Page 308 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 308

сулус”  колхозка  суотчутунан,  кэлин  колхоз  бырабы-
                                 лыанньатын  бэрэссэдээтэлинэн  үлэлээбит.
                                     Онтон  Ленскэй  оройуонугар  НКВД  оперуполно-
                                 моченнай  көмөлөһөөччүтүнэн,  райгосстрах  старшай
                                 инспекторынан,  кэлин  Орто  Наахара  наспотун  бы-
                                 рабылыанньатын  бэрэссэдээтэлинэн  үлэлии  сырыт-
                                 таҕына сэрии саҕаламмыт. Тимофей Семеновичка төһө
                                 эмэ аармыйаҕа барбат “бронь” биэрбиттэрин үрдүнэн,
                                 1942  сыл  сайын  тылланан  уоттаах  сэриигэ  барбыт.
                                 Кини  кэнниттэн  аҕабыт  бииргэ  төрөөбүт  инитэ,  би-
                                 һиги  убайбыт  Яков  Семенович  Хорунов  эмиэ  аар-
                                 мыйаҕа  ыҥырыллыбыт.
                                     Яков  Семенович  сэрииттэн улаханнык баас  ылан
         эргиллибит  уонна  кэргэннэнэн,  оҕолонон  баран  сэрииттэн  ылбыт  бааһа  сэ-
        тэрийэн,  орто  дойду  олоҕор  ситэ  олорбокко  бараахтаабыт.  Биһиги  аҕабыт
         үөрэхтээх,  нууччалыы  билэр  буолан,  сэрииттэн  суруйбут  суруга  үгүс.  Ону-
         маны  өйдүүр  буолан  баран,  аҕабыт  суруктарын  ааҕан  сэрии  алдьархайын,
         киһи  сэриигэ  сылдьан  олоҕу  саҥалыы  көрүүтүн,  сыаналыырын,  о.д.а.  билэ-
         риҥ  үгүс.
            Аҕабыт  Т.С.Хорунов  1944  сыл  от  ыйын  1  күнүгэр  Витебскэй  уобалас,
         Федорино  диэн  дэриэбинэ  көмүскэлигэр  хорсуннук  сэриилэһэ  сылдьан  ге-
         ройдуу  охтубут,  көмүс  уҥуоҕа  онно  хараллыбыт.  Кини  өлүөн  иннинэ  өссө
         иккитэ  улаханнык  бааһыра  сылдьыбыта  биллэр.  Аҕабыт  өлбүт  биллэриитэ,
         ийэбит Хорунова  Варвара  Константиновна  аатыгар  кэлбитин,  оччотооҕу Сэ-
         биэт  үлэһиттэрэ наһаа  айманыа диэн  биэрбэккэ  сылдьан  баран,  кэлин  сүтэ-
        рэн  кэбиспиттэр.  Ону  кэлин  Өлүөхүмэтээҕи  райвоенкоматтан,  аҕам  бииргэ
        төрөөбүт улахан  балта  Хорунова  Анастасия  Семеновна,  ол  “хара  суругу”  бу-
        лан  куопуйалаан  биһиэхэ  аҕалан  биэрбитэ.  Ол  хараастыьшаах,  харах  уулаах
        биллэриини  аҕабытын  кэриэстээн  күндүтүк  тута  сылдьабыт.  Онно  маннык
        суруллубут:
                        Народный  коммиссариат  обороны  Союза  ССР
                       Олекминский  объединенный  Райвоенкомат Якутской  АССР
                                    28 августа  1944 г. № 603

                                      И З В Е Щ Е Н И Е

             Ваш  муж, сержант Хорунов Тимофей Семенович, уроженец ЯАССР Лен-
        ский  район  Нахаринский  с/с.
             В бою за  Социалистическую  Родину,  верный  воинской  присяге,  проявив
        геройство и  мужество бьш убит  1  июля  1944  года.
             Похоронен  деревне  Федорино  Витебской  области.

            Аҕабыт  сэрии  толоонугар  суорума суолланан,  биһиги,  кини  оҕолоро,  аҕа
        амарах тапталын билбэккэ,  кини  саннын  кэтит хахха,  суон дурда оҥостубак-
        ка  улааппыт  хомолтолоохпут.  Кэлин  санаатахха,  ордук  уол  оҕоҕо  аҕата  суох
        улаатыыта  охсуулаах  буолуохтаах.  Аҕа  киһи  уолун  эр  киһи  быһыытынан
        иитиитэ  киминэн  да,  тугунан  да  солбуллубат  буоллаҕа  дии.
             Ийэбит  Матвеева-Хорунова  Варвара  Константиновна  ыал  улахан  оҕото
        этэ.  Ийэтэ  төрдүс  оҕотун  оҕолоноругар  хаана  баран  өлөөхтөөбүт.  Инньэ  гы-
        нан  баара  эрэ  уон  саастаах  кыысчаан  икки  балтын  уонна  инитин  бэйэтэ
        көрөн-истэн  улаатыннарбыт.  Аҕата  Көстөкүүн  оҕонньор дьиэтигэр  көстүбэт,

        304
   303   304   305   306   307   308   309   310   311   312   313