Page 90 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 90
лэрбитин харыстаан, сарсыардааҥы сииккэ оҕустарбытын көрдүү атах сы-
гынньах барарбыт. Оҕус сыппыт сирэ, кини хойуута атахпытын дьиктитик
сылытарын билигин да умнубаппын.
“Сор-муҥ соҕотоҕун кэлбэт” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Аҕалара барбытын
кэннэ ханыы, сотору буолаат аны ийэлэрэ өлбүтэ. Быстар күнүгэр, быыс
кэннигэр уҥуох-тирии буолан сытар ийэ барахсан эбэ Маайанан уолун ыҥыт-
тарбыта: — Чэ, тукаам, үчүгэйдик сырыт, ыалдьыма, сүтүмэ... Киһи буол...
— диэхтээбитэ уонна уолун бэйэтигэр тардан ылан оройуттан сыллаабыта,
ити кэннэ: “Чэ, бар, таҕыс...” — диэн, уолуттан хараҕын уутун кистээн улаҕа
диэки хайыспыта.
Андылаах халдьаайытын тумулугар хара буор томтойбута, киһи көмүллэ
сытар бэлиэтэ - тиит баҕана кылбайбыта. Сэрии ыар сылларыгар маннык
араас үрдүктээх, синньигэс, суон баҕаналар үрэхтэр, алаастар халдьаайыла-
рыгар үгүстүк турбуттара. Ол сэрии кэмин курас туоһулара кубарыһа-хараа-
ра хаттылар, үгүстэрэ охтон сири кытта сир буолан сыталлар.
Аҕыс уонча саастаах Маайа эбэни тула биэс тулаайах оҕо хаалбыта. Биир
ыанар ынахтаахтарын Уйбаан икки улахан эдьиийдэрэ көрөллөрө. Атын эдьии-
йин “колхуоһунай интернакка” ыланнар нуорма ас эбинэн, онно үөрэ оту,
тары булкуйан, ууну-хаары аһаан инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан Танда Том-
торугар ыалга дьукаах олордохторуна, 1943 с. кулун тутарга аны эбэлэрэ Маайа
өлөөхтөөбүтэ. Оҕолор дьон буолар аналлара тардан, Алдан өрүс уҥуор түүлээх-
хэ бултуу сылдьар эһэлэрэ Колодезников Михаил Иванович, дьолго, ити кэ-
мҥэ бултаабыт түүлээҕин туттара бөһүөлэккэ киирэ сылдьар кэмэ этэ. Инню
гынан Мэхээлэ оҕонньор эбэлэрин уҥуох туппута, оҕолору бэйэтигэр ылбыта.
Ити 1943 с. сааһыгар өҥ кэлэрэ эрдэттэн биллибитэ. От-мас силигилии
көҕөрбүтэ, буорга түспүт бурдук сиэмэтэ тута кэриэтэ бытыгыраабытынан
барбыта. Уйбаанчык уол эдьиийдэринээн сайынын холкуоска үлэлэһэн, ну-
орма бурдукка тиксэн, эһэлэригэр эҥэрдэһэн ыал буолан олорбуттара.
— Кырдьыга эһэбит баар, кини үлэни кыайар ыһыы оҕонньор буолан
тыыннаах хаалбыппыт, — диэн Иван Петрович билигин эһэтин сылаас-истиҥ
тылларынан ахтар. Ол да буоллар сэрии кэмин ыар сыллара, киниэхэ сүрэх
оспот бааһа буолан олоҕун устата баччааҥҥа диэри аргыстаһан кэллэ. Бу
кини көлүөнэтин дьон барыларын кэриэтэ дьылҕата буоллаҕа.
Уйбаан уол 1948 с. Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, эһэтэ
оҕонньор сүбэлээн, Дьокуускайга учуутал буолаары үөрэххэ туттарса киирби-
тэ. Кинини кытта Баһылай уонна Хонооһой Хотуоһаптар эмиэ ити үөрэххэ
үөрэнэр санаалаахтара. Ол эрээри тыа сирин оскуолатыгар үөрэммит уолат-
тар нуучча тылыгар экзаменнарын кыайан туттарбатахтара. Түспүт ыаллара
сүбэлээн, аны үһүөн тутуспутунан тыа хаһаайыстыбатын техникумугар туттар-
са барбыттара. Манна даҕаны нууччаларын тыла таҥнары тардыбыта. Хата
техникум үөрэҕин чааһын сэбиэдиссэйэ тулаайах уолаттары өйдөөн (уолат-
тартан Баһылайдара эрэ ийэлээҕэ), кинилэр нуучча тылын үөрэтэргэ кыһал-
лалларыгар тылларын ылан, “токур үстэри” туруортаан, үөрэххэ ылбыта.
Түөрт сылынан Уйбааннаах Баһылай агроном, Хонооһой ветеринар идэ-
тин ылан дойдуларыгар үлэлии тахсыбыттара. Оччолорго Уус-Алдаҥҥа икки
МТС баара. Василий Александрович Дүпсүн, Иван Петрович Бороҕон МТС-
гар үлэҕэ анаммыттара. Онон Иван Петрович идэ ылан үлэһит буолбута быйыл
үйэ аҥаарын туолар.
Иван Петрович Колодезников түөрт оҕо тапталлаах аҕата, уон түөрт сиэн
ахтылҕаннаах эһэтэ. Икки сиэнэ үрдүк үөрэҕи бүтэрдилэр. Биир сиэн уола
ыал буолла. Онон Иван Петрович ийэтэ Балбаара “киһи буол” диэбит кэриэс
тылын толордо. Олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр салҕанар.
86

