Page 147 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 147
— Бу үлэҕэ алта сыл сылдьыбытым. Киһи үлэни абааһы көрөрүн урут
билбэт этим. Ол эрээри сөбүлээбэт үлэҥ бэйэҕэр кэллэҕинэ сүрдээх суол
буолар эбит этэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан балык булдугар былаан кэ-
лэр: “Оччо киһини тутуохтааххын, бачча ыстараап харчытын киллэриэхтээх-
хин”, — диэн. Оттон миэнэ балыксыттарым бары кэриэтэ илиитэ-атаҕа суох,
кыаммат кырдьаҕастар. Оннук дьону хайдах тутуоххунуй? Биирдэ Таргылдьыма
эбэни бэрэбиэркэлии таҕыстым. Ити билигин баар сэрии, үлэ, тыыл ветерана
Лэгэнтэй Никииппэрэп үс илими үппүтүн тутан ыллым, боротокуолу толор-
дум. Биир балыксыкка биир илимтэн ордук көҥүллэммэт сокуоннаахпыт.
Лэгэнтэйим илимнэрин былдьаппыт, балыгыттан көрө матан эрэр киһи,
биллэн турар кыыһырда, ааҕыста: “Оччоҕо оҕолорбун эн аһат-таҥыннар”, —
диэн буолла. Онно билбитим, киһим уонтан тахса иитимньилээх эбит. Оч-
чолорго холкуостаах киһи туох дуоннаах үптээх-харчылаах буолуоҕай? Кыам-
мата биллэр, дьэ, ол иһин Лэгэнтэй үлэтин быыһыгар балыктаан эбинэн,
оҕолорун аһатан-сиэтэн олордоҕо. Мин ону истэн баран били суруйбут боро-
токуолум кумааҕытын хайыта тыытан кэбистим.
Дьэ ити курдук, В.А.Семенов кыраны, кыамматы өйдүүр буолан, дьон-
сэргэ билигин “үтүө оҕонньор” диэн эрдэхтэрэ. Василий Алексеевич кэпсэ-
тиилээҕин, сөптөөх кэмҥэ кими баҕарар кытта ылса-бэрсэ үөрэммитин соп-
хуос өрөгөйдөөн турдаҕына биһиги Хомустаахпыт биригээдэтэ эмиэ билбитэ.
Ол курдук, оччолорго күнүс уотунан да көрдөөн булбат оту соһор сыһылбаҕа
сөптөөх тросс диэн тэрили киниттэн хаста да ылбыппыт. Манньатыгар Ба-
һылай оттообут отун, биригээдэ тыраахтарынан тиэйэн, кыбыытыгар киллэ-
рэн биэрэрбит.
В.А.Семенов өбүгэлэрин төрүт дьарыгын өрө тута сылдьар киһи диэн
ахтан аһарбытым. Ол кини дьиэ кэргэнэ кыһыннары-сайыннары биэ ыаһына,
ол үүтүнэн аһааһына буолар. Кини ити дьарыгын туһунан маннык этэр:
— Дьөһөгөй оҕото барахсан эмис эт, миинэр миҥэ, уохтаах кымыс эрэ
буолбатах. Кини түүтэ, сиэлэ, кутуруга кытта эмтээх. Хайдах да сылайдаххына,
курданаргар диэри сыгынньахтанан баран, сылгы тириитэ тэллэххэ сытан
ыллаххына сылааҥ түргэнник тахсар. Мин эдэрдэргэ этэ сатыыбын, сүрэҕэл-
дьээбэккэ биэҕитин тутан ылаҥҥыт үүтүн, кымыһын иһиҥ диэн. Тоҕо эрэ
биэ үүтүнэн эмсэхтэнэр киһи баарын истибэппин. Бээрийэлэр дьарыгырыах
курдук буолан иһэн быраҕан кэбистилэр. Бары судаарыстыбаттан өйөбүл,
харчы көрдүүллэр. Дьиҥэр, бэйэ доруобуйатын туһугар үлэлээтэххэ тоҕо кыал-
лыбат буолуой?
Биһиги сотору-сотору хаһыаттарга: “Биэ үүтүнэн, кымыһынан аһыаҕыҥ”,
— диэн суруктары ааҕар буоллахпытына, В.А.Семенов ону олоххо киллэрэн,
дьиэ кэргэнин, ыалдьыттарын ити иҥэмтэлээх үрүҥ аһынан аһаппыта ыраатта.
Ол курдук, кини кэргэнэ Татьяна Гаврильевна баарын саҕана биир биэттэн
күҥҥэ 6-8 лиитирэ үүтү ыыллара үһү. Василий Алексеевич бу дьарыгын
билигин да бырахпат, уолун Алексейы көмөлөһүннэрэн биэтин ыы сылдьар.
Ааспыт сылга Сунтаар Кириэстээҕэр олорор үлэ, тыыл ветерана Петр
Федорович Спиридонов “Кириэстээҕим — күндү мин дойдум” диэн кинигэ
таһаартарбыт. Бу кинигэҕэ В.А.Семенов туһунан кылгас эрээри, истиҥ тыл-
лардаах суруйуу баар. Кырдьыга даҕаны, Василий Алексеевич дойдутуттан
тэйэн Уус-Алданы бу 50-тан тахса сыл дойду оҥостон олорон дьон ытыкта-
былын ылыан ылла. Ол эрээри, төрөөбүт дойдутун умнубат. Ол курдук, кини
көҕүлээһининэн уонтан тахса сыл устата Сунтаартан төрүттээх бу дойдуга
кэлэн олохсуйбут дьон ыччаттарын илдьэ кэлэн ыһыах ыһар идэлэннилэр.
Маннык түмсүүгэ, сунтаардыы оһуокай түүнүгэр төрөөбүт дойду ахтылҕана
арыый мүлүрүйэр, дойду сэһэнэ-сэппэнэ хойдор.
143

