Page 89 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 89

с.  тохсунньу  16  күнүгэр  төрдүс  оҕонон  уолу  төрөтөн
         Уйбаан  диэн  ааттаабыттара.  Ааҕар  балаҕаҥҥа  бэрт
         кыратык  ааҕарга,  илии  баттыырга  үөрэммит,  холкуос-
         таахтарын  кытта  күнү-түүнү  аахсыбакка  үлэлэспит
         холкуос  биригэдьиирэ  Бүөтүр  Мэхээйилэбис  кэргэ-
         нинээн  Балбааралыын  аҕыста  оҕоломмуттарыттан
         илиилэригэр  алта  оҕону  тутан  хаалбыттара.
             Кинилэртэн,  дьылҕа  хаан  ыйааҕынан,  Иэйэхсит
         эдьиий  аналынан  “туйах  хатарааччы,  аҕа  баһын  тос-
         ту  олорооччу”  диэн  уоллара  Уйбаан  эрэ  этэ.  Атын
         оҕолор  (кыргыттар)  омук  анала  аатыран  араспаанньа-
         лара  уларыйан,  ыал  ийэлэрэ  буолан,  туспа  сирдэргэ
         олохсуйан,  олох  олорон  кэлбиттэрэ.  Уйбаан  Бөгүрүө-
         бүс  билигин  аччыгый  балтынаан  иккиэйэҕин  хааллылар.
             Уоттаах  сэрии  иннинэ,  30-с  сс.  ортолоруттан  холкуостар  атахтарыгар  ту-
         ран  олох  көнөн  барбыта.  Илии  үлэтин  өрө  тута  сылдьыбыт  холкуостаахтарга
         көлө  охсоро,  бурдук  астыыр  малатыылка  кэлэн  үлэ  таһаарыыта  лаппа  тупсу-
         бута,  дохуот  да  баар  буолан  испитэ.  Дьон-сэргэ  сүргэтэ  көтөҕүллэн  үлэлии-
         рин,  бэл,  уончалаах  Уйбаан  уол  өйдүүр.
             1941  с.  бэс  ыйын  22  күнэ.  Киһи-аймах баарын тухары  бу  күн дьон  олоҕун
         атыйахтаах  уулуу  аймаабыт  хара  күнүнэн  ааҕыллар  буолбута  үйэттэн  үйэлэр-
         гэ,  көлүөнэттэн  көлүөнэҕэ  бэриллэ  туруо.  Оттон  Иван  Петрович  курдук  би-
         лигин  70  саастарын  туолбут  уонна  ити  кэрдиис  кэмҥэ  чугаһаабыт  көлүөнэ
         дьоҥҥо,  оччотооҕу  сэрии  кэмин  оҕолоругар,  ол  сэрии  содула,  кырыымчык
         аас-туор  олох  сүрэх  оспот  бааһа  буолан  сылдьар.
             —  Сэриини  даҕаһа  уот  кураан  сатыылаабыта,  —  кэпсиир  сэрии  кэмин
         оҕото  Иван  Петрович  Колодезников.
             —  Биһиги  Убаһалаах  сайылыкка  олоробут.  Ийэбит  сыллата  кэриэтэ  оҕоло-
         норо  уонна  сөтөл  ыарыһах  буолан  улаханнык  үлэлээбэт  этэ.  Ийэбит  ийэтэ,
         эбэбит  Маайа  эмээхсин  ыанньыксыттыыра.  Мин  киниэхэ  ынах  этэрэн  көмө-
         лөһөрүм.  Сэрии  буолбута  иккис  сайыныгар  аҕабын  кытта  бииргэ  төрөөбүт
         Көстөкүүн  Убаһалаахтан  сэриигэ  барбыта.  Кини  инитэ  Уйбаан  Суоттуга  поч-
         таҕа  үлэлии  олорон,  армияҕа  ыҥырыллан,  биһиэхэ  кэлэн  билсибэккэ  даҕаны,
         быраһаайдаспакка  даҕаны  уоттаах  сэриигэ  барбыта.  Аҕабыт  уҥа  илиитэ  төрүкү
         такыр  буолан  байыаннай  кэмииссийэҕэ  сыыйыллан,  сэриигэ  барбатаҕа.
             Сэрии  ыар  сылларыгар  хайдах да  буолбутун  иннигэр,  ийэ  уонна  аҕа  баара
         кырдьыга  туохтааҕар  да  күндү,  үөрүүлээх  суол  этэ.  Ол  эрээри  уон  саастаах
         Уйбаанчыкка  уонна  эдьиийдэригэр,  балыстарыгар  ити  үөрүүлэрэ  уһаабатаҕа.
         Ол  ыар  кэмнэри  Иван  Петрович  бу  курдук  ахтар:
             —  Оччолорго  колхуостарга  “буксуур”  диэн  көмөлөсүһүү  баара. Аҕам  бэйэ-
         тин  биригээдэтигэр  сааскы  ыһыытын  түмүктээн  баран,  Курбуһах  нэһилиэ-
         гэр  көмөлөһө  барбыта.  Ол  барыан  эрэ  иннинэ  сааскы  ыһыыттан  ордубут  куул
         аҥаара  сиэмэни  бурдук  сарайын  үрдүгэр  быраҕан  барбыт.  Ону  хайалара  эрэ
         көрөн  “бурдугу  уорбут”  диэн  үҥсэннэр,  аҕабытын  милииссийэлэр  кэлэн  ту-
         тан  барбыттара.  Аҕабыт  Бүөтүр  барахсан  ол  барбытынан  эргиллибэтэҕэ.  Ийэ-
         бит  Балбаара  төрүкү  ыарыһах-аһаах  киһи  сытан  хаалбыта,  —  Уйбаан  ыар
         өрдөөҥүнү  санаан  куолаһа  кэһиэҕирэн  ылар.
             —  Ити  1942  с.  сайыныгар  биһиги  уончалаах  оҕолор  атахпыт  батар  гына
         сир-дойду  хайа  хаппыта.  Бэл,  Танда  үрэх  чүөмпэлэригэр  ньуоска  уу  ордуба-
         таҕа.  Син  уһун  олоҕу  олорон  кэллим  да,  итинник  курааны,  аһыҥа  үөн  хой-
         дубутун  кэлин  көрбөтөҕүм.  Ол  да  буоллар  оҕолор  улахан  дьону  кытта  тэҥҥэ
         сылдьан  от  үлэтигэр  үлэлэһэрбит.  Сүөһү  тириититтэн  тигиллибит  түүппүлэ-
                                                                                      85
   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94