Page 144 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 144

луой?  Кэргэнниилэр  онно  кыайтарбакка  үлэнэн  аралдьыйан,  дьон  ортотугар
        сылдьан  билигин  даҕаны  оҕолоругар,  сиэннэригэр  күүс-көмө,  сүбэ-ама  буо-
        ла  олороллор.
            Анна  Николаевна  1975  с.,  Дмитрий  Дмитриевич  1976  с.  “Коммунистичес-
        кай  үлэ  ударнига”  диэн  үрдүк  ааты  чиэстээхтик  сүкпүттэрэ.  Аны  Миитэрэй
        1984  с.,  Аана  1985  с.  “Үлэ  ветерана”  ааты  ыланнар  мэтээлинэн  наҕараадалам-
        мыттара.  А.Н.Сивцева  1985  с.,  Д.Д.Прядезников  1990  с.  бочуоттаах  сынньа-
        лаҥҥа  пенсияҕа  тахсыбыттара.  Үлэни  өрө  туппут  кырдьаҕастар  билигин  да-
        ҕаны  күүстэрэ  кыайарынан,  санаалара  хоторунан  үлэлии-хамсыы  сылдьал-
        лар.  Үбүлүөйдээх  ыал  аҕа  баһылыгын  Д.Д.Прядезниковы  70  сааһын  туолуу-
        тугар  “Лөгөй  нэһилиэгин  бочуоттаах  олохтооҕо”  ааты  иҥэрдилэр.  Бу  буолар
        үлэ  киһитин  сыаналааһын,  дьоҥҥо-сэргэҕэ  өрө  тутуу.

                                              Уйбаан  Бахсылыырап,  2005  с.  атырдьах  ыйа
            Бу  сурук улуус уонна  өрөспуубулукэ  хаһыаттарыгар  бэчээттэммитин  кэннэ
        Д.Д.Прядезников  уонна  А.Й.Сивцева  өссө  ус  сыл  сарын-сарыннарыттан  өйөнсөн,
        өйдөһөн эйэ дэмнээхтик олох олорбуттара.  Хомойуох иһин сэрии буойунун  тулаа-
        йаҕа  Сивцева  Анна  Николаевна  оҕо  эрдэҕинээҕи  эрэйдээх  олоҕо,  эдэр  эрчимнээх
        сааһыгар  эр  киһилии  куустээх  улэни  өрө  туппута  таайан-аалларан  ыалдьан  72
        сааһыгар  олохтон  барбыта.  Ол  эрэн  олох  салҕанар!



                                  ИСТИҤ  ТАПТАЛЫНАН...


            Биһиги  цйэбит,  эбэбит  Сивцева  Анна  Николаевна  сэрии,  сут-сутурҕан
        кыһарҕаныгар  уонна  аҕата  Сивцев  Николай  Михайлович  Аҕа  дойду  көмүскэ-
        лигэр  сэриигэ  баран  үөрэх  диэни  билбэтэх.  Сэттэ  сааһыттан  тулаайах  хаал-
        быт  кыыс,  адьас  кыра  эрдэҕиттэн  огдообо  хаалбыт  ийэтин  Анастасия  Федо-
        ровнаны  уонна  улахан  эдьиийин  Балбаараны  батыһа  сылдьан  колхуос  араас
        үлэтигэр  үлэлээбит.  Эбэбит  Настаа  уҥуоҕунан  бэрт  кыра,  намчы  дьахтар
        сынньанар  диэни  билбэккэ  үлэлээн  түөрт  оҕотун  төрдүөннэрин  атахтарыгар
        туруорбут.


















                                                                  Анна  Николаевна,
                                                                  Дмитрий
                                                                  Дмитриевич
                                                                  сиэннэрин  кытта.
                                                                  Туойа  сайылык

        140
   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149