Page 369 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 369
ОЛОХХО ХОЛОБУР ОҤОСТОР ДЬОНУМ
Тылгыны нэһилиэгин биир саамай ытыктанар, убаастанар кырдьаҕастара
Иванов Николай Васильевич уонна Корякина Мария Николаевна, мин эбэ-
лээх эһэм, олохпор холобур оҥостор чугас дьонум. Кинилэр 57 сыл устата
бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн-өйөһөн күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри оҕолорун уонна
сиэннэрин дьоллорунан дьоллонон ньир бааччы олороллор. Эһэлээх эбэбит
олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булбут, дьон-сэргэ убаастыыр биэс оҕолоох-
тор, уон икки сиэннээхтэр, уон хос сиэннээхтэр.
Эһэм Иванов Николай Васильевич Уус-Алдан улууһун Бэрт-Ууһа нэһили-
эгиттэн төрүттээх. Аҕата мас ууһа эбит, колхозка тутууга үлэлээбит, ийэтэ
иистэнньэн дьахтар эбитэ үһү. Эһэм уон икки оҕоттон соҕотоҕун тыыннаах
хаалан киһи буолбут. Аҕата кини тоҕус ааһыгар сырыттаҕына өлбүт, онон
эһэбит тулаайах аҥаардаах, аҥаардас ийэҕэ олох ыараххаттарын көрсөн, бэрт
эрэйдээхтик иитиллибит. Эһэм 1945 с. 18 сааһын туолаат армияҕа ыҥырыллы-
быт уонна Монголияҕа танковай армияҕа сулууспалаабыт. Сэрии кэнниттэн
дойдутугар кэлэн баран бастаан ДОСААФ-ка председателинэн үлэлээбит. Он-
тон культурнай-сырдатар училигцеҕа үөрэнэ киирбит. Манна үөрэнэ сылдьан
эбэбитин Корякина Мария Николаевнаны көрсөн сөбүлэһэн үөрэхтэрин бүтэ-
риилэригэр ыал буолбуттар. Эбэм Мария Николаевна тулаайах буолан эмиэ
олох ыарахаттарын барытын этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билэн ула-
аппыт. Ол да иһин олоххо дьоҕура, сатаабата диэн суоҕун кэриэтэ. От охсор,
оһох тутар, бөһүөлэккэ саҥа ыал дьиэ тутуннаҕына кинини ыҥыран түннүк
тааһа быстараллар. Бу үлэлэри дьахтар эрэ барыта сатаабат. Эбэм Мария Ни-
колаевна 36 сыл устата библиотекарынан, кулууп директорынан (Уус-Алдан,
Нам, Бүлүү улуустарыгар) үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Билигин эһэм 85 сааһыгар сырыттар, эбэм 80 сааһын аастар сүөһүлэрин-
астарын көрө-истэ сылдьаллар, оҕуруот аһын арааһын олордоллор. Эбэм саа-
май сөбүлүүр дьарыга сир аһын хомуйуу. Билигин да күҥҥэ сатыы биэс
алааһы кэрийэн кэлэр, техниканан сылдьарын сөбүлээбэт. Онон эбэбит би-
һигини, сиэннэрин, кыһыны быһа битэмииннээх аһынан аһатар. Эбэм Ма-
рия Николаевна кэрэни кэрэхсиир кэрэ эйгэтин кэрэ киһитэ буолар. Кини
тиэргэнин иһэ сайын аайы араас өн нөөх сибэккилэринэн тэлгэммит буолар.
Эбэлээх эһэм сүөһүлэрин олус таптыыллар. “Сүөһүлээх, сылгылаах саха ки-
һитэ ханнык да кэмҥэ өлөн-охтон биэрбэт. Үлэ эрэ киһини үчүгэйгэ тиэр-
дэр, үлэни таптааҥ, үлэһит киһиэхэ туох барыта кыаллар уонна ас-таҥас да
баар буолар”, — диэн сүбэлии-амалыы сылдьаллар.
Эбэбит, эһэбит үтүө майгылара, кэрэҕэ тардыһыылара, олорон кэлбит
олохторо биһиэхэ холобур буолар.
Евдокия Гермогенова.
ХИФУ төрдүс куурсун студентката

