Page 142 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 142

өрүс  унуор  алта  сыл  сылдьыбыта.  Олох  салҕанар  аналынан  Үчүгэй  үрэххэ
        олохтоох  “Үүнэр  олох”  колхуоска  сүөһү  көрөр  Аананы  таба  көрөн  ыйытан,
         кыыс  онно  сөбүлэһэн  эдэр  дьон,  1955  с.  ыал  буолбуттара.
            Ааттыын  Үчүгэй  үрэхтэн  төрүттээх,  “Үүнэр  олох”  колхуос  төһүү  үлэһи-
        тэ  Сивцева  Анна  Николаевна  кэргэн  тахсан  киэҥ  киэлилээх  Кэптэни  эбэ
        түөлбэтигэр  Бэрэһээнньикэптэр  халыҥ  аймахха  кийиит  буолбута,  ийэ-аҕа
        ууһун  өссө  үүннэрбитэ,  дэлэппитэ.

                                        Өйдөһөн,  өйөһөн

            Ааныс  кыыс эмиэ  1935  с.  алтынньы 4  күнүгэр  Өспөх нэһилиэгэр Дьэгэтэк
        диэн  сиргэ  күнү  көрбүтэ.  Аҕата  Сивцев  Николай  Михайлович  кэннигэр  түөрт
        оҕону  хаалларан,  Ийэ  дойду  көмүскэлигэр  уоттаах  сэриигэ  ыҥырыллыбыта.
         “Память”  кинигэ  иккис  туомугар  кини  туһунан  маннык  суруллубут:
             “Н.М.Сивцев  рядовой,  1905  г.р.  урож.  Оспехского  н-га  Усть-Алданского
        р-на,  якут.  Призван  Чурапчинским  РВК,  погиб  04.42  г.  место  захронения  не
        установлено”.
            Дьэ,  уонна,  бу  кэннэ  Анна  Николаевна  аҕатын  кэнникитин  туһунан  би-
        лэрэ  туох  да  суох.  Муҥ  саатар  көмүс  уҥуоҕа  ханна  хараллыбыта  биллэрэ
        буоллар  биир  эмэ  ыччата  тиийэн,  төрөөбүт  төрүт  буорун  илдьэн  ууруо  эбитэ
        буолуо.
            Онон  кыракый  Ааныс  сэттэ  сааһыттан  тулаайах  хаалан  эдьиийдэрэ  Биэ-
        рэни,  Балбаараны,  убайа  Баанньаны  кытта  эҥэрдэһэн  букатын  эрдэттэн  араас
        үлэҕэ  эриллибитинэн  барбыта.  Ийэлэрэ  Анастасия  Федоровна  огдообо  хаа-
        лан дьахтар нарын санныгар колхоз бүппэт түбүктээх үлэтин барытын сүкпүтэ.
        Ыал  кыра  кыыһа  Ааныс  15  сааһыттан  колхоз  дьиҥнээх  чилиэнэ  буолан  су-
        бай  сүөһү  көрүүтүгэр  уонна  ыанньыксытынан  үлэлээбитэ.  Үөһэ  ахтыллыбы-
        тын  курдук,  Ааныс  сүүрбэ  сааһын  туолар  сылыгар  Миитэрэйгэ  эргэ  тахсан
         1956  с.  Лөгөйгө  көһөн  кэлбитэ.  Миитэрэйэ  кинини  көһөрөн  аҕалан  баран
        эмиэ  түүлээҕэр  Алдан  уҥуор  төннүбүтэ.
            —  Миитэрэйи  кытта  холбоһуом  иннинэ,  син  атын  дьахталлар  курдук,  эр
        киһилии  от-мас  үлэтин  барытын  үлэлиирим,  —  диэн  ахтар  үлэ  ветерана
        Анна  Николаевна.
            —  Ол  курдук  эдьиийбинээн  Биэрэлиин  субай  сүөһүнү  көрөрбүтүгэр  хо-
        тон  ис-тас  үлэтин  барытын  бэйэбит  үлэлиирбит.  Хотонтон  сүөһү  сааҕын
        таһааран  балбаахтааһын,  балбааҕы  хоҥнорон  дьаарыстааһын,  от  киллэриитэ,
        ойбон  алларан  сүөһү  уулатыыта,  ону  таһынан  хонук  маһы  мастааһын,  муус
        ылыыта,  тиэйиитэ  курдук  үлэлэри  барытын  бэйэбит  харыбыт  күүһүнэн
        оҥорорбут.  Биир  эмэ  оҕонньор  от тиэйээччилээх  буоларбыт.  Дыгдаалга  көһөн
        кэлэн  баран  от  үлэтигэр,  саас  саһаан  эрбээһинигэр  үлэлээбитим.  Артамыын
        Дьөгүөр  диэн  киһи  кыыһынаан  Фаиналыын  биир  эрбиини  икки  өттүттэн
        тутан  саһаан  охсорбут.  Барыта  уонча  кыыс-дьахтар  буолан  үлэлээбиппит.
         Күннээҕи  нуорма  икки  киһиэхэ  сэттэ  саһаан  буолара.  Өрүс  эстибитин  кэннэ
        баржалаах  борохуоттар  кэлэннэр  биһиги  бэлэмнээбит  маспытын  тиэнэн  ба-
        раллара.  Билигин  итини  кэпсээтэххэ,  бэл,  бэйэм  ыччаттарым  да  итэҕэйиэ
        суох  курдуктар,  —  диэн  Анна  Николаевна  сонньуйан,  сэмэйдик  күлэн  кэби-
        һэр.
            Кырдьыга,  сэрии  саҕанааҕы  оонньооботох оҕо  саастаах  көлүөнэ дьон  бары
        даҕаны,  бэл  сэрии  кэнниттэн  сынньанар  диэн  тугун  улаханнык  билбэккэ
        үлэни  эрэ  өрө  туппуттара.  Онтон  аҕалара  сэриигэ  баран  охтубут  сэрии  тула-
        айахтарыгар  күн  бүгүн  да  күттүөннээх  туох  да  көмө  оҥоһуллубат.
            Кэптэнигэ кэлэн саҥа ыал буолбут Миитэрэйдээх Ааныс Хаҥал,  Төбүрүөн,
        138
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147