Page 113 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 113
Туох да диэбит иһин сэрии кэмин оҕолорун оччотооҕу аас-туор олох
барыларын хаарыйбыта, ол охсуутугар доруобуйалара улаханнык айгыраабы-
та. Ол барыта сааһырар саастарыгар биллэн, үксүлэрэ ыарыһах буолан, үйэ-
лэрэ кылгаата. Ол эрээри дьон тэҥинэн олох салҕанарын тухары Касьян
Михайлович Борисов курдук боростуой үлэһит дьон ааттара умнуллубатыгар
олуһун эрэнэбин.
Иван Попов-Бахсылыырап, 2004 с.
АҔА ТАПТАЛЫН БИЛБИТ ДЬОЛЛООХПУТ
Биһиги аҕабыт Борисов Касьян Михайлович 1934 с. тохсунньу 3 күнүгэр
Лөгөй нэһилиэгэр элбэх оҕолоох колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Сэ-
рии буолар сылыгар 7 сааһын томтойо туолбут уолчаан син ону-маны өйдүүр
буолан, дьон сэрии туһунан кэпсэтэллэрин, аармыйаҕа барааччылары атаа-
рыы аймалҕанын өйүгэр-санаатыгар хатаан хаалбыт. Оччотооҕу көлүөнэ ба-
рыларын кэриэтэ сэрии сылларыгар, аҕабыт кыра эрдэҕиттэн от үлэтигэр,
бааһынаҕа сир хорутуутугар оҕус сиэппит, бугул түгэҕэ харбаабыт, от мунньу-
бут. Сэрии ыар сылларыгар нуорма бурдук сыыһа элбэх оҕолоох ыалга ханан
да тиийбэккэ, аччыктааһын диэн тугун этинэн-хаанынан билэн улааппыт.
Аны аҕалара эрдэ өлөн киниэхэ сэттэ кылаас үөрэҕинэн оскуола аана сабыл-
лыбыт. Онон аҕабыт барахсан эдэр сааһыттан колхуос хара үлэтигэр мик-
киллэн барбыт, ийэтигэр сүрүн көмөлөһөөччү буолбут.
Аҕабыт тракторист идэтин баһылаан пенсияҕа тахсыар диэри сопхуоһу-
гар бастыҥ тракторист аатын ылан үлэлээн сылдьыбыта. Үлэтигэр үчүгэй
көрдөрүүлэрин иһин элбэх наҕараадаларга тиксибитэ. Ол курдук пятилет-
каҕа бэриллибит былааннары толортоон анал бэлиэлэринэн, Москваҕа
БСНХБ-га кыттар путевканан, “Үлэ ветерана” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Итини барытын санаан-ахтан туран, кыратык да буоллар, аҕам барахсан
киһилии уонна аҕалыы-эһэлии хаачыстыбаларын сырдатыахпын баҕарабын.
Аҕабыт Борисов Касьян Михайлович 1960 сыллаахха Гоголева Мария Нико-
лаевнаны кэргэн ылан 4 оҕолоноллор (балтым Мила, игирэтин аҥаара киһи
буолар дьылҕаламматах, 3 сааһыгар эмискэ ыалдьан өлөөхтөөбүт). Ийэлээх
аҕабыт эдэр саастарыгар сценаттан түспэт, дьон биһирэбилин улаханнык
ылбыт ырыаһыттар эбит, хас да төгүл лауреат аатын ылбыттар. Кинилэри
баппыт, ырыа куттаах кыыстара Мила Кэбээйи Сииттэтигэр ыал буолан олох-
суйда. Аҕабыт барахсан кэргэнинээн, биһиги ийэбитинээн, бииргэ уону кыай-
бат сыл олох олорбуттар. Ийэбит суох буолуоҕуттан аҕабыт сценаҕа тахсыбат
буолбут, кэргэнигэр тапталын сүрэҕин кистэлэ оҥостон, ол дууһа айманыы-
тын бэйэтигэр иҥэрэн, соҕотоҕун сорсуйан орто дойду олоҕуттан бараахтаа-
быта. Ол курдук ыллыан-туойуон баҕа санаата кыайан туолбатаҕа. Өссө оскуо-
лаҕа сылдьан аккордеон ылларыан, онно оонньоон ыллыан баҕарбытын ийэтэ
сөбүлээбэтэх. Тоҕо эрэ хормуоска дуу, байаан дуу диэбэтэҕэ, аккордеон диэ-
битин чуолкай өйдүүбүн. Оччолорго ол тэрил сыаната да ыарахан буолуо
уонна биһигини иитиспит эбэбит уолун: “Чэпчэки суолунан бараары гын-
на”, — диэн бопсубута да буолуо. Ол да буоллар аҕабын күүстээх санаалаах
киһинэн ааҕабын. Эдэр сааһыгар түөрт оҕолоох тулаайах хаалбыт киһи, эр
санаа ылынан биһигини атахпытыгар туруорбута. Аҕабын кытта бииргэ олор-
бут, умнуллубат сорох түгэннэр...
Утуйа сытабыт. Түүн. Ааны тоҥсуйан күүскэ дарбыйаллар: “Тракторист
манна олорор дуо?” - диэн ыйытар саҥа иһиллэр. Дьиэ иһинээҕи дьон бары
уһуктабыт. Аҕабыт ойон туран таҥнан хачыгырайар, кимнээх эрэ массыына-
109

