сиэтиититтэн саҕатаан атынан волокушаҕа тиийэ. Ардах-
       ха  да  тохтообоккун,  туустаан  кэбиһэллэр,  уу отун  орууллар.  Кырдьаҕастыын-эдэрдиин
       оҕолору олус үчүгэйдик илдьэ сылдьан үлэлэтэллэрэ. Ол курдук Лыткин Лэгэнтэй, Мап-
       пый,  Мэхээлэ (Дьоойо) Дегтяревтар уо.д.а. сайыны быһа оҕолору көрөн-истэн үлэлэтэл-
       лэрэ.  Аҕалыы истиҥник сыһыаннаһаллара.  Сарсыарда эрдэттэн хойукка диэри үлэ.
          Мин  оскуолаҕа  хойутаан,  тоҕус  сааспар  ньолобуой  кылааска  киирбитим.  Дьонум
       эмиэ  сут-кураан  буолан,  Нам  оройуонугар  сүөһү  көһүүтүгэр  олороллоро.  Кэптэнигэ
       сэттэ кылааһы бүтэрэн,  1958 сыллаахха  Мүрү орто оскуолатыгар салгыы үөрэммиппит.
       1961  сыллаахха  оскуоланы  бүтэрэн,  аны  «Оскуола—производство—үрдүк  үөрэх»  диэн
       ыҥырыыны өйөөн,  кылааһынан,  оройуоҥҥа бастакынан,  өрөспүүбүлүкэҕэ иккиһинэн
       «Лена»  сопхуоска  Саһылыкааҥҥа  ыанньыксытынан  икки  сыл  үлэлээбиппит.  Дьэ,  ол
       эрэ  кэнниттэн  Бүлүү  педучилигцетыгар  үөрэнэн,  учуутал  идэтин  ылан,  Даалы,  Лө-
       гөй,  Мүрү  1№-дээх,  Мүрү  2№-дээх  оскуолаларыгар  үлэлээн  пенсияҕа  тахсан  олоро-
       бун.  Педагогическай  үлэ  бэтэрээнэбин,  РСФСР  норуотун  үөрэҕириитин  туйгунабын,
       «За  вклад в развитие образования Усть-Атданского района» бэлиэ хаһаайынабын.
          Кэлин төрөөбүт балтым  Мария  Найахы нэһилиэгэр Харитонов Иван  Ивановичка кэр-
       гэн тахсан, икки уол оҕолонон, элбэх сиэннэнэн пенсияҕа олорор.  Быраатым Иннокентий
       Кэптэнигэ аҕабыт дьиэтигэр Жиркова Матрена Ильиничналыын ыал буолан үс оҕолонон,
       сиэннэнэн,  тыа  ыалын  сиэринэн  сүөһү-ас  иитгэн  үлэлии-хамсыы  олороллор.  Онон  Сы-
       солятиннар аатгарын салгыыр,  ааттатар,  олохторугар олорор дьоммут кинилэр буолаллар.
          Олоҕум  аргыһа  Васильев  Иван  Ивановчтыын  ыал  буолан  48  сыл  бииргэ олорон,  үс
       уол  оҕолонон,  сиэннэнэн,  хос  сиэннэнэн дьоллоох олоҕу олордубут.  Аҕабыт оҕолорун
       үөрэттэрэн,  үлэһит оҥортоон, дьиэлээн-уотгаан,  сиэннэрин  көрөн-бүөбэйдэһэн баран
       бараахтаабыта.
          Биһиги,  сэрии  сььтын  оҕолоро,  олох  аҕыйаатыбыт.  Бэйэ-бэйэбитин  кытта  сибээс-
       тэһэ,  билсэ  сатыыбыт.  Көрүстэхпитинэ,  оҕо  сааспытын,  бииргэ  олорбут,  үөрэммит,
       үлэлээбит кэммитин олус  үчүгэйдик ахтабыт,  саныыбыт.
          Сыл-хонук ааһара түргэн,  номнуо  80-сааспытыгар  тиийэн,  сорохтор  ааһан  олорол-
       лор.  Ол гынан баран бары  оҕо,  сиэн туһа диэн  күүс,  көмө буола сатыыбыт.
          Сир  үрдүгэр  өрүү  эйэ,  дьол  баар  буоллун.  Ыччат дьоҥҥо  айылгылаах  аартык  өрүү
       аһаҕас  буолуохтун.
                                                                               /4лтынньы,  2020 с.,
                                                                               Дьокуускай куорат


                                  Гоголев Петр Николаевич

          Мин  1944  сыллаахха  олунньу  14  күнүгэр  «Бөлөхтөһүү»
       холкуоска  Кус  Саарбыт  алааска  төрөөбүтүм.  Төрөппүт  дьонум
       «Бөлөхтөһүү» холкуос үлэһиттэрэ этилэр.  Ийэм Хороттон төрүт-
       тээх Ноговицына Ирина  Павловна,  1918 сыллаах төрүөх, сааһын
       тухары  ыанньыксыттаабыта.  Аҕам  Гоголев  Николай  Никотоно-
       вич,  1917  сыллаах төрүөх,  эмиэ  холкуос  үлэһитэ  этэ.  Сайынын
       окко,  кыһынын хотон араас  үлэтигэр  үлэлээбитэ. Дьонум олор-
       бут олохторо «Бөлөхтөһүү» холкуос сирэ-уота: Чомчоҕой,  Бүтэй-
       дээх, Араҥас,  Кус  Саарбыт,  Нээбилэп,  Маладьаайы.
          Ийэбит сэтгэтэ оҕоломмутугтан эдьиийбинээн иккиэн эрэ хаал-
       быппьҥ.  Атытгарбыт кыра саастарыгар,  сут-кураан  кэмигэр  өлбүт-
       тэр.  Эдьиийим Мария Николаевна,  Борисов Касьян  Михайловичка


                                                  267
   266   267   268   269   270   271   272   273   274   275   276